Бүтүн арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр бэлэмнэнии хаамыыта
Быйыл, 2021 сыл алтынньы ый 1 күнүттэн 31 күнүгэр диэри Бүтүн арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ ыытыллар. СӨ судаарыстыбаннай статистикаҕа федеральнай сулууспатын Территориальнай уоргана биэрэпискэ быстах кэмҥэ үлэлиэн баҕалаах дьону хомуйар. Саха сиригэр биэрэпиһи ыытарга 3000-тан тахса киһи ирдэнэр. Итиннэ 2019 сылтан үлэлии сылдьар биэрэпис боппуруостарынан дьарыктанар уполномоченнайдар, биэрэпис учаастактарыгар үлэлиир контролердар, суоттуур уонна стационарнай учаастактар биэрэписчиттэрэ, проводниктар уонна тылбаасчыттар киирсэллэр.
Биэрэпис хаамыытын билсэр сыаллаах СӨ судаарыстыбаннай статистикаҕа федеральнай сулууспатын Территориальнай уорганын олох таһымыгар, кэтэх хаһаайыстыбаҕа, нэһилиэнньэҕэ уонна доруобуйа харыстабылыгар статистикатын салаатын начальнигын солбуйааччы Мария Анатольевна Беляшованы кытта кэпсэттим.
– Мария Анатольевна, быйылгы Бүтүн арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ хайдах быһыылаахтык ыытылларый?
– Бүтүн арассыыйа-тааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ ыытыллар сүрүн болдьоҕор – 2021 сыл алтынньы ыйыгар ыйытык (опрос) лиистэрин Интэриниэт нөҥүө, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалар өҥөлөрүн Биир кэлим портаалыгар киирэн толоруохха сөп. Биэрэпискэ итинник көрүҥүнэн кыттар олус табыгастаах. Ол иһин ким өссө судаарыстыбаннай өҥө портаалыгар киирэн регистрацияламматахтар түргэнник оҥоро охсоргутугар ыҥырабын.
Гражданин респондент быһыытынан биэрэпискэ кыттарын бигэргэтэн цифровой код ылыаҕа. Биэрэписчик дьиэлэригэр кэллэҕинэ планшет экраныттан, смартфонтан эбэтэр эрдэттэн бэчээттээн таһаарыллыбыт лиискэ штрих-коду көрдөрүөххэ наада. Биэрэпис анкетатыгар суруллубут информация бүтүннүү биэрэписчиктэр систиэмэлэригэр бэриллэр. Хас биирдии биэрэписчик планшетынан хааччыллар.
Итини сэргэ, стационарнай учаастактар үлэлиэхтэрэ, дьон онно бэйэлэрэ кэлэн дааннайдарын суруттарыахтарын сөп. Стационарнай учаастактар МФЦ-га, Арассыыйа почтатын салааларыгар уо.о.д.а. сирдэргэ арыллыахтара. Оччотугар киһи дьиэтигэр биэрэписчик хаһан кэлэрин кэтэһэ, сирэй көрсөн кэпсэтэ сатаабат. Кыайан кэлэр кыаҕа суох, эбэтэр баҕарбат дьон биэрэписчиги дьиэлэригэр күүтэр кыахтаахтар. Ити түбэлтэҕэ, биэрэписчик дьиэлэригэр тиийэн биэрэпис лиистэрин барытын ыйыта-ыйыта бэйэтэ толорор.
– Биэрэпиһинэн ким хабылларый уонна ханнык ыйытыктары биэрэллэрий?
– Биэрэпиһинэн РФ территориятыгар ити кэмҥэ баар киһи барыта хабыллар. Ол иһигэр аарымыйа кэккэтигэр сулууспалыы сылдьар байыаннай эбээһинэстээхтэр, социальнай харалта тэрилтэлэригэр олорор дьон (кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ), медицинскэй тэрилтэлэргэ эмтэнэ сытааччылар, нэһилиэнньэлээх пууннартан тэйиччи сытар тэрилтэлэргэ үлэлиир дьон (гидрометеостанциялар, гидропостар, кордоннар, заповедниктар) уонна көҥүллэрэ сарбыллыбыттар.
