26.04.2023 | 12:00

Айылҕаны харыстыыр бизнес

Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа былырыын пластигы таҥастыыр оборудованиены ылбыт буоллаҕына, быйыл аны өстүөкүлэни иккистээн туһаҕа таһаарар тэрил кэллэ. Эргэ пластигы уонна өстүөкүлэни туһаҕа таһааран, хампаанньа тротуарга тэлгэнэр билиитэлэри, бөҕө-таҕа бордюрдары, ыскаамыйалары оҥорор.
Айылҕаны харыстыыр бизнес
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн

Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа “Якусткэкосети” ХЭТ регионнааҕы операторы кытта иккистээн оҥорон таһаарыытын кэҥэтэн, өстүөкүлэнэн дьарыктанар кыахтанна. Маныаха өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын өйөбүлэ улахан – бүддьүөттэн 23 мөлүйүөн солк. тыырыллыбыт. Маннык өйөбүл бэйэ дьыалатынан дьарыктанар урбаанньыттарга улахан көмө буоларын таһынан, айылҕа харыстабылыгар сүҥкэн кылааттааҕын өйдүүбүт. Кытаанах бөҕү туһаҕа таһаарыыны сайдыылаах дойдуларга киллэрбиттэрэ ыраатта, биһиги диэки бу хамсааһын саҥа кэлэн эрэр. Билигин аһара туолан турар полигоннар, түбэһиэх сирдэргэ сыллата үөскүүр көҥүлэ суох сыбаалкалар – биһиги кэммит сытыы кыһалҕата.

Бөҕү туһаҕа таһаарар хампаанньаҕа тротуар билиитэлэрин, ыскаамыйалары уонна бордюрдары оҥорон таһаараллар. Бородууксуйалара Саха сирин иһигэр хамаҕатык барар, сыаната удамыр уонна хаачыстыбалаах буолан, атыылаһааччыларга барыстаах.

Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа иккистээн туһаҕа тахсар сырьетун атын сиргэ ыытар. Холобур, Дьокуускайга анал туочукаларга хомуллар хортуон атын регионнарга ыытыллар. Биллэн турар, айаныгар ороскуоттаах буолан, улахан барыс киллэрбэт. Ол иһин тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан таһаҕаһы тимир суолунан ыытыыга чэпчэтиилэри туруорсар эбит.

ОДьКХ министиэристибэтин чахчытынан, 2021 сыллаахтан бөҕү туһанар хампаанньаҕа көмө оҥоһуллар – оборудование ылалларыгар өйөбүллээхтэр. Ааспыт икки сыл устата уопсайа 106 мөлүйүөн солк. суумаҕа 9 араас анал тэрил атыылаһыллыбыт.

Өстүөкүлэни уонна пластигы таҥастыыр оборудованиены таһынан, “Якутскэкосети” уонна Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа үлэлииригэр анаан тобоҕу таҥастыыр 5 установка ылыллыбыт. Балар СӨ ОДьКХ ГУП Арктикатааҕы филиалларыгар туттуллаллар: Муомаҕа, Анаабырга, Абыйга, Орто Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ. Өлөөҥҥө биир анал установка, илин эҥээр улуустарга анаан биир бөҕү наардыыр комплекс ылыллыбыт.

Куорат олохтоохторо үөрэннилэр

Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа 2020 сыллааха тэриллибитэ. Оччолорго Бүлүү трагын 3 км суукканы эргиччи үлэлиир эко-станция арыллыбыта. Салҕыы Дьокуускай араас уокуруктарыгар иккистээн туһаҕа тахсар бөҕү тутар туочукалар арыллан барбыттара.

Урут бөҕү арааран туттарыыга сылга биирдэ-иккитэ ааксыйалар ыытыллар этилэр, киин куорат олохтоохторо онно кэлэн туһаҕа барыахтаах тобохторун туттаран, айылҕаны ыраастааһыҥҥа кыттыһар кыахтаахтара. Оттон билигин, Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа үлэтэ саҕаланыаҕыттан, баҕалаах киһи туһаҕа барар бөҕүн анал туочукаларга илдьэн хаалларыан сөп буолла. Ол курдук, киин куораппыт тупсаҕай тутуулаах саҥа 203-с микрооройуонугар, Прометейга оннук туочукалар хото үлэлииллэр. Ону таһынан өссө хас да сиргэ баар анал сирдэр утары туолан иһэллэрин бэлиэтии көрөр буолуохтааххыт.

