06.05.2023 | 12:00

Айымньылара арыйбыт аартыктарынан

Мария Дегтярева тус быыстапката «Симэх» быыстапкалыыр саалатыгар турда. Харах халтарыйар, сүрэх өрүкүйэр кэрэ көстүүтэ манна баар буолла, хас биирдии оҥоһук, тигиллибит таҥас толору уобарастаах, ситэри киэргэллээх, ис кэрэлээх.
Айымньылара арыйбыт аартыктарынан
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Манна орто туруу бараан дойдубут аар айылҕатын суугуна,  ойуулаах-оһуордаах оттоох сыһыы-хонуу ортотунан силигэ сиппит симэхтэрин кэппит далбардар тобус-толору хааман иһэллэрэ көстөргө, кинилэр киэргэллэрин кылырҕас тыаһа иһиллэргэ дылы, тула өттүттэн баай хара тыа маанылаах кыыллара аллар араҕас далбарга таалалаан онтон өҥөйөн, мантан тахсан кэлиэх айылаах дьикти үчүгэй паннолара бааллар. Барыта айылҕа матырыйаалыттан – тирии арааһыттан, сарыыттан оҥоһуллубуттар.

Киирээти кытта триптих көбүөр көрсөр. Манна аппликация, кылаадьылаан быысапка уонна таҥаска уруһуй хоту дойдуну хомоҕой хоһоон, ылбаҕай ырыа курдук кэпсии-ипсии, сэһэргии турар. Уопсайынан, бу быыстапкаҕа, сахалар кут-сүр суолтатын өрө тутан кэлбит буоламмыт, балысхан уларыйыыларга норуот быһыытынан сүтэн-оһон хаалбакка сылдьарбытын дьэҥкэ көрүөххэ сөп. Ол курдук Мария Сергеевна хас биирдии оҥоһуга харысхаллаах, күрүөлээх-хаһаалаах. Маастар иис-күүс бары хайысхатын баһылаабыта харахха быраҕыллар – түүлээҕи тигии, кыбытыктаах иис, быысапка, тимиринэн, оҕуруонан киэргэтии, этэргэ дылы, тугу баҕарбытыҥ, санаабытыҥ барыта баар. Манна дьиҥ төрүт ииспит да баар, стилизованнай, сценическэй да баар. Күндү түүлээҕи тигиигэ кини тирии таҥас буолан тахсар бары түһүмэхтэрин барытын бэйэтин илиитинэн имитэн, тэнитэн, түүтүн өҥүн арааран, наардаан, сааһылаан, кылаанын таһааран, чахчыта да, чаҕылхай көстүүлээх таҥастар айыллаллар. Аны түүлээҕи тугу кытта алтыһыннардахха үтүөтэ тахсарын эмиэ чуолкай билэр. Ону кини бэйэ-бэйэни ситэрсии диэни олох бэркэ туттарын бэлиэтии көрөҕүн, атыннык эттэххэ, дьүөрэлиир матырыйааллара бэйэлэрин ситэрсэн биэрбиттэриттэн саҥа аллайаҕын, кырдьык даҕаны, маннык буоллаҕына өссө кэрэтийэр эбит диэн санааҕа кэлэҕин.

Быыстапка аһыллыытыгар ытыктыыр салайааччыбыт, “Симэх” национальнай уус-уран айымньы киинин салайааччыта Яна Викторовна Игнатьева таба көрөн уот харахха эппитинии, Мария Сергеевна үрдүк таһымнаах иистэнньэҥин ааһан, аны сүрдээх күүстээх модельер. Оннук чочуонайдар, тып-тап курдук (ханан да милимиэтир да аҥаара оһуой-хоһуой тигиитэ суох), биир да сиринэн мыччыстаҕаһа, имиллибитэ-хомуллубута суох эҥкилэ суох кэрэ көстүүлээхтэр кини тикпит таҥастара. 

