14.03.2024 | 16:00

Бүтүн киһи — бүттүүн үүн

Бүтүн киһи — бүттүүн үүн
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Бүгүн ааҕааччыларбар ураты көрүүлээх, санаалаах, билиҥҥи кэмҥэ бэйэтэ ырытыылардаах, санаалардаах, бэйэтин тула түмэр дьоннордоох, кинини биһириир ааҕааччылардаах киһи бэлиэтээһиннэрин, суруйууларын билиһиннэрэргэ сананным. Дьокуускай куорат олохтооҕо Аал Таҥ Уус уус бэйэтин көрүүлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ аан бастаан таһаарабыт.

Бу ыган кэлбит кэм уларыйыытын таба өйдөөн, биһиги, сахалар, тэҥҥэ Ийэ сирбит тэтимин тутан, итэҕэйэн, сайдыыга барыахтаахпыт, ис эйгэбитин ылынан, Бүтүн киһи буоларга сырабытын ууруохтаахпыт.

Эмчит Сөдүөт этэринэн, Савей ойуун бүтэһик ойууммун дэнэр эбит. Ити мээнэҕэ буолбатах, олох хаамыыта тосту уларыйарын көрөн иннэ диир буолуон сөп. Дьон санаата уларыйан, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэр саҥа өйдөөх дьон Бүтүн дьон кэлэрин сэрэйэр буолуон сөп. Оччоттон баччааҥҥа диэри биһигини араҥаччылыы сыппыт ойууннарбыт, удаҕаннарбыт дьэ босхолонон дабыннарыгар көтүөхтээхтэр быһыылаах. Бу барыта өйдүүр, итэҕэйэр Саха иннигэр турар ирдэбилэ. Көрбүөччү Арамаан этэринэн, Саха Ат кыыллаах, дьэ бу интэриэһинэй дии, ат, Дьөһөгөй киһиэхэ Үөһээ Айыылартан бастаан түһэр Айыы буолар. Ат диэн Аат диэн эмиэ буолуон сөп. Балар көрдөрөллөрүнэн, олоҕун суолун сөпкө туппут киһи атын үрдүгэр олоруохтаах. Ону билигин биһиги гербэбит кэрэһилиир. Үс куттаах былааҕы өрө анньыы – итэҕэлгин өрө тут диэн өйдөбүллээх, оччоҕо атыҥ үрдүгэр олорон салайыныаҥ, көҥүл буолуоҥ диэн сирдиир. Оттон нуучча Эһэ үрдүгэр олорор диир, онто, сахалыы быһаардахха,  Эһэ, эһээ, төрүт, өбүгэ диэн көстөр, ол аата өбүгэҥ итэҕэлигэр, Күн итэҕэлигэр көстөххүнэ дьэ Дьиҥ итэҕэллэниэҥ диэн тахсар курдук.

Далбар Хотуттарга маннык этэн аһарбыттара, биһиги, сахалар, төрүттэрбит уорууну ДНКаҕа тиийэ сотторбуттар диэн. Ити олох сөпкө этэллэр дии саныыбын, бу итэҕэлбитин баччаҕа диэри тутан кэлбиппит бэлиэтэ итиннэ сытар быһыылаах. Уоруйаҕа суох эрэ киһи чиэһинэй буолар, суобаһа ыраас, төрүттэрин иннигэр эппиэттиир кыахтанар.

Бу күннэргэ Розалия Бравина "Экспедиция. Өбүгэ аартыктарын арыйан" диэн кинигэтин ааҕан баран биир таабырыммын таайдым. Айылҕа бу кэмҥэ тоҕо киһини сайыннара, уһугуннара сатыырын. Манна бүтэһигин диэки биир түгэн кэпсэнэр. Саха ойууннааһынын туһунан кинигэ таһаара сатыыллара, онно араас мэһэйи көрсүбүттэрэ, уонча сыл туруулаһан, таһаарыах буолбуттара суруллубут компакт дискэлэрэ сиэйпэҕэ сытан сотуллан хаалбыт. Онтуларын улахан баардаах омук киһи сүбэтинэн Эдьиий Дора аһан биэрбитэ бу киһи искусственнай интеллеги хайа баҕарар дьаһайар кыахтааҕын таайтарда. Онон хайдах эрэ кэҥээтим диэххэ сөп. Ылсыбыт санааҕытын ыһыктымаҥ, кустуктана оонньооҥ.

