19.02.2021 | 08:41

БАҺААР АҔЫЙААБАТ

БАҺААР АҔЫЙААБАТ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киһи олоҕор икки улахан суоһуур куттал баар. Өлүүнү-сүтүүнү таһынан, баһаартан уонна ууттан дьиэҕиттэн-уоккуттан ытыс соттон хаалыы.

Халаан уута кэлэн ааспытын кэннэ төһө да дьиэҕин чөлүгэр түһэрэ сатаабытыҥ иһин, акылаат алдьаныыта, эмэхсийиитэ, муостаҕын тэллэй сиэн, сиигирэн доруобуйаҥ айгырааһына, малыҥ-салыҥ туһалыыр аатыттан ааһыыта тустаахха барыта ыарахан. Оттон уот, баһаар олох да тугу да хаалларбат, үнтү салаан барытыттан матарар, ону таһынан киһи өлүүлээх дьулаан түгэннэрэ буолаллар.

Уот диэн киһи олоҕор алдьатар да, абырыыр да аналлаах. Былыр-былыргыттан аан бастакы киһи бу орто дойдуга кэлиэҕиттэн уоту ылар ньыманы баһылаабыта. Кини тымныыттан, тоҥууттан харыстыыр, оһох оттон аскын астыыгын, кутааны оттон айах тутан сылаанньыйар саамай сүгүрүйэр Хатан Тэмиэрийэбит буоллаҕа. Хайа киһи тыбыс-тымныыга тоҥон хоочугураан иһэн, оһох турбатыттан буруо тахсарын, кыым көтөрүн, күүдэпчилэнэрин көрөн үөрбэтэх, санаата көтөҕүллүбэтэх буолуоҕай. Сылаас дьиэҕэ киирэн итии үүттээх чэй иһэртэн ордук сылааны, тоҥмуккун таһаарар өссө туох баар үһүө?

Оттон уот өрө салаан, дьиэҕин-уоккун, малгын-салгын былдьаатаҕына, аны төттөрүтүн кинини абааһы көрөбүт, хомойобут, харахпыт уутунан суунабыт.

ЫБММ иһитиннэрэринэн:

2021 сыл олунньу 14 күнүнээҕи туругунан барыта 286 баһаар буолбут, сыл саҕаланыаҕыттан 10 киһи суорума суолламмыт, онтон 2-тэ оҕо, 13 киһи эчэйии ылбыт.

Бу сылга үктэммиппит икки эрэ ый буолла. Ол тухары өрөспүүбүлүкэбитигэр араас улахан баһаардар буолуталаатылар.

Биир нэдиэлэҕэ Дьокуускайга иккитэ мас уопсай дьиэ умайан, иккиэннэригэр киһи өлүүлээх түбэлтэ тахсан турар. Социальнай ситимнэринэн, бассаабынан көмө көрдүүр нүөмэрдэр сотору-сотору кэлэллэр.

Бу хас биирдии биллэрии ким эрэ хараҕын уута, үйэтин ухары муспут баайа, дьиэтээҕи архыыба, туохха да биэрбэт күндү мала-сала буоллаҕа. Турар бэйэлэрэ хаалыы диэн ынырык суол. Сорох баһаарга чугас дьоннорун сүтэрэн аймалҕаннара өссө улаатар, дириҥиир.

Билигин араас кэлии, омук матырыйаалларынан дьиэлэри тутталлар. Умайдаҕына араас куһаҕан сыттаах пластик, дьиэбит иһин-таһын бүрүйэр мааны бэйэлээх вагонкалар, профлист, черепица, о.д.а. уот олус түргэнник сиир дииллэр.

Соторутааҕыта биир дэриэбинэҕэ олус үчүгэйдик, таһаарыылаахтык үлэлии турбут маҕаһыын көрүөх бэтэрээ өттүгэр күл-көмөр буолбутун истэн эрэ хаалбыппыт. Бу ыал көлөһүннэрэ, туох баар дууһаларын ууран туран оҥостубут маҕаһыыннара, хас да киһи үлэтэ аҕыйах чаас иһигэр суох буолбута. Аттынааҕы ыаллар олох таҥнан бэлэм олорбуттар этэ. Ол курдук тыаһа-ууһа, аныгы матырыйаал эстиитэ барыларын олус куттаабыт. Хата этэҥҥэ, тыала суох күн буолан ыалларын таарыйбатах.

Биир билэр ыалым ийэтэ куоракка мас дьиэҕэ олордоҕуна хоспохторо умайан малын-салын, таҥастарын уот сиэн, төһө да ырааттар, санаатаҕым аайы абарабын диирэ. Саамай харыһыйарым оҕолор кыра эрдэҕинээҕи күндү таҥастара, оонньуурдара былдьаммыта диэн кэпсиир этэ.

