Бүтэһик эргиир
Эдэр сааспар сүтэрбит доҕорум Марина сырдык кэриэһигэр аныыбын.
ДОЛУН
1989 сыл. Ыам ыйын 13 күнэ. Фараларын уотунан сааскы киэһэ барык-сарык хараҥатын хайа тыыран сырдатан, кип-киэҥ айан суолун "биһиги эрэ" диэбиттии олоччу баһылаан, матасыыкыллар иннилэрин диэки түһэн куугунатан иһэллэр. Түргэннэрэ сүрдээх. Иһийэн турбут хара тыа мотуордар тыастарыттан өрө сатараан, ньирилии олорор. Саҥа кутуллан оҥоһуллубут асфальт суол иирбиттии эргийэр көлөһөлөр анныларынан быыстала суох элэҥниир. Нэксиэтэ, оҥхойо суоҕа үчүгэйэ сүр, бу "полигон" эдэр дохсун уолаттарга аналлааҕын курдук.
Бу инники иһэр күүстээх бэриэччит бөлөҕү кыыс оҕо мэҥэстиилээх, рокерскай оҥоһуулаах үрдүк саһархай матасыыкыл кэннилэриттэн ситээри ыкса кэллэ. Хара тирии кууркалаах, күөх кааскалаах эдэр уол иннилэригэр киирээри, суолтан туорааҥ диэбиттии, фаратын чыпчыҥнатан бэлиэ биэрдэ. Ким да халбарыйар санаата суох, хата, мэһэйдээн көлөлөрүн туора-маары салайан, дьээбэлэнэн оонньоон ылаллар. Саһархай көлө өссө биирдэ сигналлаан көрдө. Суох, истибэттэр, туһата суох. Уол кыһыйан сымыһаҕын быһа ытырда уонна уоһун иһигэр ботугураата:
- Өссө туораабаттар, бу сырыыга дьэ хайабыт кыайан, Король трассы буолар, - диэт, ханна, туохха бу үлүгэрдээх ыксыырын бэйэтэ да билбэккэ (дьиҥинэн "рокердар" бэйэ-бэйэлэрин кытары бэрт былдьаһаллар буоллаҕа), санаа хоту чэпчэкитик хамсыыр уруулун бобо тутан, гааһын абарбыттыы эрийэн биэрдэ. Спидометр стрелката тута сүүс сүүрбэҕэ тиийэ оҕуста. Чехославскай "Ява - Спорт" тыаһа кытары уларыйан, туох баар кыаҕынан тэбинэн, илин көлөһөтө асфальтан кутталлаахтык тэйэ-тэйэ көтөн иһэр курдук элээрдэ. Уоллаах кыыс үтүктүспүт курдук, биир мөкөчөк курдук кумуччу тутуннулар, бэйэ-бэйэлэригэр ыгыта сыстыһан хаптайдылар. Суол кырыытынааҕы боруоран көстөр от-мас сурааһын буолан сыыйылынна, кулгаахтарыгар мэник тыал кинилэри сэрэтэрдии иһиирдэ. Синньигэс саһархай покрышка, иннинээҕи фара уотун сырдыгын батыһан, биллэр-биллибэттик үөһэ-аллара дьигиҥнээн ылар. Бастакы түспүт матасыыкыл күүһүн ыллар ылан, спидометрын көрдөрүүтэ сүүс түөрт уоҥҥа тиийэ анньан, көбүс-көнө "полигон" сыыдам тыаллыын тэҥҥэ куоталаһан, ытыллыбыт охтуу дыыгыныы куһуурда турда.
Саһархай матасыыкылы тилэх үктэһэн эккирэтиһэн испит көлөлөр бииртэн биир хаалан, уоттара-күөстэрэ айан суолугар унаара тарҕаммыт буруо быылын күдэнигэр сүттэр сүтэн, симэлийэн истилэр. Ити курдук, куоталаһааччылар дуу, киһиргэстэр дуу, субу-субу кэлэн ааһар, кинилэртэн олуһун дьиксинэн ыраахтан туораан биэрэр айан массыыналарын быыстарынан хас эмэ уонунан биэрэстэни суксуруһан, батысыһан, акаарытык оонньообута буолан элээрдилэр...
Бу кэмҥэ саһархай матасыыкыллаах уол утары иһэр массыына уотуттан хараҕа саатан, тосту эргиир кэлбитин өйдөөбөккө да хаалла. Туормастаан да туһата суоҕа."Ааһар инибин" диэн чыпчылҕан түгэнэ быстах санаа киниэхэ элэс гынна.
- Маша-аа, иҥнэйдиби-ит, - уол кыыстан көрдөспүт хаһыыта куугун быыһыгар иһилиннэ.
Кэннигэр мэҥэстэн олорор кыыс кутталыттан хаһыыны отой да истибэтэ, иҥнэйсэн биэрбэккэ, тирии куурканы өссө ыбылы кууста.
- Ма-м-а! - диэн хаһыырда.
Бу сөкүүндэ дэһээтэйэ ыксаан уолуйуу эдэркээн олохторугар өлүүлээх иэдээни аҕалла. Матасыыкыл эргииргэ килэгир тааска инники көлөһөтүн халты даҕатан, туругун сүтэрэн, олоҕо хамсаан куймаҥнаан ылла. Уол илгиэлээбит уруулу кыайан туппакка, илиитэ титирэстээт, суол кырыытыгар турар "зебра" баҕананы көрдө көрбүтүнэн тиийэн уҥа атаҕын халты оҕустарбытын өйдөөбөккө да хаалла. Уол кулгааҕар кыыс ынырык кыланыыта үөһэттэн иһиллэн ааста.
Матасыыкыл баран испит күүһүгэр хоолдьуга туора эргийэн, асфалламмыт суолга быта курдук бытарыйбытынан, хаста да өрө көтө-көтө дьиикэйдик эһиллэн, уота-күөһэ чыпчыҥнаабытынан салгыҥҥа кулахачыйда. Дьонун аһыммакка онно-манна туора-маары илгиэлээт, үлтү кумаланан, айан суолун кырыытынааҕы ханаабаҕа хаһыырбытынан хампы түстэ. Ииригирбит мотуора кыратык бурдурҕаат, оҥоруохпун оҥордум диэбиттии умуллан хаалла. Итийбит турбатыттан быыһылаабыт паар иҥсэлээхтик сыыгыныы сырдьыгынаата.
Өрө көтөҕүллүүлээх олбох уонна үрдүк өйөнөр кыыһы тэбэн кэбистэ, онто сиэртибэни кэтэһэн сытар таас суолга төбөтүнэн тиийэн ньиччи түстэ. Кэтэ сылдьар кыракый кааската өстүөкүлэ тааһыныы бытарыйа ыһылынна...
Көтүүттэн дөйбүт уол биирдэ өйдөммүтэ - тыраасса кырыытыгар суолу биир гына ыһыллыбыт матасыыкылын киэргэл сэмнэҕин быыһыгар хааныгар чачайа бөтүөхтүү сытар эбит. Сиһэ, түөһэ хамсаппат үлүгэрдик хам туппуттар, эбиитин абыраллаах кааската туура ыстанан, хайа түспүт төбөтүттэн кытархай убаҕас тохтоло суох хараҕын бүөлүү сүүрэрэ. Кэнниттэн ситэн кэлбит доҕотторун көлөлөрө чаҕылхай уоттарынан кыламнаһан, күөх буруолара, бурҕачыйан, дыыгынаһан, охтубут уоллаах кыыс аттынан элэҥнэстилэр. Сотору гаастарын быраҕан, суолга харааран сытар кыыс таһыгар эргийэн кэлэн тохтоотулар. Көлөрүттэн ойон түһэн кыыһы туруора сатаатылар быһыылаах, тула туран тугу эрэ мучумааннастылар... Сорохтор аймана, уолу быыһыы сүүрдүлэр.
