Бүгүҥҥүттэн Ленин проспегын капитальнай өрөмүөнэ саҕаланар
Бүгүҥҥүттэн киин куоракка Ленин проспегын капитальнай өрөмүөнэ Кулаковскай уулуссатыттан Киров уулуссатыгар диэри саҕаланар. Бу туһунан суол үлэлэрин муниципальнай сакаасчыга «Главстрой» МХТ иһитиннэрдэ.
Генеральнай бэдэрээччик «Дорстрой» ХЭТ уонна суббэдэрээччик «Кинг-95» алтынньы 7 күнүттэн эргэ аспаал бүрүөһүнүн фрезеровкалааһыны уонна канализациялары оҥорууну саҕалыыллар.
«Главстрой» МХТ информациятынан, эргэ аспаал халыҥа 5 см. Өрөмүөн үлэтэ тырааныспар сырыытыгар хааччахтааһына суох ыытыллыаҕа. Алтынньы ый бүтүөр диэри суол үлэтэ уочаратынан балаһаларынан барар.
«Фрезеровка эбэтэр эргэ аспаал бүрүөһүнүн устуу тырааныспар сырыытыгар сабыдыаллаабат», – диэтэ «Главстрой» МХТ суол тутуутугар салаатын кылаабынай специалиһа Денис Стецюк.
Бырайыак быһыытынан, 2021 сылга Ленин проспегар бэлэмнэнии үлэ ыытыллар, ону сэргэ Кулаковскай уулуссатыттан Киров уулуссатыгар диэри 820 м уһуннаах, 20 тыһ. кв. м. тахса иэннээх учаастак сирэ оҥоһуллуохтаах, 1640 м уһуннаах кабельнай канализация тардыллыахтаах, инженернай коммуникациялар, таһынааҕы газопровод ситимнэрэ таһаарыллыахтаахтар, тутуу матырыйааллара уонна конструкциялара атыылаһыллан кэлиэхтээхтэр.
Ленин проспегын капитальнай өрөмүөнэ – «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар саамай киэҥ хабааннаах бырайыак буолар.