16.02.2024 | 12:00

«Азия оҕолоругар» бэлэмнэнии хайдаҕый?

Быйыл сайын бэс ыйын 25 - от ыйын 7 күннэригэр Дьокуускайга буолар VIII-с Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии үгэннээн бара турар.
«Азия оҕолоругар» бэлэмнэнии хайдаҕый?
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонуктааҕыта Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулары тэрийэр кэмитиэт бэрэсидьинэ Владимир Максимов уонна Белоруссия Өрөспүүбүлүкэтин научнай-практическай киинин дириэктэрэ Ирина Малевана оҕо спордун сайыннарыыга бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥин түһэристилэр. Сөбүлэһиигэ олоҕуран спортсмен оҕолор спортивнай аһылыкка, спортивнай медицинаҕа уонна спортивнай психологияҕа билиилэрин дириҥэтиэхтэрэ, маастарыстыбаларын тупсарыахтара, спорка көрдөрүүлэрин үрдэтиэхтэрэ.

Оттон Оонньуулар уоттарын ылыы үөрүүлээх түгэнэ күрэхтэһии саҕаланыа 100 хонук иннинэ «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа кулун тутар 19 күнүгэр буолуоҕа. Ол сарсыҥҥы күнүттэн, кулун тутар 20 чыыһылатыттан, Покровскай куораттан уот эстафетата саҕаланыаҕа уонна бэс ыйын 26 күнүгэр Оонньуулары үөрүүлээхтик арыйыы үгэнигэр “Туймаада” стадиоҥҥа түмүктэниэҕэ. Барыта 550 факелы араҥаччылааччылар, тэрийээччилэр, факелы тутааччылар уонна волонтердар арыаллаах Уот Сахабыт сирин бары 36 улууһун, оройуоннарын киин бөһүөлэктэрин хабыаҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, эстафета чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ историческай, култуурунай уонна кэрэ-бэлиэ сирдэринэн анал бырайыактар тэриллиэхтэрэ.

Ити курдук, Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” VIII-с Спортивнай оонньуулар 2024 сылга Арассыыйа биир далааһыннаах спортивнай түгэнинэн буолуохтара. 40 тас дойдуттан уонна Арассыыйа араас регионуттан 3000 кэриҥэ спортсмен оҕо Улуу Туймаадаҕа түмсэн күрэхтэһиэхтэрэ.

Бүгүн «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар анаан быйылгы «Азия оҕолоро» Оонньуулары тэрийии иитинэн үлэ сүрүн хайысхаларын түмтүбүт:

* Оонньууларга сүрүн оруолу волонтердар ылыахтара. Волонтер буолуон баҕалаахтартан 5000 сайаапка киирбититтэн 1900 киһи бигэргэнэн, кулун тутар 31 күнүгэр испииһэк барыбыт билиибитигэр тахсыаҕа.

* Оонньууларга 16-н кыра саастаах оҕолор кытталлар. Саха сирэ 355 спортсмен оҕолоох уонна 116 тренердээх икки хамаанданы туруорар.

* Спортсмен оҕолор, тренердэр университет “Сэргэлээҕэр” устудьуоннар олорор толору хааччыллыылаах уопсайдарыгар Олимпийскай дэриэбинэҕэ түһэн олоруохтара.

* Барыта 24 спорт көрүҥэр күрэхтэһиилэр буолаллар. Ол иһигэр 17 көрүҥҥэ кыттыы булгуччулаах. Хайаан да кыттыллыахтаах спорт көрүҥнэригэр бааллар: 3х3 баскетбол, бокс, волейбол, көҥүл тустуу, дзюдо, кураш тустуу, чэпчэки атлетика, мас тардыһыы, остуол тенниһэ, харбааһын, буулдьанан ытыы, оҕунан ытыы, самбо, тхэквондо, мини-футбол, хапсаҕай, художественнай гимнастика. Быйыл 5 саҥа көрүҥ эбии киирдэ: стендэбэй ытыы, кикбоксинг, саахымат, үҥкүү спорда, Го. 2 көрдөрүүлээх спорт көрүҥнэрэ: “Алыш” курдаһан тустуу уонна хайаҕа ыттыы (скалолазание).

* Спорт 24 көрүҥэр уопсайа 239 кэмпилиэк мэтээл оонньонуоҕа.

* Билигин спорт тутууларыгар, общежитиеларга, оҕолор сылдьар сирдэринэн, уулуссаларга өрөмүөн үлэтэ күргүөмнээхтик бара турар. Ол курдук, Оонньууларга анаан 16 спорт эбийиэгэ, 23 ыалдьыттар түһэр дьиэлэрэ-уоттара, 24 аһыыр сир үлэлиэхтэрэ.

* Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка 17-с кыбаарталга, Сайсарыга, Хатас нэһилиэгэр элбэх функциялаах саҥа спорт комплекстарын, Губин уулуссатыгар самбо уонна дзюдо спортивнай саалатын тутуу ыытыллар.

* 14 эбийиэккэ өрөмүөн үлэтэ барар: “Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһа, “Триумф” спорка бэлэмнэнии киинэ, “Дохсун” спорт комплекска, “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаһа, “Чолбон” уонна “Самородок” бассейннар, Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадион,  Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай солбук училищета уо.д.а.

 

Ыытыллар үлэ барыта тапталлаах Сахабыт сирэ аан дойду норуоттарын доҕордоһуутун киинигэр кубулуйарын туһугар оҥоһуллар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...