Оннооҕор дьиэҥ иһигэр кыра малы-салы сүтэрдэххинэ көрдөөн санааҕын-онооҕун онно уураҕын. Ол мал син хаһан эрэ көстөр буоллаҕа. Букатын уокка былдьатыы, көрөн туран матыы диэн алдьархайдаах дьыала.

Уот турбут сиригэр хаттаан дьиэ туттар аньыы дииллэр. Арай олох үчүгэйдик ыраастатан, алҕатан баран арыый да атын сиргэ туттуҥ диэн сүбэлииллэр.

СҮРҮН БИРИЧИИНЭЛЭРЭ

Быйыл буолбут баһаардар сүрүн биричиинэлэринэн, бастатан туран, электрическэй оборудованиены туруоруу, үлэлэтии быраабылаларыгар кэһиилэр – 95, оһоҕу туруорууга уонна үлэлэтиигэ быраабыланы кэһии – 85, уотунан сэрэҕэ суох туттуу – 65, тырааныспары үлэлэтиигэ быраабыланы кэһии – 31.

Электрическэй оборудованиены туттарга баһаар буолбатын туһугар баһаартан куттала суох буолуу сүрүн миэрэлэрин санатабыт:

- Хайаан да сертификаттаах эрэ электрическэй фурнитуранан туттуҥ. Стандартнайа суох розеткалар уонна уһатааччылар баһаар тахсар кутталын хас да төгүл улаатыннараллар.

-  Алдьаммыт-кээһэммит электрическэй прибордарынан туһанымаҥ, манныктартан босхолонуҥ, быраҕыҥ. Ханнык тэрилтэҕэ, ханна оҥоһуллубутун билиэхтээххит, сөптөөх сыалга-сорукка эрэ туттуохтааххыт.

- Бэйэ оҥорбут “жучоктаргытын” ханна да туруорумаҥ, мантан сылтаан уот боруобата итийэр, сыыһа холбонууттан замыкание тахсан дэҥ, оһол, баһаар буолуон сөп.

- Лаампалары умайар матырыйааллартан турар абажурдарынан сабымаҥ, бүрүйүмэҥ.

- Уһатар матырыйаалы (удлинитель)  бастайааннай схеманан уурумаҥ, ону таһынан көбүөр аннынан, дьиэ боруогун устун ыытымаҥ. Алдьаммыт-кээһэммит уһатарынан туттумаҥ.

- Бэйэтэ арахсан хаалар систиэмэлээх ититэр малларынан туттуҥ (ититэр мал аһара итийдэҕинэ эбэтэр охтон түстэҕинэ бэйэтинэн арахсан хаалыахтаах).

Баһаар буолар куттала үөскээтэҕинэ:

Суһаллык баһаарынай харабыл төлөпүөнүгэр 01 диэҥҥэ, суотабай төлөпүөнтэн 112 эрийэҕит, маныаха чуолкай аадырыскытын, араспаанньаҕытын, ааккытын, аҕаҕыт аатын, туох умайа турарын биллэрэҕит.

Баһаарынай чаас үлэһиттэрэ кэлиэхтэригэр диэри дьону, докумуоннары, сыаналаах маллары таһаартыы турар миэрэлэри ыла сатааҥ.

Кыах баарынан баһаары умулларыыга киириэххитин наада: огнетушитель, халыҥ таҥас, уу (манна өйдөөҥ, уунан умулларыаххыт иннинэ уоту-күөһү барытын араарыахтааххыт).

Баһаар кэмигэр түннүктэри, ааннары арыйа сатаамаҥ, түннүк тааһын алдьатымаҥ. Дьиэттэн тахсаргытыгар кэннигититтэн ааны, түннүгү аһаҕас хаалларымаҥ, салгын киирэн уот тарҕаныытын өссө түргэтэтэр.

Баһаарынай чаас үлэһиттэрэ кэлэллэригэр утары тахсан көрсүҥ, дьиэҕэ дьон баарын-суоҕун дуу туһунан, наадалаах иһитиннэриини барытын этиҥ, уот хантан барбытын, онуоха туох миэрэни туттубуккутун кэпсээҥ.

