06.10.2022 | 09:30

Баҕа санаа олоххо киириитэ

Баҕа санаа олоххо киириитэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Үрдүк таһымнаах исписэлиис буоларга баҕа санааттан уонна дьоҕуртан ураты бары өрүттээх өйөбүл наада. Людмила Николаева салайааччылаах СӨ художественнай гимнастикаҕа федерацията спорт министиэристибэтин өйөбүлүнэн тус сыаллаах үөрэх бырагырааматын көхтөөхтүк сайыннарар. Үлэ эдэр гимнастары өйүүргэ уонна Саха сирин тренердэрин састаабын бөҕөргөтөргө туһуланар. 

Виктория Андрющенко П.Ф. Лесгафт аатынан университеты бүтэрбит тус сыаллаах үөрэх бырагырааматын кыттааччыта. Кини спорка остуоруйата кыра сааһыгар, художественнай гимнастика секциятыгар ылыы туһунан биллэриини алҕас көрбүтүттэн, саҕаламмыта. Бастакы дьарыкка кинини эбэтэ илдьибитэ, онтон ыла кини инники дьылҕата чопчу түстэммитэ. Виктория инники идэтин талар быһаарыылаах кэмэ кэлбитигэр художественнай гимнастикаттан ураты атын эйгэҕэ барбатын өйдөөбүтэ.

Дойду бастыҥ кыһатыгар

Виктория П.Ф. Лесгафт аатынан университекка үөрэнэ киирбитэ. Онно «Гимнастика теориятын уонна методикатын» кафедратын профессорынан Арассыыйа  сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тренерэ Ирина Винер-Усманова буолар. Чуолаан бу кафедраҕа Саха сирин кыргыттара тренер уонна преподаватель идэтин баһылыыллар. Санкт-Петербургтааҕы университет дойдуга биир саамай кырдьаҕас үөрэх кыһата буоларын таһынан, үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин ортолоругар физкультура уонна спорт эйгэтигэр саамай элбэх идэлээҕинэн биллэр. Манна уопсайа 500-тэн тахса устудьуон гимнастика араас көрүҥэр күнүскү үөрэххэ уонна кэтэхтэн салааҕа уһуйуллар.

Виктория Андрющенко физкультура учууталын идэтин эрэ буолбакка, чопчу хайысханы баһылыырга дьулуһан бу үөрэх кыһатын талбыта. Бастаан утаа төлөбүрдээх үөрэххэ туттарсан киирбит эбит буоллаҕына, аныгыс сылыгар өрөспүүбүлүкэ художественнай гимнастикаҕа федерацията тус сыаллаах үөрэххэ көһөргө этии көтөхпүтэ. Онуоха Виктория, өр толкуйдуу барбакка, үөрүүнү кытта сөбүлэспитэ. Үөрэҕин бүтэрээт, Дьокуускайга төннөн кэлэн, тренердээн саҕалаабыта. Бу иннинэ 3 сыл устата оҕолору эрчийбит буолан, үлэтигэр ыарахаттары көрсүбэтэҕэ.

«Мин оҕолорго бырагыраама оҥорооччубун, уобуруч, мээчик, булава уонна лиэнтэлээх эрчиллээччибит, араас дьарыктары оҥорооччубут. Өссө күрэхтэһиигэ судьуйа быһыытынан кытта сылдьыбытым», – диэн Виктория кэпсиир.

Кыргыттарга саҥа бырагыраамалар

Билигин Виктория Андрющенко художественнай гимнастикаҕа Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын тренердэрин састаабыгар түбүгүрэр. Кинини кытта эдэр спортсменнар саҥа бырагырааамалары үөрэтэллэр, эрчийиилэри баһылыыллар. Күрэхтэһии сезона саҕаланыан инниттэн 6 киһилээх сүүмэрдэммит хамаанда туруга үчүгэй, кыргыттар спортивнай формаларыгар киирэллэр. Виктория этэринэн, хас биирдии спортсмен үчүгэйдик дьарыктанарыгар, бигэ туруктаах буоларыгар сөптөөх сыһыан уонна көҕүлээһин улахан суолталаах. «Холобура, кимиэхэ эрэ санаатын көтөҕөн сүбэ тыл этиэххэ наада, онтон кимиэхэ эрэ, төттөрүтүн, кытаанах сыһыан ирдэнэр. Иитиллээччилэрбэр ааттаах-суоллаах спортсменнары холобурдуубун, тоҕо диэтэххэ кинилэр биһиги курдук кыраттан саҕалаабыттара», – диэн Андрющенко бэлиэтиир.

Виктория Андрющенко тус сыаллаах үөрэххэ уһуйуллубут соҕотох өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо буолбатах. Холобур, күн бүгүн П.Ф. Лесгафт аатынан физическэй култуура, спорт уонна доруобуйа университетыгар Саха сириттэн Мария Шпагина үөрэнэр. Быйыл Нерюнгриттан сылдьар художественнай гимнастика спортсменнара Анастасия Харахардина уонна Марина Чичкина эмиэ Санкт-Петербургтааҕы национальнай судаарыстыбыннай университекка үөрэнэ киирбиттэрэ. Кыргыттар өрөспүүбүлүкэттэн тус сыаллаах үөрэх бырагырааматынан уһуйуллаллар. Художественнай гимнастика федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева бэлиэтииринэн, кинилэр сыаллара-соруктара биир – төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэригэр кэлэн, тренеринэн үлэлиэхтэрин баҕараллар.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин художественнай гимнастикаҕа федерациятын пресс-сулууспата

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...