Ваня туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө, өһөҕүнэн өҕүйэ-өҕүйэ нэһиилэ тобуктаан туран иһэн, мэйиитэ эргийэн, кырыыбалыы охтон түстэ. Алдьархайдаах ыарыы сүнньүгэ биэрэн, хараҕыттан уот сардырҕаата, сирэ кулахачыйда. Дьиктиргээн, алын диэки көрбүтэ: кроссовкалаах уҥа атаҕа сототунан олох быстан, тириититтэн эрэ иҥнэн салыбырыы сылдьара. Тостубут уҥуоҕа ыстаанын дьөлө көтөн тахсан, былтайа чоройоро. Уол хааннаах кытаанах чороҕору таарыйан көрдө. Бастакы санаата "киһи уҥуоҕа силиитэ суох буолар эбит дуу" диэн этэ. Ыарыыта итиитигэр тута биллибэккэ, ону-маны санатан эрдэҕэ. Онтон кыыс эрэйдээх уолтан отучча миэтэрэ тэйиччи, этэ-сиинэ илдьи кумаланан, муннунан, айаҕынан хааннаах күүгэн сыыйылла тохто суолга умса түһэн, тыын быһаҕаһынан хардыргыы сытта. Мотуордар тыастарыттан сатарыы, ньирилии турбут бүдүгүрэн көстөр хара тыа, эдэр оҕолор олохторо быстан эрэрин көрөн, чуумпура, иһийэ боруорда.
Сорох уолаттар матасыыкылынан уота сандааран турар дэриэбинэҕэ быраас көрдүү тэптэрдилэр. Суолга хаалбыттар тугу да гыныахтарын билбэккэ, эчэйэн сытааччылары тула аймана сырыттылар. Ааспат алдьархай тахсыбытын билэн, барыларын харахтарыгар куттаныы, уолуйуу уота умайбыта. Соҕуруу дойду дохсун рокердарын үтүктэн оонньообуттара оҕус буолла. Ол кэмҥэ суолга араас техника кэлэн, дьон тоҕуоруста: сорохтор хаайтардылар, атыттар алдьархайы көрөн сонурҕаатылар. Биир уол кыыһы суолтан туоратаары көтөҕөн көрбүтэ, олох хааннаах куулу тутар курдук ибис инчэҕэй. Бу ынырыктан этэ тардан, түргэн үлүгэрдик сэрэнэн миэстэтигэр уура оҕуста. Суол кырыытыгар хапсыллан ынчыктыы сытар уолга биир табаарыһа кэлэн ,төҥкөйөн туран:
- Ваня, мөлтөөн биэрдиҥ дии, хайдах бырахтаран кэбистиҥ? - диэн ыйыта сатаата.
Киһитэ тугу да саҥарбакка, кини диэки мээнэнэн көрдө. Эчэйии итиитэ ааһан, хаанынан устан, алдьархайдаах ыарыы сиһинэн кэтэҕэр диэри ньиргийэн өй-мэй бара сытар уол уоһун иһигэр күлэн эрэ кэбистэ. Ол кэннэ, тугу эрэ өйдөөбүттүү, аргыый аҕай хамсанан тимир тиһиликтэрдээх кууркатын устан ырычаахтаста. Умса эргийэн, тэйиччи боруоран сытар кыыс диэки сыылла сатаан илиитинэн анньынан көрдө. Хааннаах ытыһынан килэгир таас суолга онтон мантан харбыалаһа сатаата да... Сэниэтэ тиийбэккэ ынчыктаан ылла. Уоһун иһигэр:
- Маша-аа, миигин, акаарыны, бырастыы гын, көрдөһөбүн, - саҥа иһиллэргэ дылыта.
Ханна эрэ тэйиччи, бу дьиктитик иһийбит тыа быыһыгар, Иэйиэхсит Хотун ытыыр курдуга.
Чаас курдугунан бөһүөлэктэн ыксаабыт матасыыкыллар элээрдэн кэллилэр. Быраас аҕалбыттар. Маннык быһылааҥҥа хаһан да түбэспэтэх, тугу да билбэт, үлэлээбэккэ наар оҕотун эрэ көрөн олорбут быраас дьахтар ытаан айманна, тугу да гыныан булбата. Кыыстаах уолга укуол туруора сатаата быһыылаах, ол быыһыгар аймана-аймана хаам да хаам буолла, оҕолортон "арыгы испиккит дуо?" диэн ыххайан ыйыта сатаата:
- Эн... эн... эн... кэлиҥ эрэ манна... миэхэ утары тыыныҥ эрэ... суох... суох эбит... барыҥ, балартан сыт кэлбэт, - ити курдук барыларын кэрийтэлии сылдьан айахтарын сыттаталаата. Саамай бүтэһигэр Ванялаах Машаны кэлэн тиҥсирийэн көрүтэлээтэ: “Бу оҕолортон туох эрэ сыта кэлэр, быһыыта, арыгы дуу, одеколон дуу...” - буруйдаахтары кыайан булбакка, кини да буоллар, кыратык мунаахсыйан ылбыта.
Суолга мээнэ хаамыталыы, буккулла сылдьар отуттан тахса матасыыкыллаах уолаттар уонна кыргыттар арыгы испит дуу, испэтэх дуу буоллахтарына туох эрэ эмискэ уларыйыахтааҕын курдук быһыыланна. Мустубут дьон бэркиһээн тугу да саҥарбатылар.
Тыын суолталаах бастакы көмө оҥоһуллар былдьаһыктаах күндү кэмэ бардар баран иһэрэ... Онтон учаастактааҕы быраас тугу да кыайан көмөлөспөккө, кумааҕытыгар эбиискэни бичийээри айах сыттыы сырыттаҕа...
- Бу оҕо атаҕын көннөрбүт киһи, - диэт туһата суох хапсыгыр суумкатын хастыбыта - биинтэ олох да суох эбит. Дьиэтигэр таһыччы умнан кэбиспит.
Хайыай, хаппыт мас тутан, үүйэн кирдээх тэрэпиискэ быаннан баайан кэбистэ. Хаан бобор жгутун үөһэннэн баайыахтааҕын, ыксаан аллараннан тарта, ол кэмҥэ уол да, кыыс да өйө суох сыттылар. Оннук айманан, хойут иккиэннэрин бөһүөлэктэн көрдөһүү бөҕөннөн көстүбүт эргэ "Москвичка" нэһиилэ тиэйэннэр киинтэн утары иһэр көмө массыынаҕа тоһуйа ыыттылар.
Саахал буолбут сириттэн сүүрбэһис килэмиэтиргэ "суһал көмө" массыынатын утары көрүстүлэр. Элбэх дьону быыһаабыт, маннык эчэйбиттэри элбэхтик таспыт уоппуттаах көмө бырааһа кыыһы көрөөт да, киһи буолбатын сэрэйдэ. Рацияннан балыыһаҕа биллэрэн, иккиэн ыарахан туруктаахтарын эттэ. Арыалдьыт буолан барсан иһэр ыга куттаммыт табаарыс уолларыгар нашатырнай испиири туттаран кэбистэ:
- Маны доҕоруҥ муннугар даҕайа анньан уһугуннара ис, олох утутума, - диэтэ.
