29.05.2023 | 15:16

Бөх тоҕор полигон сабыллар. Саҥа полигон үлэҕэ киирэрэ чугаһаата

Бөх тоҕор полигон сабыллар. Саҥа полигон үлэҕэ киирэрэ чугаһаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүлүүлүүр суол 27-с км тутуллан эрэр бөх тоҕор саҥа полигон аны күһүн номнуо үлэҕэ киирэр туруктаах. Былырыын саҕаламмыт баараҕай тутуу хаамыытын ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бэрэбиэркэлээтэ.
Полигон икки түһүмэҕинэн тутуллар. Бастакы уочарат полигон бары инфраструктурата уонна биэстэн икки бастакы учаастак оҥоһуллар. Онон номнуо бу сылтан саҥа полигон үлэлээн саҕалыыр кыахтаах. 
Дмитрий Садовников бэлиэтээбитинэн, төһө даҕаны үлэ график быһыытынан баран истэр, тутуу сезонун баттаһа эбии үлэһиттэри, анал тиэхиньикэни туруоруохха наада.
Полигон иккис түһүмэҕэ 2024-2028 сылларга олоххо киириэхтээх. Тутуу уопсай сыаната 3,7 млрд солк. тэҥнэһэр, бастакы уочарат сыаната - 2,4 млрд солк. Үбүлээччинэн «Комплексная система обращения с твердыми коммунальными отходами» национальнай бырайыак «Экология» бырайыагынан СӨ бүддьүөтэ буолар.
Дмитрий Садовников маны сэргэ Бүлүүлүүр суол 8 км саҕаламмыт бөҕү наардыыр ыстаансыйаҕа сырытта. Бу бырайыак «Айылга» тэрилтэ СӨ бырабыыталыстыбатын кытта концессионнай дуогабарынан тутуллар.
Ыстаансыйа сылга 150 тыһыынча туонна ТКО ылар кыамталаах. Ону 100% наардыыр кыахха таҕыстаҕына, полигоҥҥа быраҕыллар бөх иэнэ лаппа аҕыйыахтаах.
Бу икки баараҕай бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ бөҕү таҥастыыр промышленнас сайдыытыгар тирэх буолуохтаахтар, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...