22.06.2022 | 19:56

Өбүгэ алгыстаах аһа

Өбүгэ алгыстаах аһа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыһыахха тугу астанабыт? Үгүс хаһаайка бу күннэргэ сахалыы астаах кинигэлэрин көрөн эрэр буолуохтаах. Бу сырыыга ааҕааччыларбытыгар 2012 сыллаахха “Көмүөл” кинигэ кыһата таһаарбыт Иннокентий Тарбахов “Өбүгэ алгыстаах аһа” диэн кинигэтиттэн ырысыаптары бэчээттиибит.

Ойоҕос

Эһиэхэ наада: 1,2 кг сылгы ойоҕоһо, 10 г хартыыһа, туус. Тиэстэтин ырысыаба: ыстакаан 1/3-рэ 25%-наах сүөгэй, 25 г бурдук, сымыыт аҥаара, туус, биэрэс, лииһи соторго сыа.

Сылгы ойоҕоһун духуопкаҕа буһарарга 10 см уһуннаах гына эттэниллэр, тымныы уунан сууйуллар. Маҥнай тууһунан сотуллар, онтон оҥоһуллубут хартыыһанан таһын чараас гына сотуллар. 25%-наах сүөгэйгэ туустаан, биэрэстээн, сымыыттаан тиэстэ бэлэмнэниллэр. Алаадьы тиэстэтинээҕэр убаҕас буолуохтаах. Итинник тиэстэнэн ойоҕоһу барытын сотуллар уонна сыанан биһиллибит лиискэ ууран, итии духуопкаҕа буһара угуллар. Духуопка төһөнөн итии да, ойоҕос буһуута түргэтиир. Ойоҕос саһарчы буһан эрдэҕинэ бэйэтиттэн тахсыбыт сүмэһинин холбуйан ылан үрдүгэр кутан иһиллиэхтээх. Ити кэмҥэ духуопка температуратын кыччатан бэриллэр. Быһах уһугунан дьөлө астахха дьэҥкир сүмэһин таҕыстаҕына, буспут диэн быһаарыллар. Ол кэннэ ойоҕоһу хаппахтаах иһиккэ хоторуллар уонна лиискэ хаалбыт сүмэһини холбуйан ылан ойоҕоско кутан, хаппахтаныллар. Буспут аска эбии уулаах отону, хаппыыста салаатын, туустаах оҕурсуну, эриэппэ луугу ууран бэриллэр.

Ис үөрэтэ

Бастакы ньыма: түөрт порция ис үөрэтин бэлэмниир буоллахха, 100 г үөс тардар, 100 г сүрэх, 100 г бүөр, 200 г харыҥ, 100 г быыһас, 100 г быар, 25 г бурдук уонна бэйэҕэ сөп буоларынан туус, 50 г тууһаммыт күөх луук наада.

Үчүгэйдик ыраастаныллыбыт, сууйуллубут ис ити көрүҥнэрин биир тэҥ гына кырбаныллар. Көстүрүүлэҕэ 2 л тымныы ууга бэлэмнэниллибит иһи кутан буһара ууруллар. Ис үөрэтэ оргуйан эрдэҕинэ, үөһэ тахсыбыт төбүрэҕин холбуйуллар уонна туус кутуллар. Буһарыы 1,5-2 чаас устата барар. Оргуйбут миинтэн баһан ылан, сойбутун кэннэ сэлиэй оҥоһуллар уонна оргуйа турар мииҥҥэ кутуллар. Ис үөрэтэ оргуйан бүтүүтүн саҕана бэлэмнэниллибит быары эбии кутуллар, лавровай лииһи уонна күөх луугу эбиллэр. Үөрэни итиилии тэриэлкэлэргэ кутан, остуолга аҕалыллар.

Иккис ньыма: түөрт порция ис үөрэтин буһарар буоллахха, 20 г харыҥ, 10 г үөс тардар, 100 г быыһас, 100 г сүрэх, 150 г быар, 170 г хортуоппуй, туус ылыллар. Ыраастаныллан, кырбанан бэлэмнэниллибит быартан атыннарын 2 л ууга кутан оргута ууруллар, оргуйан эрдэҕинэ төбүрэҕин холбуйуллар. Ортолуу буһуута хортуоппуйу, онтон быары кутуллар. Луук, лавровай лиис эбиллэр.

Үһүс ньыма: түөрт порцияны буһарар буоллахха, 100 г үөс тардар, 100 г быыһас, 200 г харыҥ, 100 г сүрэх, 150 г быар, 50 г чоҕочу (итир), 250 г хаппыыста, 15 г бурдук уонна тума бэлэмнэниллэр. Син эмиэ бастакы ньыма курдук буһарыллар. Үөрэ оргуйаатын кытары тоҥ эбэтэр сибиэһэй хаппыыстаны эбиллэр. Хаппыыста буһуута быары кутуллар уонна эрдэ баһыллан сойутуллубут мииҥҥэ сэлиэй оҥоһуллан эбиллэр. Маннык мииҥҥэ амтанын өссө тупсарар сыалтан кыратык чөчөгөй кутуллар.

Саламаат

5 ыстакаан сүөгэйгэ 75 г бурдугу ытыйан баран, оһоххо итии турар хобордооххо буһараллар. Буһарар кэмҥэр тохтоло суох булкуйа туруохтааххын. Бу саламаат буһарыыта түргэн. Саламааты буспут хобордооҕор остуолга аҕалан ууруллар. Эбэтэр тус-туспа анал иһиттэргэ бэриллэр.

 

Астаах саламаат

Биир өлүүгэ: убаһа тыла – 75 г, эриэппэ луук – 10 г, тэллэй (шампиньон) – 10 г, эт бульона – 25 г, саламаат – 75 г, туус, биэрэс, күөх үүнээйи.

