02.10.2023 | 10:00

Бүтүн Арассыыйатааҕы сырдатар аахсыйа ыытылынна

Бүтүн Арассыыйатааҕы сырдатар аахсыйа ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка «ДТК – ааҕыы киинэ» оҕо библиотекатыгар «Поделись своим знанием» Бүтүн Арассыыйатааҕы сырдатар аахсыйа ыытылынна диэн киин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Тэрээһин спикера – ХИФУ пединститутун «Информатика уонна вычислительнай тиэхиньикэ» кафедратын доцена, педагогическай наука кандидата Максим Сорочинскай. Кини оҕолорго «Мэйиибит туһунан тугу билиэхпитин сөбүй» диэн научнай-сырдатар лекцияны ыытта.

Лекцияҕа оҕолор мэйии тутулун уонна кыаҕын туһунан биллилэр. Итиэннэ хас биирдии үөрэнээччи киһи мэйиитин үлэтин көрдөрөр нейро-оонньуулаах гаджетынан туттан көрдө. Оҕолор элбэҕи билэн, наһаа үөрэн, астынан тарҕастылар.

2023 сылга Максим Сорочинскай «Билии» уопсастыба ыытар «Лектордар лигалара» куонкурус үһүс түһүмэҕин түмүгүнэн дойду бастыҥ лекторынан билиниллибитэ.

Аахсыйа тэрийээччитэ –  «Билии»  Арассыыйатааҕы уопсастыба, өйөөччүлэр – Үөрэҕирии, наука уонна үрдүк үөрэх, итиэннэ култуура министиэристибэлэрэ.

Тэрээһин дойду талааннаах дьонун түмэр. Кинилэр наукаҕа, экологияҕа, технологияларга билиилэрин атын дьону кытта үллэстэргэ бэлэмнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...