21.03.2021 | 16:38

“Айымньыны тилиннэр” хаартысканан күрэх түмүктэннэ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күндү ааҕааччыларбыт!

Эрэдээксийэбит биллэрбит “Айымньыны тилиннэр” хаартысканан күрэххэ наһаа элбэх үлэ Сахабыт сирин араас муннуктарыттан киирэн сүргэбитин, санаабытын көтөхпүтэ.

Бүгүн дьэ кэтэһиилээх, күүтүүлээх түмүкпүтүн таһаарар күммүт тиийэн кэллэ. Кыайыылаахтар ааттарын бэчээттиибит уонна үлэлэрин өссө төгүл таһаарабыт.

I бочуоттаах миэстэ –  Кира Новгородова, 4 саастаах, Муома улууһун Соболоох нэһилиэгин "Чебурашка" оҕо саадын иитиллээччитэ. Кырачаан кыттааччыбыт куорат биир маҕаһыыныттан 1,5 тыһыынча солкуобай суумалаах сертификатынан наҕараадаланна.

II миэстэ – Гаврильева Феодосия Степановна, Ньурба улууһа, Антоновка орто оскуолатын нуучча тылын учуутала. Кини куорат биир маҕаһыыныттан 1000 солкуобайдаах сертификатынан наҕараадаланна.

III миэстэ –Вадим Гаврильев, Нам сэл., 5 саастаах, “Сулусчаан” уһуйаан иитиллээччитэ. Кини куорат биир маҕаһыыныттан 1000 солкуобайдаах сертификатынан наҕараадаланна.

Маны таһынан 500 солкуобайдаах сертификат үс биһирэм бириис туттарыллар:

  1. Владик Софронеев, 3 саастаах, Хаҥалас улууһа;
  2. Айта Индеева, 9 кылаас;
  3. Элеонора Кусатова, Таатта улууһун Уолба орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ.

Күндү дьоммутугар, эрэллээх сурутааччыларбытыгар үгүс үөрүүнү, кыайыыны, ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарабыт, өссө да биһиги ыытар күрэстэрбитигэр көхтөөхтүк кыттаргытыгар баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...