Убаһа тылын куһуоктарынан быһаҕыт. Луугу кыра гына кырбаталаан ыһаарылыыгыт. Сылгы тылын уонна тэллэйи туспа ыһаарылыыгыт. Маны барытын бульоннаах туой горшокка уган, үрдүгэр саламаат кутан баран, 150 кыраадыс итии духуопкаҕа буһараҕыт. Сөпкө буспут саламаат минньигэс хаҕынан бүрүллүөхтээх, кытыытынан арыыта халыйан тахсыахтаах. Остуолга уурарга буспут ас үрдүгэр күөх үүнээйини табыгынатаҕыт.

Быырпах

Быырпаҕы сүнньүнэн икки суол ньыманан бэлэмниэххэ сөп. Бастакыта: 3 лиитирэ быырпаҕы ыларга: 400 г (1 бааҥка) сгущеннай үүт, 2 ыст. суорат, 2,2 л уу. Оргутуллубут ууга сгущенканы кутуллар, ити кэнниттэн суорат холбонуллар. Муос ытыгынан үчүгэйдик ытыйыллар уонна иһити ыга хаппахтаныллар. Бэлэмнэниллибит быырпаҕы 8-10 чаас туруоруллар. Быырпах үрдүгэр бытархай хабахтар тахсалларын саҕана эмиэ үчүгэйдик ытыйыллар уонна 4-5 чаас устата ыга хаппахтаан салгыы туруоруллар. Көөнньөрүллүбүт быырпаҕы иһиэх иннинэ сүөгэй куттахха, утах ордук минньигэс буолар.

Быырпах иккис көрүҥэ өссө судургу: 3 лиитирэ быырпаҕы ылар буоллахха, ыстакаан аҥаара сүөгэй, 1,2 л суорат, 1 л уу, 20 г саахар бэлэмнэниллэр. Оргутуллубут ууга сүөгэйи, суораты, саахары кутан, бытархай хабахтар тахсыахтарыгар диэри ытыйаллар. Ол кэнниттэн утаҕы 8-10 чаас устата итии сиргэ ыга хаппахтаан ууруллар. Көөнньөрүллүбүт быырпаҕы сойутан баран, иһиэх иннинэ, ытыйыллар. 

 Кымыс

Билигин кымыһы араас ньыманан оҥороллор. Маҥнайгы ньыма: 15 л иһиккэ 6-7 л ууга суураллыбыт килиэп доруоһата, 2 л биэ үүтэ, 200 г чөчөгөй, 500 г хара килиэп хаҕа уонна 3 кг бытарыйбыт туораах бурдуга (сэлиэһинэй туорааҕа). Барытын холбуу анал ытыгынан сотору-сотору ытыйыллар. Бэлэм кымыһы иһиккэ куттахха, түгэҕэр хойуу хаалар. Ол кэлин көөнньөрүү (аһытыы) буолар.

Иккис ньыма: 3-4 л ынах үүтүн, 2 кг чөчөгөйү, 4 л тымныы оргуйбут ууну, 15 л сүөгэй уутун уонна 2 кг бытарыйбыт дьэһимиэн туорааҕын булкуйуллар. Ыга хаппахтаан баран сылаас сиргэ ууруллар. Сотору-сотору үрдүн бытархай хабахтар тахсыахтарыгар диэри ытыйыллар. Көөнньөрүү 25-30 кыраадыс сылааска барыахтаах. 3-4 хонугунан көөнньөрүү ситэр. Онтон дууп буочукаҕа 50 л сөрүүн буспут ууну, 75-100 л биэ биир күн ыамнаах үүтүн уонна 30 л көөнньөрүү кутуллар. Иһит температурата 20-25 кыраадыс сылаас буолуохтаах, сотору-сотору ытыйыллыахтаах. 1-2 күнүнэн кымыс ситэр. Убаҕаһын иһэллэр, түгэҕинээҕи хойуута көөнньөрүүгэ хаалар. 

 Көбүөрдээх лэппиэскэ

Бу сахаҕа олус күндүтүк сыаналанар аһылык биир бастыҥ көрүҥэ. 1 кг көбүөрү (мөлбөнү) бэлэмниир буоллаххына, 500 г ынах арыыта, 2,5 ыстакаан ыаммытынан үүт наада. Көбүөрү оҥорорго дьиэ усулуобуйатыгар сөп түбэһиннэрэн маннык иһиттээх-хомуостаах буолуохха наада: түөрт харахтаах муос эбэтэр маһынан кириэстии оҥоһуллубут ытыктар, лиитирдээх эмалированнай бөтүөн, тымныы уонна сылаас үүттэргэ аналлаах миискэлэр. Арыы сымнаҕас (ууллаҕас соҕус) буолуохтаах. Онно сылаас үүт кутуллар уонна ытыйыллар. Ытыйыы эрчимнээхтик, биир тэҥник ыытыллар. Арыы үүтү ыллаҕына, эбии кутуллан иһиэхтээх. Сылаас уонна тымныы үүтү кутуу арыы холбоноруттан тутулуктаах. Тымныы үүккэ арыы холбоспот. Ол эрээри аҥаардас сылаас үүккэ арыы убуур, онон арыы сылаас уонна тымныы үүттэри кытары холбоноруттан көрөн кутуллар. Үчүгэйдик тахсыбыт көбүөр мөлбөркөй, күөгэлдьигэс, ньалбархай буолар.

Көбүөрү оҥорон баран, буспут, сойбут лэппиэскэни илиилэринэн кыра гына тоһута тутан эбэтэр быһаҕынан быһан, көбүөргэ кутан булкуйаллар. Сорох асчыт дьахталлар, минньитэн, сибиэһэй дьэдьэни эбэллэр. Олус минньигэс, үчүгэй буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...