02.11.2020 | 09:27 | Просмотров: 328

Баҕа санаабыт туолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги дьиэ кэргэн 2015 сыллаахха Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр, Короленко уулуссатыгар кыбартыыра ылыммыппыт. Биир сылынан киирэр диэн  долгуйа күүппүппүт...

Ол дьоллоох күммүтүн оруобуна төгүрүк түөрт сыл кэтэстибит (саамай кыһалҕалаах дьиэ диэн аатыра сырытта). Ити киириэ, бу киириэ диэн куруук эрэннэрэн иһэллэрэ. Бастаан утаа итэҕэйэр этибит уонна хайыахпытый, кэлин тиһэҕэр ээ, хантан дии саныыр буолбуппут.

Быйыл атырдьах ыйыгар хамсааһын саҕаламмыта, эрэл кыыма саҕыллыбыта. Соторутааҕыта өр күүппүт баҕа санаабыт туолла! Дьиэбитигэр киирэр үөрүүлээх күммүт үүннэ!

Куорат баһылыга Сардана Владимировна Авксентьева бу дьиэ киирэригэр улахан күүс-көмө, өйөбүл буолла. Киниэхэ биһиги дьиэ кэргэн аатыттан хаһыат нөҥүө барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инникитин  саха норуотун туһугар бу курдук куруук бэриниилээхтик, эрэллээхтик, үлэлии-хамсыы сылдьаргар баҕарабыт.

Сардана Захарова, Дьокуускай

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.