17.04.2020 | 10:25

“Баһаалыста, дьиэҕитигэр олоруҥ”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Медиктэр социальнай ситимнэргэ: “Биһиги эһиги тускутугар үлэбитигэр хаалабыт. Эһиги биһиги туспутугар дьиэҕитигэр олоруҥ”,- диэн флеш-моб ыыттылар. Чахчы, билигин ыарахан эпидемияны утары охсуһуу инники кирбиитигэр үрүҥ халааттаах аанньаллар тураллар.

Саха сирин быраастара эмиэ бу флеш-мобка кыттыһан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун “самоизоляцияҕа” олорорго ыҥырдылар. Оттон поликлиникаларга ыарыһахтары дьиэҕэ тиийэн көрүү ньымата ордук туһаныллар буолла. Холобур, Дьокуускайга 1-кы нүөмэрдээх поликлиника 554 үлэһититтэн 377 эмчитэ дьону дьиэҕэ көрүүгэ көспүт. Поликлиникаҕа бэйэтигэр улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго суһал көмө кабинеттара үлэлииллэр. Ыарыһахтарга дьиэнэн сылдьар биригээдэлэр тэриллибиттэр. Коронавирус сэрэйилиннэҕинэ, суһаллык анал биригээдэ тиийэр. 1 саастарын туола илик оҕолору уонна хат буолбут дьахталлары учаскуобай быраастар дьиэҕэ тиийэн көрөллөр. Чэпчэтиилээх эми ылар араҥаҕа быраастар уонна сиэстэрэлэр эмтэрин илдьэн биэрэллэр.

Инбэлииттэр сыллата ааһар хамыыһыйаларын ыраахтан олорон ааһыахтарын сөп – докумуоннарын МСЭ бюротугар ыыталлар.

Дьокуускай поликлиникаларыгар быраастар ыарыһахтары дьиэлэринэн кэрийэллэригэр анаан СӨ Бырабыыталыстыбатын массыыналара көмөҕө кэлбиттэрэ.

Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ бары саҥа эпидемияны утары үлэҕэ суһал үөрэҕи аастылар. Үлэ чааһын кэнниттэн эмчиттэри дьиэлэригэр таһыы тэрилиннэ. Сорох эмчиттэри дьиэлээхтэриттэн тэйитэн, гостиницаҕа олордор ньыма эмиэ олохтонно. Дьокуускай куорат Үөрэххэ салаатын көҕүлээһининэн, медиктэр оҕолоро суукканы эргиччи үлэлиир оҕо саадыгар сылдьар кыахтаннылар. Балыыһалар саастаах үлэһиттэрин уоппускаҕа ыыттылар.

Оттон үтүө санаалаах дьон эмчиттэргэ ким туох кыахтааҕынан көмөлөһөр. Ол курдук, киин куоракка бэлэм аһы аҕалан биэриинэн дьарыктанар сулууспалар коронавируһу утары үлэлии сылдьар эмчиттэргэ босхо ас таһаллар. Ол аата кинилэртэн ас сакаастаан аһаабыт дьон, эмчиттэргэ барар ас сороҕун уйунабыт, үтүө дьыаланы оҥоробут.

Индрайвер таксига медиктэр сакаастара көстөр гына, анал бэлиэ тахсан кэлэр гына оҥоһулунна – таксист бэйэтин баҕатынан эмчити буор-босхо эбэтэр чэпчэтиилээх тарыыбынан тиэйиэн сөп.

Иммунитеты хайдах күүһүрдэбит

Киһи иммунитета ийэ иһигэр үөскүөҕүттэн сайдан барар. Ол эрэн олох укулаата хайдаҕыттан доруобуйа туруга олус тутулуктаах. Иммунитет үлэтин, бастатан туран, күннээҕи аһылык сүрүннүүр. Аһылыкпыт иҥэмтиэлээх, туһалаах битэмииннэрдээх буолуохтаах. Натуральнай эт, балык, үрүҥ ас доруобуйаҕа туһалаахтар.

Белок, углеводтар уонна сыа – күннээҕи аһылыкка хайаан да баар буолуохтаахтар. Диетологтар сүбэлииллэринэн, кэлбэккэ-барбакка дьиэ иһигэр хааллан олорон бурдук астан, фастфудтан, минньигэс астан аккаастаммыт ордук. Бу ааттаммыт астар бары чэпчэки углеводтар буолан, киһи сиэтэҕинэ, түргэнник аччыктыыр, ол иһин уойарга барар.  Уустук углеводтар – кытаанах бурдуктан оҥоһуллубут мохоруону, отруби булкаастаах килиэби сиир табыгастаах. 

Күннээҕи аспытыгар хайаан да сыа баар буолуохтаах эбит. А, D, Е, K битэмииннэр балык, эриэхэ сыатыгар бааллар.

Иммунитеты сайыннарар туһугар саамай сүрүнэ уубутун хана утуйуохтаахпыт. 7-8 чаастан кырата суох утуйабыт уонна, төһө кыалларынан, эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥоробут.

Блогердарга итэҕэйимэҥ

Билиҥҥи блогердар, медицинэҕэ сыһыана суох да буоллахтарына, араас сүбэни-аманы тарҕатар идэлээхтэр. Биир биллэр блогер “имбирдээх чэй истэххитинэ, коронавирус сыстыбат” диэбитигэр, имбирь хамаҕатык атыыга барар буолан хаалбыта. Дьокуускай фрукта атыылыыр лааппыларыгар, билигин имбирь киилэтэ 500 солк. тиийдэ. Оттон официальнай медицинэ имбирь туһатын бигэргэппэт.

“Карантин” кэмигэр күннээҕи эрэһиими тутуһабыт, дьиэбитин сөп буола-буола салгылатабыт, сөрүүн ууга душтаныахха сөп.

Куһаҕан дьаллыктартан аккаастанарга саамай тоҕоостоох кэм кэллэ. Табахтааһын, арыгылааһын доруобуйаны айгыратар дьаллык буоларын бары билэбит. Оттон кутталлаах дьаҥ тарҕаммыт кэмигэр, буортута өссө улаатыан сөп.

Коронавирустан сылтаан күүрэр, араас сураҕы истэ-истэ ыгылыйар, аһара куттанар наадата суох диэн психологтар сүбэлииллэр. Кылаабынайа, чугас дьоҥҥутун харыстааҥ. Туох эрэ саҥаҕа үөрэниҥ, гаджеттары баһылааҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...