Ваня өйүн сүтэрэн түҥ-таҥ буоллаҕына, табаарыһа флакон туппут илибирэс илиитинэн тыын киллэрэ сатыы олордо. Оттон кыыс этэ-сиинэ умуллан бүтэн эрэрин көрөн, эдэр дьон олус кутталлаах оонньуунан, матасыыкылынан ииригирэн олоҕу сыаналаабаттарыттан кэлэйэн, быраас дьахтар саҥата суох өрө тыынна, төбөтүн быһа илгиһиннэ.
Кинилэр оскуолаҕа бастакы кылаастан онуска диэри бииргэ үөрэммиттэрэ. Уол онус кылааска үөрэнэригэр олох саҥата-иҥэтэ суох, хап-хараннан чоҕулуччу көрбүт кыра хатыҥыр кыыс кини диэки хараҕын хатыырын сэрэйбитэ. Ол кэннэ Ваня кинини утары көрдөҕүнэ, бэйэтин оҕотук сүрэҕэ дьиктитик хамсаан, долгуйан ыларын билбитэ. Баҕар бу бастакы оскуолатааҕы ыраас таптал буолуо. Олох суолугар саҥардыы үктэнэн эрэр икки кылааһынньыктар ону сэрэйбэтэхтэрэ, көннөрү чугастык, сылаас эрэ сыһыанынан бодоруспуттара. Кыыс оскуола кэнниттэн оччотооҕу кэм хайысхатынан (оскуола-производство-үрдүк үөрэх) төрөөбүт совхоһугар ыанньыксытынан киирбитэ. Саҥардыы эт тутан ситэн эрэр эдэркээн кыыс уопсай хотон дьаардаах сытыгар умса анньыллыбыта, оттон уол куоракка салгыы үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ барбыта. Кинилэр хам-түм суругунан эрэ билсэллэрэ.
Арай биирдэ Ванялаах Маша олохторугар умнуллубат түгэн үүммүтэ. Дойдутун аһара ахтыбыт уол куораттан дэриэбинэҕэ тахсаат, автобус тохтобулугар кыыһын кытта ыы муннунан кэтиллэ биэрбитэ. Иккиэн соһуйан күлсүбүттэрэ. Маша үлэтиттэн кэлэн иһэр быһыылааҕа, ол иһин эбитэ дуу, куораттыы таҥастаах мааны уолга чугаһаабакка, тэйиччи соҕустан кэпсэппитэ. Улахан хара хаатыҥкатыттан кыбыстан, хаары хаһыйан тэбиэлээн, кистии сатыырдыы күрдьүгү тэпсибитэ. Кинилэр ахтыспыт харахтарынан имэрийсэ туран, киэһэ үҥкүүгэ көрсүөх буолан үлэспиттэрэ.
Ваня кыыһы дьиэтигэр диэри атааран биэрээри гыммытын, Машата аккаастанан, саҥата суох төбөтүн быһа илгистибитэ. Туохтан эрэ санаата түспүт, мунчаарбыт курдуга. Ол кэннэ кини куруолук бэргэһэтин уонна эриэн килиэккэ сонун кэппитинэн, лаампа уотун сырдыгар арыаллатан, дьиэтин диэки бара турбута.
Кулууп. Бөһүөлэк салҕааһыннаах мас дьиэтэ. Бүгүн эмиэ бу дьоллоох биһик биэс кирпииччэ оһоҕун хачыгаар Хабырыыс тигинэччи оттон, кулууп иһэ бып-бырылас. Аан таһынааҕы кыараҕас фойеҕа тыа сирин эдэр ыччата, киирии-тахсыы, үөрүү-көтүү. Кулууп өһүөтүн кыйа эргийбит чыпчыҥныыр лаампа бытархай уотун даҕаһан, "Мираж" бөлөх ыллыыр ырыата кулууп хараарбыт эркинин кыттары сатарытар: "Видео, видео, это не сказки, это не сон".
Киэҥ сааланы эргиччи сааһыламмыт өйөнөрдөөх ыскамыайкаларга Ванялаах Маша тугу эрэ кэпсэтэ, утарыта көрсөн олорбуттара. Тулаларыгар туох баарын умнан, куустуһан турбуттара.
- Маша, саас ыам ыйыгар кэлиэҕим, күүтээр, - саҥа иһиллибитэ.
- Сөп, күүтүөҕүм, Ваня, кэлээр.
- Маша, мин эйигин тап... - сипсийиини сырылаабыт тоҥ салгын хам туппута.
Бастакы уйан таптал, бастакы сылаас сыһыан кэбирэх, мөлтөх даҕаны эбит. Тымныы уорааннаах салгыҥҥа киэҥник, аһаҕастык иһиллибэккэ, тапталы билинэр иһирэх тыл кыайан саҥарыллыбакка кыһыҥҥы дьыбардаах уулусса үрүҥ хаарын күдэригэр симэлийэ сүппүтэ. Оо, төһөлөөх элбэх эдэр саас тапталларын ситэ эппэккэ, сүрэхтэригэр бүк суулаан, бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллара буолуой?
Саас. Ыам ыйа. Бүгүн "Таастаах" ферма ынахтара, туохха эрэ ыксаабыттыы, иэдээни биттэнэн эбитэ дуу, эрдэ кэлбиттэрэ. Ону кытары ыанньыксыт кыргыттар, тэлибирээбит былааттарын төбөлөрүгэр хам баанан, биэдэрэлэрин таҥкынаппытынан титиик диэки тэбиммиттэрэ. Сотору мотуор тыаһа дырылаабыта. Үүт аппарааттара ыксаабыттыы ынахтар ыанньыйбыт синньилэрин иҥсэлээхтик оборон сыыбырҕаабыттара.
Ванялаах доҕор уолаттарыныын мааҕын күнүс матасыыкылынан эрдэ кэлэн кыргыттарга көмөлөспүтэ, ынах ыаспыта буола сылдьаллар. Киэһэ бары биирг мустан, сүүсчэкэ килэмиэтир тэйиччи турар Дьокуускай таһынааҕы бөһүөлэккэ үҥкүүгэ барыахтаахтар уонна таарыччы рокердар тусовкаларыгар барыхтаахтар - түмсүүттэн ыҥырыы сурук кэлбитэ.
Бүгүн субуота. Ваня ынах үүтүн учуотчук кыыска илдьэн туттарда. Төннөн кэлэн Машата үлэтин миэстэтин наһаа кичэллик ыраастыырын хайгыы көрө олордо...
Бүгүн ураты күн. Бу субуотаҕа кинилэр иккиэн эрэ сылдьыахтара, матасыыкылынан хатааһылыахтара, дискотекаҕа сылдьыахтара, үҥкүүлүөхтэрэ, сиэттиһэн хаамыахтара. Мааҕын бииргэ ынах ыы сылдьан, харахтарын утарыта көрсөөт, иккиэн барытын өйдөөбүттэрэ. Ванялаах Маша аны хаһан да арахсыахтара, тэйиччи сылдьыахтара суоҕа, мэлдьи буолуохтара, кинилэр дьоллоохтор даҕаны.
Киэһээҥҥи ыам кэнниттэн түргэн муҥунан аһыы охсон, бары түмсэн, матасыыкылларынан ыксаабыттыы тэптэрбиттэрэ. Ванялаах Мааша сэрэйбэтэхтэрэ даҕаны аны аҕыйах чааһынан эдэркээн саастара кыһыылаахтык сарбылларын, олохторун түмүктүүр бүтэһик эргиир ыксалаһан, саба барыйан чугаһаан кэлбитин. Бу күн ыам ыйын 13 күнэ этэ.