Мария Сергеевна сүрэҕин нөҥүө аһарбыт муора муҥура суох дириҥ далай күүһүн иҥэриммит дьикти ис туруктаах паннота көрбүтү эрэ барытын сөхтөрдө. Араас тиэхиньикэнэн оҥоһуллубут – кыбытыктаах тигии, түүнү, тириини кырыйыы, килиэйдээһин уо.д.а. Матырыйаала эмиэ биир оннук – таҥас, тирии, сарыы. Өҥү-дьүһүнү табан дьүөрэлээбит буолан, муора кыыллара субу сибилигин эн таскар таалалыы сыталларын курдук санаа киирэр. Аны хас биирдиилэрэ тус-туһунан уобарастаахтарын элбэх киһи бэлиэтээн эттэ – олохтон сылайбыт, ийэ сылаас тыыныгар сыламныыр оҕо, хобу-сиби тарҕатыан баҕалаах үөннээҕи-күрдьэҕэлээҕи көрбүт уо.д.а. “Барыта олоххо баар буолан, барыларын киһиэхэ холуугун”, – диэбит көрөөччүнү кытта сүүс бырыһыан сөбүлэһэн, күлсэн ыллыбыт. Манна даҕатан эттэххэ, хотугу дойду тыына, салгына Мария Сергеевна үлэлэригэр эргиччи баар, таҥаска-сапка даҕаны, араас сувенирнай, декоративнай да үлэлэргэ. Омос көрдөххө, тоҕо эбитэ буолла диэххэ сөп, ол гынан баран тымырбытыгар сүүрэр тыгыалас хаан, көлүөнэ ситимин салгына, буор кут нөҥүө илдьэ сылдьыы диэн манна баар дии саныыбын. Тоҕо диэтэргин кини ийэтинэн эбэтин, Хотугу Муустаах муора хоһуун, хоодуот кыыһын, кэлэ-бара атыы-тутуу эйгэтин күүскэ тутуспут “дойду уола” сүгүннэрэн, киин улууска аҕалбыт эбит. Ол эдэр эрдэҕиттэн төрөөбүт төрүт сириттэн тэйэн, дойдутугар төһөлөөх курдаттыы тартарбыта буолуой... Ол санаата көлүөнэ нөҥүө сиэнигэр бэриллибитэ бу көрүөхтэн кэрэ көстүү буолан тахсаллар эбит диэн санаа үөскүүр. Хотугу хаан Марияҕа олох чуолкай баар – кини сүрдээх хоһуун, хотоойу санаалаах, айар- тутар эйгэтигэр көҥүл, киэҥ куйаар тыына куруутун баар.

Мария – дэлэй, минньигэс астаах сандалылаах далбар хотун, тупсаҕай оҥоһуулаах ис киирбэх көрүҥнээх алаһа дьиэ хаһаайката. Аны наада диэн сыал-сорук туруорунан, алта уонун ааһан баран уруулга олорбута да бэрт элбэҕи этэр. Инньэ гынан кини санаабыт сиригэр тиийэр, бириэмэтин аттарынан, ааҕынан-суоттанан, барытын холкутук кэмигэр ситэрэр-хоторор. Ол курдук кини сыалы-соругу туруорунан, ол туһугар күүскэ үлэлээн билиитэ-көрүүтэ дириҥиир, кэҥиир, сатабыла элбиир.  Сатабыл, үөрүйэх, билии-көрүү быстыспат ситимнээхтэр. Бу быстыспат ситим Дегтяревтар дьиэ кэргэннэригэр олох дьэҥкэтик баар – сиэн оҕолорго, кыыстарыгар, уолаттарыгар, кийииттэригэр. Ол киһини үөрдэр эрэ. Онон бу быыстапка дьиэ кэргэн үөрүүтэ, аймах-билэ дьон киэн туттуута буолар. Манна  кыттыгаһа суох киһи суох – ким оҕуруо тиһэр, ким тимири таптайар, ким быысапкаҕа кыттыһар, оттон аҕалара Иван Николаевич бу көхтөөх үлэ-хамнас барыытыгар усулуобуйа оҥорор – сүрдээх үчүгэй мастарыскыай тутан биэрбитэ.

Онон олох кэһиллибэт тиһигин тутан, быстыбат ситиммит көстүбэт күүһүнэн ситиилэнэн бүгүҥҥү күн хардыытын төрүт дьоммут өркөн өйдөрүнэн ситэрэн-хоторон биэрэн саха буолан сандаарарга, киһи буолан килбэйэргэ Мария Сергеевна курдук сүрэхтээх, туппуттарын тупсарар, ылсыбыттарын тиһэҕэр тиэрдэр дьон баар буолаллара барыбытыгар да инникигэ эрэли үөскэтэр.

Яна Викторовна Игнатьева салайааччылаах “Симэх” национальнай уус-уран айымньы киинэ бу курдук талааннаах-дьоҕурдаах саха саарына дьоҥҥо айар аартыктарын тэлэччи арыйан сайдар-үүнэр, салгыы барар суолу тобуларга кыах биэрэллэригэр биһиги, хатастар, ис сүрэхпититтэн махтанабыт.

Дьэ, ити курдук ааспыт сыллардааҕы сыралаах үлэ түмүктэннэ – быыстапка арылынна, кэлэр кэмнэрдээҕи түбүктээх үлэ саҕаланна! Аныгыскы быыстапка торумнара оҥоһулуннулар, былааннааһын-барыллааһын баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...