28.03.2024 | 16:00

Бүтүн Саха сирин алдьархайа

Бүтүн Саха сирин алдьархайа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат 12-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 8 «В» кылааһын үөрэнээччилэрэ араас ис хоһоонноох экспедицияларга сылдьаллар, төрөөбүт дойдуларын, Саха сирин историятын туһунан элбэҕи билэн-көрөн кэлэллэр. Оҕолор айанныы үөрүйэхтэр, хас биирдии сырыы үгүс умнуллубат түгэни бэлэхтиир. Бүгүн кинилэр Чурапчыга баран кэлбиттэрин кэпсиэхтэрэ, онно тугу истибиттэрин, көрбүттэрин үллэстиэхтэрэ.

Кинилэри ким да көрсүбэтэх…

Соторутааҕыта биһиги кылааһынан Чурапчыга экспедицияҕа сылдьан кэлбиппит. Онно араас музейдары, мемориалы көрбүппүт. Ордук өйдөөн хаалбытым – Чурапчы көһөрүллүүтүн музейа. Марфа Владимировна, музей соҕотох үлэһитэ, биһиэхэ олус интэриэһинэйдик кэпсээбитэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Чурапчы оройуонун  41 холкуоһун күүс өттүнэн хоту көһөрүү буолбут. Саха сирин сэрии кэминээҕи историятын биир ыарахан кэрчигэ эбит. 5320 киһини күүһүнэн тапталлаах дьиэлэриттэн, Чурапчыттан көһөрбүттэр. Дьон дьиэлэриттэн баралларыгар таһаҕастара ыарахана бэрдиттэн малларын хаалларан, төннөн кэллэхпитинэ ылыахпыт диэн уоскутуналлара.

Тымныыга, аччыктыы-аччыктыы, 8-9 хонук Бэстээх биэрэгэр диэри хааман кэлбиттэр. Кинилэри ким да көрсүбэтэх. Биэрэккэ 26 хонук борохуоттары кэтэспиттэр. Өлбүт ынаҕы, сылгыны айыылар кыыһырыахтара диэн куттанан сиэбэккэ олорбуттар. Аччыктааһыны тулуйбакка, 20 киһи өлбүт.

Көһөрүллүү музейыгар өссө араас экспонаттар бааллара. Ону барытын көрөн, истэн, бэйэбэр олус чугастык ылынным.

 

Валерия Адамова

Харах уулаах кэпсээни истибит эрэ умнубат…

Биһиги Чурапчыга тиийэн, Коркин музейын көрбүппүт. Онно Анна Петровна интернат, Коркин тустарынан кэпсээбитэ. Онтон   Көһөрүллүү мемориалыгар сылдьыбыппыт. 41 үктэли тахсыбыппыт, хаартыскаҕа түспүппүт. Ол аата 3 күн иһигэр 41 холкуос көһөрүллүбүт диэн суолталаах эбит. Ол кэнниттэн Чурапчыттан 9 км тэйиччи турар Хатылыга айаннаабыппыт. Көһөрүллүү музейын көрбүппүт. Музей соҕотох үлэһитэ Марфа Владимировна Тыыннаах Кытыл туһунан кэпсээбитэ. 1939 сылга дьон уһуктан көрбүттэрэ, халлааннара кып-кыһыл хаан курдук буолбут үһү. Ол кэнниттэн 1941 с. сэрии саҕаламмыт. Онтон 1942 с. көһөрүллүү буолбут.

Марфа Владимировна тиит мастан оноһуллубут тэлиэгэ туһунан кэпсээбитэ. Көлүөһэлэрэ куруук алдьанар эбит, ону уларыта-уларыта, түргэтиирин курдук көлүөһэ быыһыгар ынах сааҕын уга-уга айаннаабыттар. 41 холкуостан 5320 киһи көһөрүллүбүт. Баран истэхтэринэ икки киһи сүтэн хаалбыт, онон 5318 киһи буолбут. Онтон Бэстээххэ 26 күн борохуот кэтэспиттэрэ. Онно үлэһит эрэ киһиэхэ ас биэрэр этилэр, онон  кырдьаҕас-кыаммат өттүлэрэ барбах, сүрэх баҕатынан хамсанаахтыыллара.

Аһылыгы үксүн оҕолорго тыыннаах хааллыннар диэн биэрэллэр эбит. Онон икки эрэ тыһыынча киһи тыыннаах ордубут. Харах уулаах кэпсээни, Саха сирин алдьархайын истибит эрэ умнуон сатаммат.