Балыыһа. Ити түүн балыыһа иһигэр ким да утуйбата, кыыс оҕо тыынын быыһаары бары түбүгүрдүлэр. Ваня сордоох отой умнулунна. Көрүдүөр хараҥа муннугар төкүнүтэ анньыллыбыт тилигирэс хатаалка миэстэтиттэн хамсаабакка таах турда. Маҥан халааттаах аанньаллар аттынан күһүҥҥү хахсаат тыал курдук силбиэтэнэллэр, өссө биир ачыкылаах хирург: “Кыыһы өлөрбүккүн”, - диэн кыһыппыттыы саҥаран бу сордооҕу хомпуустаан ааста.
Киһини, доҕорун, таптыыр кыыһын өлөрдүү эчэппит ыар буруйдаах уол туох да суһал көмөнү ылбакка, сарсыарданнан хаана сүһүрэн, сүрэҕэ эриллэн, таҥаһыгар, түөһүгэр убаҕаһынан хотуолаан өҕүйдэ. Муоста сууйааччы, итириксит дьүһүннээх санитарка эмээхсин, сиргэммитэ буола-буола, үөхсүбүтүнэн сууйан-сотон абыраата.
- Быраага оргутан испиттэр быһыылаах, баҕайылар, - уоһун иһигэр саҥаран бордурҕаата, ол быыһыгар уол сыаналаах саҥа таҥаһын ымсыырбыттыы көрдө, таҥаралаатаҕына, хата, сиэннэрбэр ылыам диэн хаһаас сананна.
Сарсыарда аҕыс чаас эрэ диэки солотуйан, буруйдаах уолга чугаһаатылар, абыраллаах хатаалка төкүнүйэ тилигирээн эрэнгиэн хоһугар киирдэ. Бөлүөх хаан биһиллэн хаппыт тэрэпиискэ баайыыны кыптыыйынан кырыйан сырдырҕаттылар. Арыйа баттаатылар. Сотору ыксаабыт саҥа иһилиннэ:
- Эчэйиитэ аһаҕас эбит, түргэн үлүгэрдик эппэрээсийэҕэ!
Уол атаҕын уҥуоҕун көмүрүөтэ көстө, килэйэ сылдьарын саҥа билэн аймана, соһуйа түстүлэр. Дэриэбинэ олохтоох бырааһа суруйан ыыппыт имиллибит кумааҕытын тэлимнэтэ кыҥастастылар. Хатаалка эпэрээссийэлиир хоско дьэ киирдэ. Уол муннугар эрэһиинэ маасканы батары аспыттара, салгына тиийбэккэ тыына хаайтарда. Онтон сүтэн хаалла.
Балаата. Ваня өйдөнөн кэллэ. Төбөтүн иһэ сибиньиэһи хаалаабыттыы ыбыс -ыарахан этэ да... Өйө-санаата дьэҥкэ курдуга. Түөһүн, төбөтүн биинтэннэн эрийбиттэр, онтон атаҕын чороччу гиипсэлээн кэбиспиттэр быһыылаах, кыбыс-кытаанах уонна тимир курдук ыбыс-ыарахан. Балаата иһэ сып-сырдык, мап-маҥан. Куойкатын аттыгар бэйэтин бараллаата саха уола сэргэстэһэ эргичиҥнии сытар. Тугунан киирбитэ буолла?
Ваня кэпсэтиэх курдук хамсанан эрдэҕинэ, маны эрэ кэтэспиттии, балаата аана арылла биэрдэ. Паапка тутуурдаах, милииссийэ таҥастаах эдэркээн кырасыабай кыыс киирэн кэллэ. Тустаах киһитин чуо булан, олоппос ылан аттыгар кэлэн олордо, кумааҕытын тобугар ууран суруйардыы бэлэмнэннэ. Бастаан аатын-суолун эттэ. Онтон нууччалыы туох эрэ диэтэ быһыылаах, Ваня быстах эрэ тыллары өйдөөн хаалла, "следователь по делам несовершеннолетних" диэни. Доппуруос саҕаланна: "Аатыҥ-суолуҥ? Правалааххын дуо? Арыгы испиккит дуо? Утары туох массыына кэлбитэй? Нүөмэрэ?" Ваня барытын кырдьыгынан хоруйдаата. Доппуруос бүттэ, дьыала оҥоһулунна.
Дьукааҕа уол доппуруоһу барытын сэргээн истэ сыппыт эбит, силиэдэбэтэл тахсан бартын кэннэ хайыһан уоһун үмүрүҥнэттэ, ырбаҥнаата:
- Акаары эбиккин, балдааҕын, тугу да өйдөөбөппүн диэххин, - диэтэ.
"Холуобунай дьыала диэҥҥэ хаһан да түбэспэтэх, барытын кырдьыгынан кэпсиир оҕочоос эбит" диэн сэнээбитэ өтө көстөр. Ваня тугу да саҥарбата.
Киэһэлик дьуһуурунай сиэстэрэ киирэн уол атаҕын тилэҕин иннэннэн анньыалаан көрдө уонна ыйытта: “Манан ыалдьар дуо? Оттон манан?”, - уһун иннэннэн тэһитэ кэйиэлээн көрдө да, былыр үйэҕэ сүһүрбүт атах ыарыыны билбэтэ. Сиэстэрэ кыыс төттөрү ойдо, онтон тута быраастар кутуллан киирдилэр. Субуруйбут үрүҥ халааттара куойка орону тула эргийдэ. Гипсэтин уһуллулар. Уол эчэйбит атаҕа быттыгар диэри сүүлэ иһэн, көҕөрөн, кытаран тириитин устун ойуулаах каарта буолан, араас сурааһыннар эриллэҥнээн тахсыбыттар. Иннэ ылан эмиэ хос онон-манан батары анньыалаатылар да, олох туһата суох. Атах тыыннааҕын ончу биллэрбэтэ. Эчэйбит оҕолортон биирдэстэрэ эмиэ симэлийэр кутталламмытын билэн, тылларыттан матан, дьиппиэрэн, сирэй-сирэйдэрин утары көрсөөт, чочумча тура түстүлэр. Онтон суугунаһа түһээт:
- Гипсовая гангрена... Бириэмэни ыыппакка быһа охсуохха, - дэстилэр.
Ваня тугу кэпсэтэллэрин истэр даҕаны, атын киһини этэллэрин курдук санаан эбитэ дуу, кыһаммакка көрөн сытар. Биир быраас дьахтар уолу аһынан, хирурдарга туһаайан кутаалана түстэ: "Мин эһиэхэ туһаайан этэ сатаабытым дии ,ону соруйан истибэтэххит", - дии-дии өссө да элбэҕи кута-симнэ, саҥартыырын быыһыгар ытамньыйан ылла. Уолу эмиэ хатаалкаҕа быраҕа оҕустулар да тилигирэтэн эпэрээссийэҕэ илдьэ бардылар, бу сырыыга баҕас түргэн үлүгэрдик илтилэр.
- Чэ, уолчаан атаххыныын быраһаайдас, - диэтэ били хомпуустаан ааспыт ачыкылаах дьэргэлдьийбит эдэр хирург.
Ол кэннэ тымырыгар укуол биэрдилэр.
