Айымньылаах үлэ салҕанар, дьарык тохтообот
Төһө да коронавирус үөрэхтээһин эйгэтигэр үгүс уларыйыыны киллэрбитин иһин, оҕону кытта үлэ тохтообот. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Дьокуускай куораттааҕы Обургу оҕо киинэ үөрэх дьылын айымньылаахтык саҕалаабытын туһунан кэпсиир.
“Аревик” кэрэ эйгэтэ
“Аревик” уруһуй устуудьуйатыгар кэрэни кэрэхсиир үгүс оҕо сылдьар. Устуудьуйа салайааччыта – Соня Гамлетовна Палоян.
Дистанционнай дьарыктар ардыгар бөлөҕүнэн, сороҕор соҕотох оҕоҕо ыытыллаллар. Хас биирдии дьарык кэннэ Соня Гамлетовна үөрэнээччилэр үлэлэрин ырытар, сүбэлиир-амалыыр, ыйан-кэрдэн биэрэр. Оҕолор хартыыналара бэлэм буоллаҕына олус үөрэллэр, төрөппүттэр эдэркээн худуоһунньуктара сайдан иһэллэрин киэн тутта кэпсииллэр.
Соторутааҕыта оҕолор бэйэлэрин үлэлэригэр көмүс күһүн кэрэ көстүүтүн дьүһүйдүлэр. Уһуйуллааччылар Жуковскай, Левитан, Ллойд, Афремов, Дали, Ван Гог курдук улуу худуоһунньуктар үйэлээх айымньыларын кытта билистилэр. Оҕолор араас өҥү холбоон, саҥаны, сонуну дьүөрэлииргэ холоннулар. Күһүҥҥү айылҕа хайдах курдук дьэрэкээнин, уратытын үөрэнээччилэр өссө төгүл итэҕэйдилэр.
Оҕолор “Аревик” ураты эйгэтигэр уһуйуллан, дьоҕурдарын сайыннараллар, айар куттарын арыйаллар.
IT-устуудьуйа
IT-устуудьуйа – оҕо аймах сөбүлээн дьарыктанар түмсүүтэ. Билигин очнай (куорат оскуолаларын баазатыгар) уонна дистанционнай форматынан үлэлиир. Салайааччы Анна Добросмыслова хас сырыы аайы оҕолору умсугутарга уонна кэрэхсэтэргэ кыһаллар.
Оҕолор 3D уруучуканан туттарга, 3D моделлары оҥорорго үөрэнэллэр. Ону-маны эксперименнииллэр, араас оҥоһуктары, уруһуйдары айан таһаараллар. Өссө куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар, бириистээх миэстэҕэ тиксэллэр. Оҕолор, ханнык да саҕалааһыннартан чаҕыйбакка, саҥа саҕахтары арыйарга бэлэмнэр.
Ырыа алыптаах эйгэтэ
“Радость” устуудьуйа оҕону ырыаҕа уһуйар, кини айар кутун уһугуннарар аналлаах. Үрдүк таһымнаах педагогтар интэриэһинэй ньымалары туһанан, сэргэх оонньууларынан үөрэнээччилэри музыка кэрэ эйгэтигэр угуйаллар. Манна айылҕа биэрбит кыаҕа, дьоҕура, сааһа хайаан да учуоттанар.
“КвАРТал”
“КвАРТал” видеолаборатория айар дьарыктары, ону таһынан сэргэх тэрээһиннэри көҕүлээн ыытар. Бу күннэргэ кыра уонна орто бөлөхтөргө “Киновселенная Марвел” диэн дистанционнай квиз-викторина бэрт көхтөөхтүк, биир тыынынан буолан ааста. Хамаандалар аан дойдуга аатырбыт “Марвел” устуудьуйа киинэлэрин, ис хоһооннорун, геройдарын олус үчүгэйдик билэллэрин көрдөрдүлэр.
“Эдэр психолог лабораторията”
Төһө да дьарыктар дистанционнай ньыманан ыытыллыбыттарын иһин, “Эдэр психолог лабораториятын” күннээҕи олоҕо олус сэргэхтик, таһаарыылаахтык ааһар.
Манна психолог эбэтэр педагог буолуон баҕалаах оҕолор дьарыктаналлар. Араас семинардар, кэпсэтиилэр, трениннэр ыытыллаллар. Педагог-психолог Антонина Чекурова оҕолору практическай психология албастарыгар үөрэтэр.
Соторутааҕыта үөрэнээччилэр психосоматика диэн тугун биллилэр. Куһаҕан санаа киһини баттыырын, доруобуйатын айгыратарын өйдөөтүлэр.