Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһинэн сибээстээн дьэллик ыттары тутуохтара
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев 2021 сыл алтынньы 15 күнүттэн саҕаланар Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис иннинэ куорат дьэллик ыттарын тутары күүһүрдэргэ сорудахтаата.
"Куорат бары уокуруктарыгар, ордук чааһынай дьиэлэр түөлбэлэригэр биэрэписчиктэр куттала суох сылдьалларыгар дьэллик ыттары тутууну күүһүрдүөххэ наада", – диэтэ баһылык.
Күһүн буолла даҕаны дьэллик ыт ахсаана элбиир. Ол үксүн дьон эппиэтинэһэ суохтарыттан, тыыннаах харамайга хабыр сыһыаннарыттан тахсар. Даачаҕа олорооччулар сайыны быһа ыты ылан, оҕолоругар оонньуур оҥостон, дьиэлэрин харабыллатан баран кыстыкка көһөллүрүгэр быраҕан бараллар. Хомойуох иһин, сылтан сыл оннук хартыына хатыланар. Билиҥҥи туругунан, Дьокуускайдааҕы бэйдиэ сылдьар ыттары тутар пууҥҥа 482 ыт баар. Нэдиэлэ устата 72 ыты тутан аттаабыттар, ыраастабыттар, 42 ыкка вакцина туруорбуттар уонна 46 ыты төттөрү уулуссаҕа ыыппыттар. Маны сэргэ 39 ыт саҥа хаһаайынын булбут, билигин 51 ыты тутарга сайаапка киирбит.