Реанимация. Түүн дуу, күнүс дуу Ваня тиллэн кэлээхтээтэ. Сэниэтэ суох. Этэ-сиинэ барыта, хас эмэ күнү быһа үлтү сынньыллыбыт курдук ньиргийэн ыалдьара. Айаҕын иһэ олоччу кууран хаалбыт, уу иһиэн аһара баҕарбыт. Бастаан ханна баарбыный дии санаата. Аллара муоста диэкиттэн кыратык сырдык киирэрин көрдө - аан аппаҕара быһыылаах, онтон дьэ өйдүү биэрдэ. Арба даҕаны!
Өйө суох куомаҕа сытар уол хамсаан кэлбитин истэн, харабыллыыр сиэстэрэ кыыс быыс кэнниттэн тахсан кэллэ.
- Сиэстэрэ, уута, - көрдөспүт саҥа бороҥуйтан нэһиилэ кыыкынаан иһилиннэ.
- Сөп, билигин, - кыыс куукуна диэки тэбиннэ.
Кини хас үлэтин кэмин ахсын киирэн көрөр, таҥаһын көннөрөр, көлөһүнүн сотон биэрэр ыарыһаҕа, киһи аһынар эдэр уола, өлөр эбэтэр тиллэр икки ардынан муҥнана сытан өйдөнөн кэлбитигэр сүрдээҕин үөрбүт этэ.
Сотору кэминэн сөрүүн уу Ваня куртаҕар киирэн соһутан иһин түлүннэрдэ, уол испитин барытын муостаҕа өҕүйэн таһаараат, эмиэ өйүн сүтэрээхтээтэ. Онтон хас да хонон баран быһыылаах, Ваня сордоох эмиэ уһукта биэрдэ. Тула хабыс-хараҥа. Ороҥҥо хапсыллан сытааччы илиитин аргыый хамсатан аллара түһэрдэ, буутун ортотунан ибис-инчэҕэй, мултугур, тарбахтарыгар сыстаҥныы сылдьар туох эрэ сыраан курдук баара, онтон ыарахан аһыйбыт хаан сыта аҥылыйара. Бу эрэйдээх тута атаҕа суох буолбуппун диэн саныы биэрдэ уонна субу эргиччи им балай хос иһэ барыта албын, сымыйа түүл буолуон наһаа баҕаран кэллэ.
Онто хантан?! Дьылҕа Хаан ыарахан илиитинэн кинини санныттан илэ чахчы баттыы тайаммытын эмсэҕэлээбит эт-сиин өссө да өйдүү илик этэ. Ол сытан дьиҥнээхтик дуу, түһээн дуу ийэтэ барахсаны көрбүтүн өйдүү биэрдэ - балыыһа көрүдүөрүнэн хатаалканан илдьэн истэхтэринэ, ийэтэ аймаммыт дьүһүнүн. Сүүрэн кэлэн дьоло сарбыллыбыт, кубарыччы уолбут уолун титирэс илиититтэн тутан, тилигирэс хатаалканы кытта сэргэстэһэ хаампыта быһыылааҕа.
- Ийээ, атахпын быстылар, - диэбит курдуга,санаатыгар, Ваня.
Ону ийэтэ эрэйдээх ытамньыйбыт куолаһынан:
- Билэбин, билэбин, - диэбитэ кини хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэ таммалыыра.
Күҥҥэ тардыһыы. Атаҕа суох буолуу эрэйин бу олоҕун саҥа олорон эрэр уол тулуйуо дуо? Бу ыйытыыга ким да хоруйдуур кыаҕа суоҕа. Балыыһа үлэһиттэрэ иэдээҥҥэ түбэспит уолга, алҕаһаабыттарын билинэн, дьэ киһилии сыһыаннастылар. Уол атаҕа сүһүрбүтүгэр сааттаах буруйдарын бэйэ-бэйэлэригэр бырахса сатыыллар.
Биир күн били үтүө санаалаах сиэстэрэ сымыйаннан-кырдьыгынан элбэҕи кэпсээн таҕыста: "Бастакы көмө сыыһа оҥоһуллубут, дэриэбинэ олохтоох бырааһын дьалаҕайыттан атаҕа суох буоллуҥ, маннааҕылар туох да буруйдара суох, хирург уолаттары санааҕар тутума, өстөһүмэ, кэлин быратыас кэттэххинэ сүүрэ сылдьыаҥ". Доҕоро кыыс былыр үйэҕэ өлбүтүн уолтан чып кистэлэҥҥэ тутта, албыннаан куорат балыыһатыгар эмтэнэ сытар" диэтэ. Ваня барытын итэҕэйдэ.
Күннэр-хонуктар кэтэһиспэккэлэр, аа-дьуо солбуһан ааһан истилэр. Эдэр уол олоххо иккистээн тардыһа сатыыр. Дьиҥинэн анараа дойдуну өҥөйөн баран төнүннэ диэххэ сөбө. Сиһигэр, түөһүгэр, төбөтүгэр улахан эчэйиилээх буолан уонна хаана олус баран, өссө эбиитин сүһүрэн, ый аҥаара куомаҕа сытан өйдөннө. Сарсыарда уһуктарыгар уолан хаалбыт харахтаах кубарыйбыт сирэйэ саҥа күнү көрсөн үөрэн турара сэмээр үксээн истэ. Кэпсэтэр, күлэр буолла. Сытан эрэ доҕорун, тапталлааҕын Маашатын саныыр.
- Балыыһаттан тахсыбыта дуу, суох дуу? - диэн кинини көрсө кэлбит дьонтон ыйыталаһар.
Ону истэн, ириҥэннэн бырдьайбыт быһыллыбыт атыҕын күн аайы киирэн сууйан-сотон ыраастыыр үтүө санаалаах сиэстэрэ кыыс Ваняны уоскутан:
- Кыыс дьиэтигэр үтүөрэн тахсыбыт буолуохтаах, - диир.
Арай кинини көрөн бүөбэйдээн олорор аймаҕа дьахтарга ыарахан. Сотору-сотору өрө тыынар, хараҕын куоттарар, тугу эрэ кистиир курдук туттар да, Ваня онно кыһаллыбат. Кини уустук олоҕун бу саҕаланыыта эрэ буоларын сэрэйбэт. Сотору таптыыр кыыһа өлбүтүн кыра оҕоттон алҕас истиэҕэ, ол кэнниттэн үһүс этээстэн ыстанаары дьону аймыаҕа, аны икки ыйынан дьиэтигэр тахсан баран, дьон саҥатын тулуйбакка өлөөрү ыйаныаҕа, эбиитин сууттанан күлүүс хаайыытыгар киириэҕэ. Онтон билигин алҕас оҥорбут ыар буруйа хара мэҥ буолан үйэтин тухары суураллыбакка дууһатыгар иҥэн хаалыахтааҕын кини оҕотук акаары санаатыгар билбэт да, таайбат да этэ.
Сайын ортото Ваняны уопсай балаатаҕа көһөрдүлэр. Бу киэҥин, сырдыгын, сэргэҕин! Араас эчэйиилээх барыта баар дойдута эбит. Киирии-тахсыы, эргиччи дьиҥнээх олох ойууламмыт хартыыната, бу иннинэ сыппыт кыракый хоһугар холоотоххо, дэриэбинэтин курдуга. Бииргэ үөрэммит доҕотторо, атастара быыстала суох кэлэллэрэ, аһылык, кэһии аҕалаллара.
Арай биир күн Ваня төрөөбүт дэриэбинэтиттэн кыра кылаас оҕото муҥурдааҕын быстара киирдэ. Ол оҕо бу ыйдарга бары кистээн сордоммуттарын арыйан кэбиһээхтээтэ.
