07.06.2024 | 14:00

«Азия оҕолорун» быыстапката аһылынна

«Азия оҕолорун» быыстапката аһылынна
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Аан дойду оҕолорун күнүгэр «Арассыыйа – мин историям» музейга Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” Оонньуулар историяларын көрдөрөр быыстапка аһылынна. Быыстапка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаевка ананна.

Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар VIII Оонньуулар уус-уран салайааччылара, РФ народнай артыыһа, ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Андрей Борисов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирэ Афанасий Ноев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Матвей Мучин, «Арассыыйа – мин историям» комплекс дириэктэрэ Дмитрий Соловьев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнин “Николаев-центр” Архыып-библиотекатын салайааччыта Юрий Семенов,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин I солбуйааччы Александр Бугаев, “Азия оҕолоро” Оонньуулар эдэр спортсменнарын ааттарыттан бастыҥ волейболист Алтан Афанасьев эҕэрдэ тыллары эттилэр.

«1996 с. диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 47 тас дойдуну кытта сибээстээх этэ, – диэн кэпсээтэ М.Е. Николаев бииргэ үлэлээбит соратнига, көмөлөһөөччүтэ уонна сүбэһитэ Матвей Васильевич Мучин. – Онно биһиги өрөспүүбүлүкэбит 300-тэн тахса экономическэй, научнай-тэхиньиичэскэй салааларга ыкса сибээстэри тутара. Михаил Ефимович элбэх тас дойду уһулуччулаах салайааччыларын кытта, кинилэр ортолоругар АХШ бэрэсидьиэнэ Джордж Буштуун, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлэ Цзян Цзэминниин кэпсэппитэ. Ол көрсүһүүлэр бастакы Оонньуулары тэрийэргэ олук уурбуттара. Тоҕо диэтэххэ арыы курдукка олороҥҥун, бэйэҥ эрэ баҕа санааҕынан Азия дойдуларын оҕолорун спортивнай оонньууларын кыайан тэрийбэккин. Ол да иһин Аан дойдутааҕы Олимпийскэй кэмитиэт, Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтэ биһиги бэрэсидьиэммит көҕүлээһинин ылыммыттара уонна өйөөбүттэрэ уонна 1996 с. бастакы “Азия оҕолоро” Спортивнай оонньуулар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттара. Ону көрдөрөр билигин саамай тоҕоостоох, М.Е. Николаевы кэриэстээн, өйдөөн-санаан ааһарбыт саамай сөптөөх кэм”.

История салҕанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....