Уон сыллааҕыта буолбут түбэлтэ

Бу түбэлтэни мин билэр киһим кэпсээбитэ. Кини Дьокуускайга буолбут баһаарга бииргэ төрөөбүт убайа уончалаах уолунуун суорума суолламмыттара. Барыта кинилэри таһынан өссө үс киһи өлбүтэ. Оччолорго кини убайа уолун кытта бэйэлэрэ эрэ олороллоро. Кэргэнэ кыыһын кытта дьонугар хоно барбыттар этэ. Алдьархай саҥа дьыл саҕана буолбута. Бу иннинэ кинилэр дьиэлэрэ хаста да умайа сылдьыбыта. Ким эрэ кэлэн түүн “умата сатыыр”, “поджогтуур” диэн ыаллыылар сүбэлэһэн баран дьуһуурустуба олохтообуттара. Ол курдук испииһэк оҥостон эр дьон түүнүн кэтиир-маныыр буолбуттара. Сорохтор, туох диэн эттэҥий, арыгылаан да кэбиһэллэрэ, утуйан да хаалаллара.

Бу дьиэ, этэргэ дылы, турар сирэ “лакомый кусочек” этэ. Куорат киинигэр, халлааҥҥа харбыаласпыт дьиэлэр быыстарыгар 40-с дуу, 50-с дуу сыллааҕы тутуу этэ. Мас дьиэ, икки мэндиэмэннээх. Уопсайдыҥы, уһун көрүдүөрдээх. Ыаллар, бары боростуой үлэһиттэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта олус үчүгэйдик билсэллэрэ. Көмөлөсүһэн, ыксаллаах түгэҥҥэ оҕолорун да хаалларан, ылсан-бэрсэн олорбуттара.

Киһи саамай хоргутара, кыһыйара диэн, мас дьиэҕэ иккис суортаах дьон, арыгыһыттар, кыамматтар олороллор диэн дьаралык баара, билигин да баар. Хаарбах дьиэлээхтэр көһөн кэлбит дьэндэспит таас дьиэлэригэр эрдэ олохсуйбут дьон кырыы харахтарынан кинилэри көрөллөр, сэнииллэр, атаҕастыыр да түгэннэрэ баар.

Ол күн мин кэпсиир киһим өйүгэр-санаатыгар, билигин төһө да уон сыл да аастар, умнуллубат. Саҥа дьыл чугаһаан тэрилтэлэр корпоративтара, бырааһынньыктара бөҕөтө. Арай ол үөрүү-көтүү ортотугар кини эдьиийэ эрийэр, убайбыт дьиэтэ умайан эрэр үһү диир. Онуоха иһиттиэм, истибэтиэм диир да, бииргэ үөрэммит табаарыһыгар эрийэр, кини оччолорго ЫБМ сулууспатыгар үлэлиир. Оруобуна ол баһаарга ыҥырдылар, айаннаан эрэбит, тиийээт да убайгын билсиэм диир. Арыый холкутуйаллар, кэтэһэллэр. Табаарыһа эрийэр, дьон бары тахсыбыттар курдук, оптуобустарга, чугас хочуолунайга киллэрбиттэр диир.

Дьэ ол күнтэн, уһун сүүрбэччэ күнү быһа көрдөөһүн саҕаланар. Ыаллара сорохторо баар этилэр, сорохторо ол күн ончу суохтар этэ, дьиэлэрин уота көстүбэтэ диэн эрэл кыыма үөскүүр. Ханна эрэ бардахтара, сотору биллиэхтэрэ диэн кэтэһэллэр, араас көрбүөччүнү барытын кэрийэллэр. Ол курдук дьоно ууга тааһы бырахпыттыы сүтэллэр, саатар саҥа дьыл уһун унньуктаах өрөбүллэрэ буолан быыһааччыларбыт сынньаналлар эбит. Онуоха наһаа абараллар, онтон тэлэбиисэргэ, ханна эрэ омук сиригэр дуу, тас дойдуга дуу сир хамсаата, алдьархай буолла да сонуннарга кинилэри чиэстээн-бочуоттаан, дьоруой оҥорон көрдөрөллөр дии. Өрөбүл эрэ, сах эрэ, тута тиийэн көрдүүр-ирдиир, көмөлөһөр үлэлэри ыыталлар. Оттон биһиэхэ суох, бэйэлэрэ луом, хойгуо тутан, табаарыстарын, доҕотторун көмөлөрүнэн умайбыт, уунан ыстарыллан тоҥмут дьиэ оннун хас биирдии муннугун хаһан көрдүүлллэр. Ол курдук 16–с эрэ күннэригэр булаллар. Оҕо барахсан олох тахсар аан аттыгар сытаахтыыр эбит.

Дьэ ити курдук олус хомолтолоох, хараастыылаах түбэлтэни билэр киһим кэпсээн турар. Билигин ол умайбыт дьиэ оннугар олус кыраһыабай дыбарыас курдук дьиэ дьон уҥуоҕун, күлүн-көмөрүн үрдүгэр тутуллан турар. Онно киһим эппитинэн, убайын биир тоноҕос уҥуоҕун эрэ булан көмпүттэр этэ, атына ол дьиэ анныгар сытаахтаатаҕа...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...