 

Айгыына Михайлова

Барыта Кыайыы туһугар

1942 сыллаахха Чурапчы 41 холкуоһа хоту оройуоннарга балыктааһыҥҥа көһөрүллэр. Сталин аатынан холкуос көһөрүллүбэтэҕэ. Кинилэртэн Кэбээйигэ — 2493, Эдьигээҥҥэ – 1736 уонна Булуҥҥа 759 киһи барар.

Сибиир уонна Уһук Илин өрүстэригэр, ол иһигэр Өлүөнэҕэ, Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Дьааҥыга балыктыыр трестэри тэрийэр туһунан Сэбиэскэй Сойуус салалтатын уурааҕа 1942 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр тахсар. Ол эрэн, Саха сиригэр атырдьах ыйын 11 күнүгэр быһаарыы ылыллан, балаҕан ыйын 10 күнүгэр диэри суһаллык көһөргө модьуйаллар.

Дьэ, бу курдук сир-халлаан икки ардыгар хаалбыт холкуостаахтар хоту баран, балаҕан сыыһын туттан, аны үлэ үөһүгэр түһэллэр. Биригээдэ чилиэнэ күҥҥэ 10-15 киилэ балыгы бултуохтаах диэн сорудах кытаанаҕа, ити эрээри быыкаа ас нуормата оҕоҕо-дьахтарга көрүллүбэтэ, балыкка сылдьар дьоҥҥо эрэ бэриллэрэ.

Хоргуйан, аччыктаан, инчэҕэй эттээх тулуйбат эрэйин көрбүт дьон  «Барыта Кыайыы туһугар» диэн кытаанах санааларын ыһыктыбатахтара. Онон ити кэмҥэ Саха сиригэр балыгы бултааһын 4 төгүл улааппыта, оттон хоту көһөрүллүбүт дьонтон быстар быһаҕаһа эрэ ордубута.

Хоту улуустарга көһөрүллүбүт дьонтон Кэбээйигэ — 1284, Эдьигээҥҥэ — 259, Булуҥҥа — 204 киһи сырдык тыына быстыбыта. Онон Чурапчы сэрии иннинэ 17 тыһыынча нэһилиэнньэлээх буоллаҕына, уот кураан, сэрии кэнниттэн 8 тыһыынча эрэ киһи хаалар. Марфа Владимировнаҕа история бу кэрчигин олус интэриэһинэйдик сырдаппытыгар махтал!

 

Надя Сергеева

Көһөрүү – биһиги дьиэ кэргэммитигэр 

Мин хос-хос эбэм Решетникова Христина Семёновна (сорох докумуоннарга Кристина, ыал буола илигинэ ким диэн араспаанньалааҕа биллибэт) Тааттатааҕы тулаайах оҕолор дьиэлэригэр улааппыт сурахтаах. Бэйэтэ эбээн, төрөөбүт тылын бэркэ билэр уонна кэпсэтэр эбит. Кини Чурапчы Бахсы диэн учаастагыттан төрүттээх Решетников Иван (аҕатын аатын билбэппит) диэн хос-хос эһэбин кытары ыал буолан уонтан тахса оҕоломмуттар. Чурапчы көһөрүүтүн саҕана Килэҥки (билиҥҥитэ Кытаанах) нэһилиэк дьонун кытары Тиксиигэ тиийбиттэр. Уһун айаҥҥа уонна муораҕа хас да оҕотуттан матан, Тиксиигэ саамай ыарыһах кыыһын, мин хос эбэбин Решетникова Наталья Ивановнаны уонна 12-14 саастаах уола Решетников Иван Ивановиһы кытта тыыннаах ордон тиийэллэр. Ол уол балыктыы сылдьан муораҕа былдьанар.

Биһиги хос эбэбит Наталья Ивановна Решетникова Тиксиигэ Мухоплев Владимир Ильич диэн киһини кытары холбоһон хас даҕаны оҕолонор, онтон үс оҕото Нина, Валентина уонна Владимир тыыннаах ордоллор. Ол кэннэ эр киһи эдэр кэргэннэнэр.

Наталья Ивановна Решетникова мин хос эһэбин Калаков Николай Егоровичтыын холбоһоллор уонна утуу-субуу оҕолоноллор. Олортон икки оҕо ордор: Николай уонна Маргарита. Ити кэмҥэ хос эбэм улахан кыыһа Нина Тиксиигэ икки ыалынан оҕо көрөөрү ыалдьан өлөр.

