21.09.2022 | 16:00 | Просмотров: 604

Бөх полигонун тутуу былаан быһыытынан барар

Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан полигон олоҕун оҥоруу салҕанар, инертнэй матырыйааллары тиэйиигэ 90-ча тиэхиньикэ үлэлиир диэн иһитиннэрдэ СӨ ОДьКХ уонна энергетикаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Барыта 377,5 тыһыынча кубометр кумах ирдэнэр, итинтэн 112,4 тыһыынча кубометра тиэйиллибит. Итини кытта хайыр тааһы, пенополистирол билиитэлэрин таһаллар. Бэдэрээтчит пенополистирол билиитэлэрин бастакы дьапталҕатын ууран саҕалаата. Итиэннэ административнай-бытовой корпус уонна хаһаайыстыбаннай тутуулар сыбаайалара, итини сэргэ дизельнэй электростанция уонна икки резервуар туруорулуннулар.   

ОДьКХ уонна энергетика миниистирин бастакы солбуйааччыта  Виктор Романов бэдэрээтчиккэ инертнэй матырыйааллары таһар тэтимин ыһыктыбатыгар уонна тутуу матырыйаалларын тиэйиитин ураты хонтуруолга ыларыгар сорудахтаата.

Манна даҕатан эттэххэ, бөх полигонун тутуу «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Эбийиэк  бастакы уочарат тутуута 2023 сылга үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.