- Эйигин кытта бииргэ оһолломмут кыыс өлбүтэ ыраатта ээ, похоронаҕа кэлбит оҕолор бары ытаһа тураллар үһү, - диэтэ.
Ваня оройго өтүйэнэн күүскэ бэрдэрбиттии хараҕа хараҥара түстэ, кулгааҕа куугунаата, сирэйэ кытара дарбайан таҕыста. Бастаан өссө оччо итэҕэйбэтэ даҕаны:
- Кырдьык дуо? Кырдьыктыы этэҕин дуо? Сымыйанан кэпсээбэт инигин?! - диэн хат-хат ыксаабыттыы ыйыталаһан, лэбэйдээн, бүтэһигэр кырдьык эбит дии санаахтаата.
"Киһини өлөрбүппүн, доҕор кыыспын өлөрбүппүн, Машабын аны тыыннааҕын хаһан да көрбөппүн" дии санаатаҕына, сүрэҕэ хам тутан тыына хаайтарара, ытыы сатыыр да, тоҕо эрэ хараҕын уута олох тахсыбат. Ол кэмҥэ оруобуна бииргэ үөрэммит кыыһа Люба киирэн кэллэ. Көрсө кэлбит киһитин сирэйэ-хараҕа дьиктитик уларыйбытын сэрэхэдийэн, Ваня диэки ыйытардыы көрдө.
- Люба, тоҕо миигин албынныы сылдьаҕыт, Маша тыыннаах диэн? Өлбүтэ ырааппыт үһү буолбат дуо? - Ваня тыын быһаҕаһынан бобулла-бобулла саҥарда, ытамньыйан хараҕа дьэ ууннан бычалыйда, сымыһаҕын хаан оҕуолуор диэри быһа ытырда.
Люба соһуйан тохтуу түстэ, онтон сымыйанан билбэтэҕэ буолан кубулунна уонна кулук-халык тутунна:
- Ким инньэ диирий? - диэн ыксаабыттыы ыйытта. Онтон суланыы ис дьиҥин өйдөөбөккө олорор билэр кыра уолун диэки тобулу көрөөт, кини кэпсээбитин сэрэйэн:
- Тугу манна сымыйанан кэпсии сылдьаҕын, аа? - ууга түһэн эрэр киһи салаа оттон тардаһарыныы, баайыста.
Ити курдук Люба саҥатыттан матан, бииргэ үөрэммит доҕоругар хараҕын утары көрөн олорон дьиҥи кыайан кэпсээбэккэ, аҕалбыт кэһиитин туумбаҕа ууран, саҥата суох тахсан барбыта.
Кини барбытын кэннэ Ваня иһигэр кутуйах хаампыта. Хас да күн кимниин да кэпсэппэккэ, саҥата суох уулаах хара былыттыы лүҥкүрэн сырытта. Утуйар уута аймана көттө,аһыыр аһа ас да буолбата.
Кэлин дьиҥи дьэ биллэ - кыыс киирбит күнүн сарсыныгар өлбүтүн, көмпүттэрэ ырааппытын, кинини аймаамаары эппэтэхтэрин, сүнньэ тостубут, быара быстыбыт кыыс хайдах да киһи буолар кыаҕа суоҕун сиэстэрэ кыыс уһуннук олорон кэпсээтэ. Уол кэпсээни истэрин быыһыгар, хараҕын уута тохтоло суох сүүрэ сытта.
- Аны кэлэн олох олорон да диэн!.. - Ваня айманан ытаата, тыыннаах хаалларбыттарыттан кыһыйан, быраастарга сулана иэйдэ.
Сиэстэрэ уоскутар укуол аҕалан туруорда, балаататтан тахсан иһэн, "уолу көрө сылдьыҥ" диэн атын ыарыһахтартан көрдөстө.
Киэһэ барык-сарык буолуута тайах маска өйөммүт аҥаар атахтаах уол туалет аанын аргыый арыйан ыстаҥалаан киирдэ. Тайахтарын эркиҥҥэ өйөннөрөн, түннүк кырыытыгар тайанан, собус-соҕотоҕун соҥуоран турда. Кини аймаммыт сүрэҕэр тугу саныыра буолла: сүтэрбит доҕорун Машатын... эбэтэр дьиэтин... ийэтин... баҕар ымыы оҥостубут трассатын дуу...
Бу турааччы табахтыыр дьаллык диэни билбэт этэ. Оттон билигин сиэбиттэн табах тооромоһун хостоон айаҕар укта уонна титирэс тарбахтарынан испиискэни нэһиилэ тутан охсуолаан уматта. Этэ-сиинэ билбэтэх ап-аһыы күөх буруотун тыҥатыгар биирдэ эҕирийээт, тыына хаайтаран сөтөллөн күпсүйдэ. Ол кэннэ буруолуу сылдьар табаҕын биэдэрэҕэ сиргэммиттии быраҕаат, кинини ымсыырда, угуйа турар түннүгү тэлэччи арыйда. Арыйаатын кытта сип-сибиэһэй сөрүүн салгын "тоойуом тугу гынаары гынныҥ" диэбиттии уол кубарыйбыт сирэйин, кырыыбалыы анньыммыт убаҕас чуолкатын имэрийэ, өрө анньан кууста. Кини иннигэр мэндээрбит күп-күөх халлаан, ситэн силигилээбит хоҥкуйа хамсыыр от-мас арылынна...
Ваня түннүк боруогар анньынан тахсан, кырыыбалыы олорон аҥаар атаҕын тас өттүгэр таһаарда уонна сир диэки үөһэттэн өҥөйөн көрдө, онно, аллара, бөх-сах, тимир, сиэмэн, эмиэ да от быыстыых күкээрбит кырыс быычыкаайык буолан көстөллөрө."Мантан түстэхпинэ, мин тута өлүөм дуо" диэн санаа киирбитэ бу быстахтык быһыыланан ыстанаары олорор акаары уолга. Ити кэмҥэ туора турар атын секция түннүгүттэн көрөн бэттэх биллэрдилэр дуу, хайдах дуу - хирургия туалетыгар дьон сүүрэн кэлэн, уол аатын ыҥыра-ыҥыра, хатааһыннаах ааны тоҕута дарбыйбыттара. Ваня эмискэ ол тыастан уһуктубут курдук этэ дьигис гыммыта уонна куттаммыттыы тулатын көрөөт, атаҕын хомуйа тардан, эргиллэн муостаҕа сэрэнэн үктэммитэ.
- Ваня, туох буола сылдьаҕыный? Үөһэттэн ыстанаары гынаҕын дуу, тугуй? - дьуһуурунай сиэстэрэ кыыһыран айдаара түспүтэ.
- Ээ, суох, суох, мин ити көннөрү сибиэһэй салгынынан тыынаары гыммытым, - уол кыбыстан сымыйаннан баайсыбыта буолаахтаабыта уонна балаататын диэки ыстаҥалаан бара турбута.
Күннэр-хонуктар аа-дьуо уулуу суккуллан биир-биир ааһан иһэллэрэ. Өлбүтү кытта өлбүт суох. Таптыыр доҕору сүтэрбит сүрэх бааһа арыый да мүлүрүйбүт курдук буолла. Ваня түннүккэ тиийэн, уулуссаны, таһырдьаны, күөҕү көрөн күнү быһа турар, ону-маны саныыр, инники олоҕо сарбыллыбытын, хааччахтаммытын өссө да итэҕэйбэт. Ол быыһыгар атын балаатаҕа баран, атаҕа суох сытар инбэлиит оҕонньор быратыаһын тутан-хабан көрө-көрө:
- Оҕонньор, бу мантыкаҥ хас киилэ буолара буолла, илдьэ сылдьарга ыарахан дуо? - уонча киилэни эрэ кыайбат ыйааһыннаах, модороон оҥоһуулаах тимир атаҕы өрүтэ көтөҕөн күлэр.
Кэмниэ кэнэҕэс балыыһаттан тахсаҕын диэтилэр. Ваня үөрэ иһиттэ. Бүгүн дьиэтигэр барар, ийэтин көрбөтөҕө ыраатта даҕаны, ахтыбыт эбит. Доҕотторун көрсүө, субуотаҕа үҥкүүгэ барыахтара, күүлэйдиэ... Кыл түгэнэ уруккутун курдук санаата.
- Ваня, эйиэхэ массыына кэллэ, - көрүдүөр муннугуттан хаһыытастылар.
Уол үөрүүтүттэн балыыһа үс этээстээх кирилиэһин аҥаар атаҕынан ыстаҥалаан түстэ. Таһырдьа, киэҥҥэ тахсаат, тохтуу биэрдэ уонна ыраас салгыны түөһүн муҥунан иҥсэлээхтик эҕирийэн ылла. Аһаҕас сиргэ, таһырдьа, уулуссаҕа сылдьыбатаҕа номнуо үс ый ааспыт, онтон эбитэ дуу, мэйиитэ эргийэн охто сыһан тэмтэриҥнээтэ:
- Уу, бу уол, сэрэн эрэ, - диэн саҥарбытынан такси суоппара чугас буолан тутан ылла.
- Ваня, сэрэниэххин, охтон түһэн оһо илик бааскын сэтэритээйэххин, - атаара тахсыбыт сиэстэрэ кыыс куолаһа иһилиннэ.
Уол сордоох манна дьэ өйдөөтө - киһи өйөбүлэ суох аны сылдьыбатын, дьонтон итэҕэһин, аны хаһан да сүүрбэтин, доҕотторун кытта хаһан да бииргэ хаампатын, дискотекаҕа хаһан да сылдьыбатын. Ити санаатыттан ытамньыйан ылла, маннык туруктаах дьиэтигэр барыан отой баҕарбакка, кэтэһэн турар массыынаҕа нэһиилэ олордо.
Бу күнтэн ыла саҕаланна диэххэ дуу, атаҕа суох буолбут инбэлиит олоҕо. Кынатын куорсуна сарбылынна, күндэлэс күнэ хараарда, "атаҕа суох” диэн хомуруйар тыллара сүрэҕэр уһуктаах быһаҕынан тириир курдук буолуо турдаҕа.
"Жигули" массыына дойдутугар куугунуу турда. Тиийиэ кини сотору төрөөбүт дойдутугар, улааппыт дэриэбинэтигэр, уйа оҥостубут дьиэтигэр, көмүскүүр күндү киһитигэр - төрөппүт ийэтигэр. Сотору кэминэн массыына буору бурҕачытан, билэр олбуорун ааныгар тохтоото уонна аана арыллыбакка тура түспүтэ.
- Ваня, чэ, массыынаттан таҕыстыбыт, мааҕын маама ас бөҕөтүн астыы хаалбыта, дьиэ аһын аһаабатаҕыҥ ырааппыт буолуохтаах, Ваня, чэ, - кэлин олбоххо кыбыстан умса туттан олорор уолу дьиэтигэр илдьэ аҕалбыт улахан убайын ааттаһар саҥата чуумпура иһийбит дьиэ таһыгар аргыый аҕай иһилиннэ.
Кини массыынаттан көрдөһүү бөҕөтүнэн нэһиилэ тахсыбыта уонна икки тайахха өйөнөн, ыстаҥалаан күрүөтүн иһигэр киирбитэ. Ахтылҕаннаах дьиэтэ, сүүрэн-көтөн улааппыт тиэргэнэ эчи кэрэтин,сыттыын олох атын - баара суоҕа аҕыйах ый иһигэр суохтаабыт даҕаны! Ахтылҕаннаах дьиэтин үрдүк кирилиэһин, долгуйан, ыксаан, тайах маһынан сиирэ-халты тайанан таҕыста. Аанын арыйда. Бу саас икки атахтаах үөрэ-көтө сылдьар уол дьиэтиттэн тахсарыгар:
- Ийээ, бүгүн тыаҕа бииргэ үөрэммит кыргыттарбытыгар күүлэйдии барабыт, сарсыарданнан биирдэ кэлиэҕим, - диэбитэ уонна кэтэһэн турар матасыыкылыгар ыксалынан ойбута.
Оттон билигин... Хас эмэ сарсыарда ааспытын кэннэ, үс ый буолан баран, дьиэтигэр аҥаар эрэ атахтаах төннөн кэллэ. Тапталлаах уола ааҥҥа тайахха сукуллан турарын көрөн, ийэ эрэйдээх сүрэҕэ хамсаан хаанынан ытаата,онтун биллэримээри иһит тардыбыта буола түбүгүрэ сырытта.
Ваняҕа дэриэбинэтин дьоно араастык сыһыаннаста. Дьахталлар, онно-манна түмсэ түстэллэр да, уол туһунан ырытыһан бараллара:
- Хотуой, иһиттиҥ дуо, били Филипповтар атаах уоллара балыыһаттан тахсыбыт үһү дии.
- Оо, сордооҕу, хайдах үһүнүй?
- Дьиэтигэр олох сытар дииллэр, матасыыкылынан ииригирэн дьэ бүттэ буолуо ээ. Түүннэри-күнүстэри дьону сынньаппакка да, утуппакка да, тарылата-тарылата сүүрдэрэ бэрт этэ, кэһэйдин...
- Аньыы даҕаны, тугуҥ эмиэ тылай, сордооҕу баран....
- Сордоох эҥин диэн аһыныма. Михайловтар кыыстарын киһиргэһигэр ииннээтэ дии.
Сорох сэтэрии-сэтэрии "өлөрүөхсүт" диэн үөхтэ, атыттар син аһыммыта буоллулар.
Уол тиэргэнин иһиттэн ханна да тахсыбат, ханна да барбат, барар санаата да суох, бэйэтэ-бэйэтигэр дьонтон-сэргэттэн бүк саста. Били балыыһаҕа сытан "таҕыстахпына күүлэйдиэм, үҥкүүгэ барыам" диэбит санаатыттан сонньуйар эрэ. Хата, бииргэ үөрэммит доҕотторо, үөлээннээхтэрэ хас киэһэ аайы кэлэн кэпсэтэн аралдьытан бараллар.
Били бырахтарбыт рокерскай көлөтө тиэргэнигэр саһаран турарын көрдөҕүнэ, кыйыттан ылар, сыбаалкаҕа состорон кэбиспэккэ, манна аҕалбыттарыттан дьонугар абарар.
Биир үтүө күн Машатын ийэтэ кэлэн ,ол матасыыкыл таһыгар туран эрэн, уол сордооҕу тарбаҕынан ыйа-ыйа, ытаан-соҥоон айдааны тарта:
- Һубу, һубу матасыыкыл этэ, оҕобун, кыыспын сиэбитиҥ, сиэхсит! Өлөрүөхсүт! Эн да кэмиҥ кэлиэ, суолас! Эйигин хааннаах кырыыһынан кырыыбын...
