18.07.2023 | 17:35

Бөдөҥ гостиница тутуллуохтаах сиригэр археологтар үлэлииллэр

Бөдөҥ гостиница тутуллуохтаах сиригэр археологтар үлэлииллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Чернышевскай уулуссатын, 8/3 аадырыһыгар сотору кэминэн аныгылыы гостиница тутуллуохтаах. Бу күннэргэ куорат баһылыга Евгений Григорьев манна ыытыллар археологическай хаһыылары кытта билистэ.
«СӨ Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киинэ» ГБУ научнай үлэһитэ, чинчийэр үлэни толорооччу Елена Соловьева бу миэстэ куорат историческай чааһыгар киирэрин бэлиэтиир:
_- Биһиги сабаҕалааһыммытынан, бу миэстэҕэ дьон номнуо 17-с үйэ бүтүүтүттэн саҕалаан олорбуттар. Биһиги сорукпут – кинилэр хаалларбыт култуурунай араҥаларын үөрэтии. Биллэрин курдук, 19-с үйэ бүтүүтүгэр – 20-с үйэ саҥатыгар бу сир аатырбыт иккис гильдиялаах атыыһыт Михаил Гаврильевич Васильев уһаайбатыгар киирэрэ. Оттон кини иннинэ манна ким олорбутун, туох тутууну ыыппытын үөрэтии – биһиги биригээдэбит соруга. 
_Билигин манна 35 киһилээх этэрээт үлэлиир: булумньуларын ыраастыыллар, испииһэктииллэр.
«Дьокуускай куорат XVII – XX-с үйэ саҥатынааҕы историческай чааһын култуурунай араҥата» аатынан биллэр эбийиэк билигин СӨ Култуура нэһилиэстибэтин харыстыыр департаменын көрүүтүгэр турар.
Археологтар балаҕан ыйын бүтүүтүн диэки үлэлэрин түмүктүүр былааннаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...