Бүлүү Тааһаҕарыгар таас оскуола үлэҕэ киирдэ
2016 сыл кулун тутар 1 күнүгэр 100 миэстэлээх оскуола оҥкулун сүрүн тирэҕэ түспүтэ, үйэлээх тутуу саҕаламмыта, сиэр-туом толоруллубута. Бу сылга өр сылларга ыра санаа буолбут кэтэһиилээх саҥа оскуола тутуута түмүктэннэ, үлэҕэ киирдэ, аанын тэлэччи аста.
Саҥа таас оскуолаҕа оҕо-аймах үөрэҕи өссө өрө тутуо, онно ирдэбил үрдүө, аныгылыы усулуобуйа тэриллиэ, ыччат ыыра кэҥиэ, нэһилиэк сайдыыта тэтимирэ, кэскиллээх саҕахтар арылла туруохтара. Н.Н. Каратаев аатынан Тааһаҕар оскуолата 100 сыл устата элбэх көлүөнэ ыччаты үөрэх-билии аартыгар үктэннэрэн, чулуу дьону иитэн таһаарбыт үөрэх кыһатынан биллэр. Олор истэригэр бааллар: учуобунньуктар ааптардара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, педагогическай наука кандидата, С. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата И.И. Каратаев, СӨ Үрдүкү суутун бэрэссэдээтэлэ, РФ, СӨ үтүөлээх юриһа Н.Н. Каратаев, С. Аржаков соратнига, Орто Бүлүүгэ сэбиэскэй былааһы олохтоспут бастакы бассабыык П.П. Харлампьев уо.д.а.
Мин бу оскуолаҕа, 1975 сыллаахха үрдүк үөрэҕи бүтэрбит 20 саастаах эдэр специалист нуучча тылын учууталынан ананан педагогическай үлэбин саҕалаабытым. Миигин, саҥа үлэһити, сирэ-уота илгэлээх, дьоно-сэргэтэ иллээх, истиҥ эйгэлээх Тааһаҕарга тиксиһиннэрбитигэр дьылҕабар махтанабын. Дэриэбинэни, олохтоохтору, оскуола кэлэктиибин аан бастакыттан сөбүлээбитим. Оскуолам иллээх кэлэктиибин кытары айымньылаах үлэ умсулҕаныгар ылларан, үлэ үлүскэнигэр үлүһүйэн,бастакы алҕастары туораан, ситиһии эҥээрдэнэн, учуутал тускуллаах үөрүйэхтэрин иҥэриммитим, идэм уустугун, эппиэтинэстээҕин эппинэн-хааммынан билбитим, Умнуллубат бастакы аһаҕас уруогум ырытыытын дириэктэрим А.Ф. Афанасьев хайҕал тылларынан саҕалаабыта, ону биир идэлээхтэрим ситэрэн-хоторон биэрбиттэрэ, идэбин сөпкө талбыппын диэн бөҕө санаалаабыта. Ол туругум оҕону, ыччаты үөрэтиигэ-иитиигэ күн бүгүнүгэр диэри 45 сыл тухары педагогическай ситиһиилэрим тирэхтэрэ буолаллар. Тааһаҕардарбын кытары күн бүгүҥҥэ дылы ыкса алтыһабыт, биир идэлээхтэрбин ханнык да түгэҥҥэ умнубаппын, көрүстэрбит эрэ кэпсэтиибит оскуолабыт тула буолар.
Светлана Мытник, Бүлүү куората