***

Биһиги бу олоххо билбэппит наһаа элбэх, барыта кистэнэн, аҕыйах киһи билэн, ону кытта атын күүстэр ону дьоҥҥо биллэрбэккэ атын хайысханан ыыта олороллор курдук. Биһиги төрүттэрбит, өбүгэлэрбит, бастакы итэҕэли оҥорбуттар билэн эрдэхтэрэ. Киһи аймах, дьиҥэр, наһаа суолталаах буолан баччааҥҥа диэри симэлийбэккэ кэллэҕэ. Киһиэхэ өй уонна биэс тарбах, илии, атах мээнэҕэ бэриллибэтэҕэ чуолкай. Өйүн сайыннаран, бу биэс тарбаҕынан айдын-туттун диэҥҥэ эрэ тиийэҕин.

Бу буола турар кэм киһи аймах сайдан атын таһымҥа тахсыыта дэнэр. Ол аата өйбүт күүһүрэн, тус бэйэҥ ис күүскүн аһан, ону күүһүрдэр, баһылыыр кэмиҥ кэлэн турар. Наар ким эрэ этэринэн буолбакка, бэйэҥ өйдөөх, толкуйдуур санаалаах, “разумный” буоларгын өйдүүр кэмиҥ. Эн, бастатан туран, бу дойдуга үөрэнэ кэлэҕин, куккун аһа, ол кэннэ өлөн хаалбакка атын хаттыгаска тахсан биэрэргин бу үөрэммит куккунан итэҕэйиэххин наада. Ити Сөдүөт эмчит үчүгэй баҕайытык кэпсиир дии, “түүн тахсан, урут олорон ааспыт дьону кытта кэпсэттим” диэн. Итинник улахан дьон хаһан да сымыйалаабаттар.

Хас биирдии киһи, бэйэҕит-бэйэҕитин бас билинэн, эккитин-сииҥҥитин кытта иллэһэн, үс куккутун холбоон, бу олорор кэмҥитигэр барытын биир сомоҕо буоларга талаһыахтааххыт. Бу буолар аныгы кэм киһитэ, Бүтүн киһи диэн, ол аата «бүттүүн үүн» дэнэр. Бу туругу туппут киһи тулалыыр эйгэни кытта биир буолар. Дэҥ маннык дьон кэлэн бардахтара, көстүбэккэ, биллибэккэ. Оттон биллибиттэрэ ити сибэтиэйдэр буолуо. Киһи олоҕор манна тардыһыахтаах, бу сааһыттан тутулуга суох. Эн, холобура, маннык таһымҥа тиийбэтэххинэ да, бу сыраҥ олоххор тулалыыр дьоҥҥор эн таһаарар сырдыккынан, күүскүнэн бэриллэр, ону таһынан хаан дьонуҥ ДНКларыгар суруллар, бу кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо улахан көмө буолар. Бу ДНК диэн Күнтэн түһэр көнтөспүт, сиртэн ситимниир силиспит диэххэ сөп. Бу төһөнөн үүнэр-сайдар да, аймах дьонуҥ, ону таһынан омугуҥ эмиэ сайдар. Маны тутустаххына, тулалыыр эйгэ эйиэхэ күүс-көмө буолар. Хас биирдии киһи атын эйгэни араастаан көрөр, ол гынан баран барытын холбоотоххо барыллаан тахсар.

***

Бу көстөр куйаар, эйгэ киһи тиэриллибитэ, ис өттүгэр диэн. Ону ырыттахха, маннык курдук тахсар. Бу көрөр киэҥ далай хараҥа куйаарбыт биһиги харахпыт нөҥүө киирэн барыта чөмчөкөбүт иһигэр ыгыллан, симиллэн, быыкаа хараҥа хах иһигэр хааллан, мэйии диэн аатырар. Мэйии иһигэр “серое вещество” баар дииллэр, сырдыкка таҕыстаҕына, оннук буолара чуолкай буоллаҕа. Бу киһи тыыннааҕар өйө-санаата оонньуур, салгын кут оҥорон көрөр сирэ, маны кини көрөн-истэн, тутан-хабан, сыттаан, амтаһыйан оҥорон көрөр, быһаарар. Куһаҕаны, хараҥаны саныыр түгэммитигэр, мантыбыт сырдык санааларбытын оборон ылан, хара хайаҕаска симэр, ону биһиэхэ куйаарга көстөр “чёрнай дыра” туоһулуур. Онтон сырдык санааларбыт бу Күнтэн кэлэллэр, ол аата сүрэхпит нөҥүө Ийэ кут сүр нөҥүө кутар күүһэ. Бу күүс элбээн бардаҕына, төбөҥ иһэ дьэҥкэрэн, ырааһыран, сырдаан, көтө сылдьар турукка кэлэҕин. Оттон эппит-сииммит – Буор куппут, Ийэ сирбит. Билиҥҥи тиэхиньикэ көмөтүнэн көрдөххө, мэйии үлэлиир кэмигэр олох космоһы санатарын көрбүккүт буолуо баҕар биирдэ эмэ түбэһэн. Мантан сирдэтэн көрдөххө, барыта кыраттан эриллэн, оһуорданан-бичиктэнэн, улаатан иһэр, бэйэлэрин истэригэр хос-хос хааламмыт эттиктэр биир кэлим убаҕас (эфир, разум, өркөн өй, Таҥара) иһигэр баарбыт диэххэ сөп курдугар тахсар. Кристал курдук оҥоһуулаах, ол иһин санаабыт санааҥ, бэйэҕэр сиэркилэттэн тэйэр курдук араастаан эргийэн кэлэр, иһиттэн дуу, таһыттан дуу. Маны таһынан ити олоҕуҥ устата тугу санаан, хайдах санаан мунньуммутуҥ кэлин ханнык аанынан тахсаргын быһаарар диэххэ сөп, сырдык эбэтэр хараҥа. Маны өйдөөн сырдыкка тардыһыаҕыҥ, барыта бэйэҥ илиигэр, эн киин буоларгын умнума, барыта эн оҥорон көрөргүттэн тутулуктаах. Кустук араас уотунан сандаарыаҕыҥ.

***

Киһи бу олоххо тугу гына кэлэр диэҥҥэ, сыта-тура сабаҕалаатахха, сахалыы анаардахха, маннык толкуйга кэллибит. Бу олорор сирбит бэйэтэ туһунан тыынар, улаатар, сайдар, бэйэбит курдук сааһырар, өйдөнөр. Ол тэҥинэн дьон эмиэ, хас эмэ үйэлэргэ кинилиин бииргэ сайдан иһэбит. Биһиги хайдах сайдабыт да, сирбит оннук сайдар. Киһи бу сир араас органнарын килиэккэлэрэ диэххэ сөп. Ол иһин сорох омук элбэх ахсааннаах, сорох аҕыйах. Аны туран киһи ийэттэн уонна аҕаттан кэлэр буолан, ДНК икки спиральтан турар диэх курдук, бу биирэ “минус” сири кытта холбоһор, иккиһэ “плюс” куйаары, күнү кытта холбоһуу. Ол аата ийэ төрүүрүн иһин, төрүттэрбит сиргэ хаалаллар (буор кут), онтон аҕа халлаан (салгын кут), өй-санаа диэххэ сөп курдук. Бу икки куту эн дьиҥ бэйэҥ, ол аата Ийэ кутуҥ, холбоон үс куттанан киһи буолан тахсар эбиккин диэххэ сөп. Бу манна дьэ эн сүрүҥ күүһэ улахан быһаарыыны оҥорор. Мантан көстөрүнэн, бу ДНК диэн Күнтэн тэһииммит, Сиртэн ситиммит буолар. Ол хаһан да симэлийбэт, төрүттэн төрүккэ, өбүгэттэн өбүгэҕэ бэриллэ турар өлбөт үөстээх күүс. Ол иһин хас киһи иһин төрүттэр, өбүгэлэр туох сатыылларынан көмөлөһө, өйдөтө сатыыллар эбит. Син көрө билэр маспыт курдук, уруу аймах дьоннорун үүннэрэн-сайыннаран иһээри. Ол иһин күүстээх хааннаах дьон көлүөнэлэрэ, син биир хайдах да олох кэллин, симэлийбэккэ сириэдийэ тураллар, итиннэ төрөөбүт сирдэрэ эмиэ туһалыыра чуолкай, кини бу аймах нөҥүө билэрэ, сайдара күүһүрэр, ол иһин иччилэринэн араҥаччылатар, моһолу туоратар. Онон киһи манна да көстөрүнэн киин буолар, бастаан бэйэҥ искэр бэрээдэк олохтоон, бэйэҥ килиэккэлэргин кытта иллэстэххинэ, ол килиэккэлэриҥ бэйэлэрин истэрин түргэнник быһаараллар. Тоҕо диэ, төһөнөн эттик улаатан иһэр да, бириэмэ уунан, уһаан иһэр буолуон сөп. Дьэ барыта ортотун булан, олох тупсууга барыа эбитэ буолуо. Былыр бүтүн киһини туох да абааһыта сиэбэт дииллэрэ. Дьэ ол иһин бүтүн дьоммут элбиирин туһугар харса суох бэйэҕитин кытта үлэлэһэн иһиҥ. Күн сыламынан чэлгийэр тэтимнэниэҕиҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....