Бүтүн Арассыыйатааҕы хаамыы күнэ бэлиэтэнэр
СӨ Физическэй култуураҕа уонна маассабай спортка управлениета иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 30 күнүгэр киин куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы хаамыы күнэ бэлиэтэниэҕэ. Тэрээһин Московскай кумах кытылга П. И. Бекетов пааматынньыгын таһыгар ыытыллар.
Хаамыы күнэ Аан дойдутааҕы сүрэх күнүгэр уонна «Стимул» хаалыктаах хаамыынан дьарыктанааччылар кулууптара төрүттэммитэ 10 сылыгар ананар.
Тэрээһиҥҥэ кыттарга үлэ кэлэктииптэрин, уопсастыбаннай тэрилтэлэри, сойуустары, кулууптары, биирдиилээн дьону, устудьуоннары уонна сокуоннай саастарын сиппит оҕолору ыҥыраллар.
Кыттааччылары сарсыардааҥҥы сэрээккэ уонна хаалыктаах хаамыыга маастар-кылаас күүтэллэр.
Тэрээһин бырагыраамата:
09.00 — регистрация;
09:45 — сарсыардааҥҥы сэрээккэ;
10.00 — Бүтүн Арассыыйатааҕы хаамыы күнүн аһыллыыта;
10.20 — хаалыктаах хаамыыга маастар-кылаас;
10.30 — уопсай старт;
11.30 — наҕараадалааһын;
11.50 — «Человек идущий» фоновай хаамыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыыта.