16.04.2024 | 09:36

Бөх тоҕор контейнардарга сыһыаннаан суут бүтэһиктээх быһаарыыны ылынна

Бөх тоҕор контейнардарга сыһыаннаан суут бүтэһиктээх быһаарыыны ылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 3 күнүгэр Төрдүс арбитражнай апелляционнай суут СӨ Арбитражнай суутун 2024 сыл тохсунньу 29 күнүгэр «ЯКУТСКЭКОСЕТИ» ХЭТ үҥсүүтүнэн «ЖКХ Губинский» Салайар хампаанньаҕа туһаайан ылыммыт быһаарыытын уларытыыта суох хаалларда.
Үҥсүү «ЖКХ Губинский» Салайар хампаанньа бөх тоҕор контейнердары нэһилиэнньэ уонна бөх тиэйэр оператор үлэһиттэрин олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталы суоһуур гына туруорбутугар, контейнердар түргэнник туолалларыгар сыһыаннаах этэ. Үҥсүү өссө биир төрүөтүнэн Салайар хампаанньа Дьокуускай куорат прокуратуратын дьаһалын толорботоҕо буолбута.
«ЖКХ Губинский» бэйэтин өттүттэн контейнердары атыылаһыыны уонна уларытыыны региональнай оператор бэйэтэ уйунуохтааҕын, ону ааһан контейнердар уонна ону туруорар балаһаакка МКД учаастагар киирбэттэрин туруорсубута.
Суут региональнай оператор үҥсүүтүн өйөөн, Салайар хампаанньаны Дьокуускай куоракка маннык аадырыстарга сөптөөх контейнердары туруорарга эбээһинэстээтэ: Лермонтов уул., 35/1, Петр Алексеев уул.,  21, 21/1; Кулаковскай уул., 4/2, 4/3; Ленин пр., 23, 44; Чернышевскай уул., 22/2, 118; 202-с мкр 7-с, 9-с, 16.-с, 18-с, 19-с, 25-с куорпустарын таһыгар. 
Инньэ гынан, суут быһаарыытынан, Салайар хампаанньа контейнердары саҥардарын таһынан, суут ороскуотун уйунарга уураахтанна, диэн иһитиннэрэр "Якутскэкосети"

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...