Биэрэпис – дойдубут нэһилиэнньэтин цифровой мэтириэтэ. Ону оҥорор курдук судаарыстыба территориятыгар олорооччулары барыларын хабарбыт ирдэнэр. Хас биирдии киһи туһунан дааннайдар хомуллуохтаахтар – дьахтар дуу, эр киһи дуу, сааһа, дьиэ кэргэн балаһыанньата (кэргэннээҕэ-суоҕа), үөрэҕэ, дьарыга, бу миэстэҕэ хаһааҥҥыттан олороро, дьиэтээҕи усулуобуйата.
2010 сыллааҕы биэрэпиһи кытта тэҥнээтэххэ, сорох ыйытыктар арыый уларытыллан, эбиллэн биэрбиттэр.
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун уонна социальнай-демографическай политика өттүнэн чуолкай, киэҥ хабааннаах хартыына тахсарын курдук, хантан харчыланан олорор туһунан ыйытыкка хоруйдуурга хас да вариант баар буолбут – «хамнас», «предпринимательствоттан дохуот, тус дьарыктаах буолуу (самозанятость)», «бэйэ туттарыгар табаары оҥорон таһаарыы».
Үлэһиттэр халбаҥныылларын, көһөллөрүн көрдөрөр сыаллаах «Сүрүн үлэҕит ханна баар этэй?» диэн ыйытык дириҥээн биэрэн, ордук сиһилии буолбут. Итинтэн гражданин урут ханна үлэлии сылдьыбыта, үлэтинэн атын нэһилиэнньэлээх пууннарга төһө элбэхтик барара чуолкайданар.
Итини таһынан, урукку олорбут миэстэ туһунан ыйытык эбиллибит, ити гражданин кэнники 10 сыл иһигэр төһө элбэхтик көспүтүн көрдөрөр.
Саха сирин олохтоохторо уопсайа 33 ыйытыкка хоруйдуохтара: 10 ыйытык олорор сиргэ, 23 – дьиэтээҕи хаһаайыстыба хас биирдии чилиэнигэр сыһыаннаах буолуоҕа.
Омук сириттэн кылгас болдьоххо кэлбит гражданнар (1 сылтан кылгас кэмҥэ) биэрэпиһи кылгатыллыбыт бырагырааманан ааһыахтара. Кинилэргэ 7 эрэ ыйытык бэриллэр.
– Биэрэпискэ бэлэмнэнии хаамыыта хайдаҕый?
– Бүтүн арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр бэлэмнэнии үлэтэ тиһэх кэрдииһин бара турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ уһулуччу суолталаах боппуруостар - аадырыстар испииһэктэрэ уонна нэһилиэнньэ ахсаана, ханнык ыраах, дьон тиийэригэр уустуктардаах территория баара уонна онно биэрэпиһи ыытыы болдьоҕо чопчуланна, тэрийии былаана оҥоһулунна. Былаан быһыытынан өрөспүүбүлүкэ территорията биэрэпистиир уонна ааҕар-суоттуур (счетнай) учаастактарга тыырылынна, персонал, биэрэпистиир уонна стационарнай учаастактар ахсааннара быһаарылынна. Дьокуускай куорат территорията 641 ааҕар-суоттуур учаастактарга тыырылынна. Ити учаастактар 104 учаастак гына холбоннулар. Киин куорат нэһилиэнньэтин биэрэпистиир курдук 800-чэ киһи үлэлиирэ ирдэнэр (биэрэписчиктэр уонна контролердар). Бүтүн арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин ыытарга улахан оруол бэйэни салайыныы олохтоох уорганнарыгар бэриллэр. 2002 сыл тохсунньу 25 күнүнээҕи 8-ФЗ №-дээх «Бүтүн арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин туһунан» Федеральнай Сокуон 6-с ыстатыйатыгар олоҕуран, бэйэни салайыныы олохтоох уорганнарыгар хаачыйыы өттүгэр судаарыстыбаннай боломуочуйалар бэрилиннилэр:
- харабыллаах, маллаах, үлэлииргэ уонна биэрэпиһи ыытар дьону үөрэтэргэ табыгастаах, сибээһинэн хааччыллыбыт, биэрэпис лиистэрин уонна да атын докумуоннарын харайарга толору эппиэттиир дьиэни булан биэрии.