Ол кэннэ дьоммут хос эһэм Николай Егорович Калаков дойдутугар Ньурбаҕа көһөллөр. Онно икки кыралара Александр уонна мин эбэм Фекла төрүүллэр. Хос эһэбит араспаанньатын саахсаҕыт суох диэн биир даҕаны оҕотугар биэрбэттэр.

Ол курдук мин эбэм Решетникова Фекла Николаевна буолар, ийэм эмиэ Решетникова Диана Николаевна буолбут. Кэлин эһэм Иванов Виктор Николаевичтыын ыал буолан, эбэм Иванова диэн араспаанньаланар, оттон ийэм араспаанньатын харыстаан, Викторовна эрэ дэттэрэр.

Эбэм бииргэ төрөөбүт убайдара оҕо-уруу тэниппэккэ күн сириттэн туораабыттара. Мин ийэм Сутаков Михаил Юрьевичтыын холбоһон, араспаанньатын уларыппыта. Онон Решетниковтар диэн араспаанньа биһиги аймахха суох буолла.

 

Дархан Иванов

 

Эбэбит аатын ааттатыахпыт

Мин  хос эбэм Сивцева (Яковлева) Анастасия Ивановна 1924 сыллаахха ахсынньы 1 күнүгэр Чурапчыга 6 оҕолоох Яковлевтар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.

1942 сыллаахха көһөрүллүүгэ баралларыгар кинилэри аттаах киһи кэлэн ылбыта диэн кэпсиирэ. Төгүрүк мас баҕана көлүөһэлээх сыарҕаҕа олорсон, оҕуска сиэтиллэн, ийэтин, балтын, быраатын кытта айаннаабыттар. Аҕата, убайа сэриигэ, эдьиийдэрэ инбэлиит, элбэх оҕолоох буоланнар, Чурапчыга хаалбыттар.

Айан суолугар аччыктаан, тоҥон киһи бөҕөтө өлбүтүн, өрүскэ быраҕыллыбытын туһунан харах уулаах оҕолоругар кэпсиирэ эбитэ үһү.

Булуҥҥа тиийбиттэригэр хотон курдук сарайга олордубуттар, дьон тэҥинэн балыкка үлэлэһэн саҕалаабыт, араас быстах үлэлэри оҥороллор эбит.

Ийэтэ ыарахан үлэҕэ үлэлээн, аччыктаан, тымныйан, доруобуйата кыайбакка, тыына быстар. Балтын өлбүт диэннэр сарайга быраҕаллар, ону кини булан, дьиэтигэр соһон илдьэн дэлби эмтиир, көрөр-истэр, аһатар уонна тилиннэрэр. Ол балта кэлин дойдутугар тиийэн, кэргэн тахсан, 5 оҕолонор.

Хос эбэбит тулуурдаах, хорсун санаалаах, ыарахантан чаҕыйбат буолан, дьонун көрө-истэ сылдьыбыт. Дойдутугар төннөр баҕа санаата күүстээх, олоҕу, дьону, дойдутун олус таптыыр буолан, тыыннаах ордубут.

Дойдутугар кэлэн, үс оҕолонон, сирдээҕи ытык иэһин толорон, 85 сааһыгар диэри сүүрэ-көтө сылдьыбыт.

Үйэтин-сааһын тухары көһөрүллүүгэ сылдьыбытын харах уулаах саныыра, кэпсиирэ. Дьиҥнээх аччыктааһыны билбит сүрэх баастаах буолан, хаһан даҕаны аһы бырахпат этэ, килиэп хоручуоскатын олус сыаналыыра. Аһы хаһаанарын, астыырын ордороро. Үөрэ оттоох бутугас, бурдук ас арааһа, барыанньа кини остуолугар куруук баара. Ону тэҥэ айылҕаҕа сылдьан сир астыырын олус сөбүлүүрэ. Үлэни ытыктыыр буолан, барытын сатыыра: остуол, олоппос уһанара, кыра миэбэлтэн саҕалаан дьиэ өрөмүөнүгэр, тутуутугар тиийэ барытын бэйэтэ оҥороро. Түүлээхтэн бэргэһэ тигэрэ, этэрбэһи улларан, тигэн, тириитин талкынан имитэн, чугас дьонун, оҕолорун, сиэннэрин барыларын аһынан-таҥаһынан хааччыйара, күндүлүүрэ.

Биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, эбэбит аатын ааттатыахпыт, үлэһит, үтүө-мааны дьон буолуохпут диэн эрэннэрэбит.  Кини хорсун санаата, үлэһит үтүө майгыта үйэлэр тухары  кэнчээри ыччаттарыгар ааттаныа.

 

Влад Попов

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...