Хампаанньа сырдатар, үөрэтэр үлэни күүскэ ыытар. Бөҕү наардаан туһаныыга ыаллар, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр кыттыһаллара элбээтэ. Хортуону, алюминийы, пластик бакыаттары, хаппахтары, бытыылкалары о.д.а. туспа сууйан мунньар, быраабыланы барытын тутуһан бэлэмнээн баран анал сиргэ илдьэн туттарар киһи ахсаана тыһыынчаны куоһарда диэн хампаанньаҕа үөрэ кэпсииллэр.

Аан бастаан бөҕү арааран туттарыы саҕаланарын саҕана хомуллубут бөх барыта атын регионнарга утаарыллар этэ. Ол улахан барыһы киллэрбэтэҕэ. Оттон анал оборудование ылыллыбытын кэннэ бөҕү саҥалыы тыынныыр бэйэбитигэр көдьүүстээх буолла. Холобур, тротуар билиитэтин хас да көрүҥэ оҥоһуллар, маныаха эргэ пластик силимниир компонент быһыытынан туттуллар. 2022 сыл муус устарыттан 6 тыһ. кв. м. тахса тротуар билиитэтэ, 870 тротуарнай бордюр, 227 ыскаамыйа тирээбилэ оҥоһуллан тахсыбыт.

Урут бу бородууксуйаны оҥорон таһаарарга айылҕа кумаҕа туттуллар буоллаҕына, билигин, саҥа оборудование үлэлээн, өстүөкүлэ кыырпаҕа туһаныллар буолар.

Кинилэри холобур оҥостуохха

Киин куоракка билиҥҥитэ аҕыйах ахсааннаах тэрилтэ бэйэтин үлэтигэр эко-миссияны киллэрэр. Ол эрэн кинилэр кэккэлэрэ сыллата хаҥаан иһэр. Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа бизнес бэрэстэбиитэллэрин кытта үлэни ыытар, аутсорсинг ньыматынан корпоративнай экологическай эппиэтинэһи олохтооһуҥҥа үлэлэһэр. Бииргэ үлэлэһэр партнердарыгар махтанар уонна кинилэри холобур оҥосторго ыҥырар:

 “Скиф” 10-ча маҕаһыыннаах сүрүннээн халбаһынан эргинэр тэрилтэ. Атыы-эргиэн тэрилтэлэрэ буолалларын быһыытынан кинилэргэ элбэх хортуон дьааһык тахсар – киин куорат хортуону туттарааччыларыттан барыларыттан инники сылдьаллар. “Скиф” хортуон туттаран сылга 438 000 солкуобайы кэмчилиир.

“Больше-меньше” дискаунтер 14 маҕаһыыннаах, 10 тыһыынчаттан тахса араас суол бородууксуйанан эргинэр. Сылга 240 кубтан тахса иккистээн туһаҕа тахсар сырьену уонна хортуону туттарар.

“Алмаз” атыы-эргиэн киинэ хортуону туттарыыга барыларыттан ордук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар – бары быраабылалары тутуһан туран ыраастыыр, сааһылыыр, наардыыр. 2021 сыллаахтан Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньаны кытта үлэлэһэр.

“Светофор” чэпчэки сыаналаах бородуукта уонна араас табаар маҕаһыыннара хортуону таһынан табаары эрийэр пленканы кытта туттараллар. Экологическай хайысханы 2020 сыллаахтан тутуһаллар.

“Ураса-Молл” атыы-эргиэн киинэ тутуллан үлэҕэ киириэн инниттэн Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньаны кытта дуогабар түһэрсэн үлэлиир. Хортуону уонна стрейч-пленканы туттараллар – айылҕаҕа буортуну кыччаталлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...