- үлэһиттэри уонна биэрэпис докумуоннарын ыытыллар сиригэр диэри таһар тырааныспарынан хааччыйыы.
Итини таһынан, бэйэни салайыныы олохтоох уорганнара бэйэлэрин территорияларыгар, муниципальнай тэриллиилэргэ уулуссалар ааттара, дьиэлэр уонна кыбартыыралар нүөмэрдэрэ чуолкай ыйылла сылдьалларын иһин, ону сэргэ нэһилиэнньэлээх пууннар кыраныыссалара чуолкайын, олорор дьиэлэр уонна нэһилиэнньэ ахсаанын дааннайдарын, подъездтарга уотунан сырдатыы баарын уонна дьэллик ыттар боппуруостарын быһаарыыга эппиэттииллэр.
– Биэрэпискэ кылгас болдьоххо дьону үлэлэтии туһунан кэпсэтиэх.
– Саха сиригэр биэрэпиһи ыытарга 3000-тан тахса киһи, ол иһигэр 2268 биэрэписчик ирдэнэр.
Биэрэписчигинэн сокуоннай саастарын сиппит Арассыыйа гражданнара үлэлиэхтэрин сөп. Онон 18 саастарын туолбут дьону алтынньы ый иннинэ күүтэбит. Хайдах биэрэписчит буолар туһунан сиһилии Сахастат сайтыгар көрүөххүтүн сөп.
Биэрэпискэ кыттан үлэлиэн баҕалаах дьон бу төлөпүөннэринэн билсиэхтэрин сөп 8(4112)42-45-17, 8(4112)34-16-23, эбэтэр резюмеларын электроннай аадырыска ыытыахтарын наада: sakha.031@gks.ru эбэтэр sakha@gks.ru «нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр кыттыы» диэн бэлиэтээн туран.
– Биэрэписчик буолуон баҕарар дьоҥҥо туох ирдэбил баарый?
– Быстах кэмҥэ (биэрэпис кэмигэр) ылар үлэһиттэргэ сүрүн ирдэбил – тэрийэр дьоҕур, дьону кытта түргэнник уопсай тылы булан үлэлээһин, 2002, 2010 сыллардааҕы Бүтүн арассыыйатааҕы биэрэпискэ уонна 2006, 2010 сыллардааҕы Бүтүн арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһигэр үлэлээбит уопуттаах дьон буоллаҕына өссө үчүгэй. Биһиэхэ кэлэн үөрэнэллэр уонна тестированиены ааһаллар.
Хас биирдии биэрэпис – улахан өйдөбүнньүк түбэлтэ, сырыы аайы хатыламмат кэрэхсэбиллээх. Ити нэһилиэнньэ учуота эрэ буолбатах,ону таһынан умнуллубат өйдөбүл, араас дьону кытта көрсүһүү, алтыһыы буолар. Хомуллубут дааннайдарга – араас дьон дьылҕата.
Онон эдэр буоллаххытына, биэрэпис кэмигэр хатыламмат олох уопутун ылан хаалыаххытын сөп. Оттон олоххо уопуттаах буоллаххытына дойдугут, дьоҥҥут туһунан атын хараххытынан көрүөххүтүн сөп.
Инники идэлэринэн социолог, демограф, психолог буолуон баҕарар эдэр дьоҥҥо – бу туохха да тэҥнэммэт практика. Ким баҕалаах, социальнай үлэһит оруолугар киирэн, араас дьону кытта алтыһан билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэттиэхтэрин сөп.
Манна даҕатан эттэххэ, Бүтүн арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин сэргэ быйыл РФ Бырабыыталыстыбатын 2020 сыл атырдьах ыйын 29 күнүнээҕи 1315 №-дээх Уурааҕар олоҕуран, 2021 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн 30 күнүгэр диэри РФ территориятыгар тыа хаһаайыстыбатын микробиэрэпиһэ буолар. Маннык улахан хабааннаах тэрээһин 2005 сыл от ыйын 21 күнүнээҕи 108-ФЗ №-дээх «Бүтүн арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһин туһунан» Федеральнай сокуонугар олоҕуран биэс сылга биирдэ ыытыллар.