Уол куттанан, хана да барыан булбакка, тэпилииссэ аттыгар тайаҕын эргэ маһын кымыстыы сатыы турда. Хата, ийэтэ ол айманыыны истэн кэлэн, кырыыс тылынан ыһыахтанар эмээхсини нэһиилэ уоскутта. Сүтүктээх ийэ барахсан туох баар кыһыытын-абатын, хомолтотун барытын саҥаран тыынын таһаарда, ол кэннэ "сөп буоллум" диэбиттии көхсө бөгдьөйөн, нүксүлдьүйэн бара тураахтаата.
Уол итинник тыллары дьиҥэр күүппэтэҕэ, бэйэтэ даҕаны сүрэх баастаах буолан дуу, соһуйан дууһата айманна, ол күн сүрэҕинэн ыалдьан оҕунна. Тыыннаах хаалбытыттан кыһыйан ытаан-соҥоон, иэйэн-туойан баран, бу киниэхэ үтүөнү аҕалбатах күндэлэс күннээх орто дойдуттан хайаан да арахсыахха, Машабар барыахха диэн быстах санааланна. Ити күн түүнүгэр ытаан-ытаан баран, сэниэтэ эстибит уол бэйэтин муомахтанна.
- Аны кэлэн туох дьолун билээри. Ийээ, миигин, акаары уолгун, мөҕүмээр дуу, - диэн сибигинэйэр кэриэтэ саҥаламмыт уол титирэс илиитинэн синньигэс быаны моонньугар кэппитэ уонна токуруйбутунан аа-дьуо ыһыктынан аллара түспүтэ.
Бастаан утаа тыына бобуллубута, онтон кулгааҕа куугунаабыта, ыраах ханна эрэ "өлөрүөхсүт, өлөрүөхсүт" диэн саҥа баара.
Бөдөҥ тоһоҕоҕо хам бааллан эриэн үөннүү эриллибит хатыс быа аҥар атаҕа тобуктаабытынан баран эрэр уол синньигэс моонньун иҥсэлээхтик хам ылан эрдэҕинэ ийэтэ эрэйдээх түбэһэ киирэн мэһэйдээбитэ. Ийэ сүрэҕэ барахсан чугас даҕаны, барытын көрө-истэ сылдьар буоллаҕа.
ТҮМҮК
Ваня олоҕор туох да улахан уларыйыы суох курдук. Урут күнүстэри-түүннэри сурук суруйар, тапталларын билинэр кэрэчээн кыргыттар сиик буолан симэлийдилэр, биэс тарбах быыһынан саккыраатылар, хараҕар да көстүбэт буоллулар.
Уол төрөппүттэриттэн кистээн кыралаан арыгы иһэр адьынаттаммыта. Истэҕинэ, доҕотторо улаханнык кыһамматтара, өссө сорохторо үөрүөх курдуктара. Арыгы обургу тугу оҥорботоҕо баарай, сороҕор ытыыр-соҥуур эбэтэр, холуочуйдаҕына, аҕыйах чаас күлэн-үөрэн эрэйин-муҥун умнар курдук буолаахтыыра. Ким өйдүүр, ким өйдөөбөт, эбиитин иэдээннээх "арайаал" алдьархайы аҕалла, бытыылката да улахана сүр. Таарыччы эттэххэ, бу чэпчэки сыаналаах биир лиитэрэлээх американскай испиир 90-с сыллардааҕы саха үгүс ыччатын күл-көмөр оҥорбута.
Саҥа дьыл күннэрэ саҕаланнылар. Ваняҕа бырааһынньык кэлбитэ-кэлбэтэҕэ, барбыта-бүппүтэ син биир, отой да кыһаллыбат. Бүгүн, хата, куораттан тапталлаах эдьиийэ устудьуон, өрөбүлүгэр сынньана таҕыста. Быраатыгар кэһиитин саҥа ырыалардаах магнитофон кассетатын таһаарбыт.
Ваня үөрдэ аҕай, билигин ырыа истиэҕэ, урукку дьоллоох кэмнэрин саныаҕа... Онто ханна баар... Эмискэ күүлэҕэ атах тыаһа тилигирээтэ, онтон тоҥ аан арыллан биэрдэ даҕаны, тымныы туманынан куустуһан, дьиэ иһигэр Машатын аҕата бурҕачыйбытынан көтөн түстэ. Холуочук.
- Кыыспытын өлөрбүт уолгут ханна баарый, аа? Сирэйин өҥөйөн көрүөм этэ, - диэн баргыытаата. Онтон эбии: - Арыгы испэтэҕим сүүрбэ төгүрүк сыл буолла, уолгутун аҕала тардыҥ, - диэн итирик киһи бааҕыныыр саҥата дьиэ иһин истэри-тастары аймаан кээстэ.
Ваня дьоно соһуйан, хосторуттан саалаҕа бары кутуллан таҕыстылар. Дьиэлээх тойон, уол аҕата, бырааһынньык аһын кыанан, эмиэ орто холуочук оронугар сытар этэ. Айдааны истээт, ойон таҕыста уонна сымыйанан үөрбүтэ буолаахтаата. Албыннаста. Көрдөстө.
- Уу, Ньукулай кэлбит дуу, уол хоско баар, баар. Нохоо, Баанньа,тахсан Ньукулайга сирэйгин көрдөр, эйигин отой да билбэт эбит дии, - диэтэ.
- Бу киһи акаарытын, уолгун өлөртөрөөрү гынаҕын дуо? - ийэ эрэйдээх оҕотун көмүскээн өрө көтө түстэ.
Кини - ийэ, тапталлаах уолун туох баар кыаҕынан харыһыйыаҕа,тыынын биэрэн да туран бэйэтинэн хаххалыаҕа. Бу - олох суруллубатах сокуона. Кыра уҥуохтаах ийэ эрэйдээх туох эмэ буолар түбэлтэтигэр бөдөҥ көрүҥнээх ыар ыалдьыт үрдүгэр саба түһэргэ бэлэм этэ.
- Биһиги Мэхээлэлиин төһө эрэ сыбаайба тэрийиэ этибит, онтукабыт табыллыбата. Оо, абаккабыын! - Ньукулай оҕонньор кириэһилэҕэ олорон ытаата, суланна. Дьиэ иһэ атыйахтаах уу курдук айманна.
Ваня хос иһигэр олорон айдааны истэн, ыга куттанан кумуччу тутунна, хараҕын уута тохтоло суох сүүрдэ. Аттыгар саҥа баргыытаабытыгар хайыһа биэрбитэ - утары Машатын аҕата уорастыйбыт дьиппиэр хараҕа кинини тобулу үүттээн турара. Ытыы олорор аҥаар атахтаах уолу аһынна дуу, хайдах дуу, умнубаттыы чочумча көрөн турбахтаат, эргилиннэ да, саҥата суох дьиэттэн тахсан барда. Тапталлаах эдьиийэ сору көрбүт быраатын аһыннара сатаан, бииргэ ытаһа кууһан олорбута.
Ол киэһэ уол дьиэтиттэн сүтэн хаалла. Дьоно айманнылар, ыксаатылар,онно-манна көрдөөн сүүрэкэлэстилэр. Киэһэ хойут сурах кэллэ: "Ваня дэлби арыгылаабыт уонна табаарыһын дьиэтигэр итирик утуйа сытар үһү". Ийэ барахсан уйаҕас сүрэҕэ уоскуйан үөрүүтүттэн "һуу" гынна.
Сотору кэминэн төрөппүттэрэ Ваняны ыраах хотугу улууска дьон тылыттан куоттаран олохсута ыыппыттара. Сөмүлүөтүнэн көппүт уолу тилэх баттаһа милииссийэҕэ ыҥырар кыракый кумааҕы сурук кэнниттэн эккирэппитэ...