23.09.2021 | 16:00

Баһаартан сэрэхтээх буолуу ыйа ыытыллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйыгар Саха сирин территориятыгар баар үөрэҕирии тэрилтэлэригэр үгэс буолбут баһаартан сэрэхтээх буолуу ыйа ыытыллар. Тэрээһин сүрүн сыала – оҕолору куттал суоһуур усулуобуйаларыгар хайдах сөптөөхтүк быһыыланарга бэлэмнээһин. Бу туһунан СӨ ЫБММ Кылаабынай управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Сэрэтэр үлэ тэрээһиннэрин чэрчитинэн, «Неопалимая Купина» икона өйдөбүнньүк күнүгэр анаан Куораттааҕы классическай гимназия уонна 31 №-дээх орто оскуола 5-с кылааһын үөрэнээччилэрин ортолоругар ЫБММ регионнааҕы управлениетын сотрудниктара уонна «Всероссийское добровольное пожарное общество» регионнааҕы уопсастыбатын үлэһиттэрэ баһаартан сэрэхтээх буолуу туһунан аһаҕас уруоктары уонна викториналары ыыттылар.  
«Тэрээһиннэргэ 55 оҕо кытынна. ВДПО регионнааҕы уопсастыбатын старшай инструктора Диана Полятинскаяны кытта оҕолорго «Неопалимая Купина» икона устуоруйатын уонна ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ хайдах буолар туһунан кэпсээтибит. Түмүккэ оҕолор баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын төһө билэллэрин бэрэбиэркэлээтибит», – диэн кэпсээтэ СӨ ЫБММ Кылаабынай управлениетын салаатын старшай инженерэ Зинаида Дьяконова.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...