Айылҕабытын ким ыраастыахтааҕый?
Ийэ айылҕабытыгар салгын, уу уонна буор баар буолан, олох баар. Бу сүрүн суолталаах ытык тутулу харахпыт харатын курдук харыстыыбыт, кимиэхэ да киртиттэрбэппит, араҥаччылыыбыт дуо?
Ол туһунан бүгүн кэпсэтиэхпит.
Сааһы, сайыны киһи эрэ буолбакка, көтөр-сүүрэр, хамсыыр-харамай барыта кэтэһэр. Айылҕа уһуктуутун дьикти кэмэ, киһи муннун тууйар сыта-сымара, кыһыны быһа халыҥ хаарга баттатан, онтон босхолонон тыын ылбыт от-мас, тэлгэһэҕэ, сыһыыга бытыгыраан эрэр күөх от, сибэкки арааһа, кэҕэ этэрэ, бэл, тураах дааҕырҕыыра барыта көрүөхтэн, истиэхтэн күндү буоллаҕа.
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан айылҕаны кытта алтыһан, киниттэн аһаан-сиэн, киһилии сыһыаннаһан, кэпсэтэн, эн-мин дэсиһэн олорбуттара. Оттон билиҥҥи көлүөнэ айылҕаҕа сыһыаммыт хайдаҕый, тулалыыр эйгэбитин төһө харыстыыбытый, көмүскүүбүтүй?
Өйдүүр инигит, урут сэбиэскэй оҕолор, үлэһит дьон бука бары көхтөөхтүк субуотунньукка тахсарбытын? Мас кэрдиитигэр, саһаан туруоруутугар күрэхтэһии, мутуккун хайаан да хомуйан чөмөхтөөһүн, хаар түһэриитэ, тэлгэһэ ыраастааһына барыта оҕону үлэҕэ үөрэтэрин таһынан айылҕабытын ытыктыырга, хомуйа-имийэ сылдьарга үөрэтэрэ.
Билигин куоракка да, тыаҕа да ол үтүө үгэс сөргүтүллэн, муус устартан саҕалаан субуотунньуктарга тахсыы саҕаланар. Урукку кэмнэргэ күргүөмүнэн, көхтөөхтүк тахсар эбит буоллахпытына, билигин үүрүү-үтүрүйүү күүһүнэн, аа-дьуо, аат эрэ харата хомуйуу, ыраастаабыта буолуу баар суол, мэлдьэһиллибэт.
Ийэ айылҕабытын харыстааһын ийэбит үүтүн иһиэхпититтэн, кыра саастан, иитииттэн, тэлгэһэттэн кэлэр дии саныыбын. Кыра оҕону айылҕаҕа сиэтэ сылдьан сибэккини, оту-маһы кэпсээн, хомурдуостары, кымырдаҕастары көрдөрөн, харыстаан, чыычаах ырыатын, тоҥсоҕой тобугуратарын барытын эт кулгааххынан истэн, илэ хараххынан көрөн оҕоҕо тиэрдии – бу иитии, айылҕаны харыстааһыҥҥа бастакы хардыы буолара саарбаҕа суох.
Биһиги оскуолаҕа киирээт, бастакы похуоттуу барыыбыт “Көмүс күһүн” диэн ааттанара. Харахпар билигин да көстөр, күлүмүрдэс көмүс солконон бүрүммүт хатыҥнар, тэтиҥнэр, кыһыллыҥы, араҥас өҥнөөх үөттэр, талахтар алааһы төгүрүччү үүнэн тураллара. Учууталбыт батыһыннара сылдьан чыычаах уйаламмыт тиитин, моҕотой хороонун, охтубут тииккэ тиийэ кэпсээн, үөрэтэн айылҕаҕа чугастык сыһыарара. Саас хатыҥ ууланарын саҕана уолаттар быһаҕынан хайа охсубут баастарын тахсан биинтэнэн баайарбытын, “эмтиирбитин” өйдүүбүн. Айылҕаҕа сынньанан, аһаан, оонньоон баран кэннибититтэн барытын хомуйан барар суруллубатах сокуон буолара.
Билигин куораппыт таһыгар, Чочур Мырааҥҥа, Таптал сопката диэннэригэр бар эрэ, бөх-сыыс, салапаан, бытыылка тобус-толору. Дьон аһаан, көрүлээн баран тоҕо хомуйбакка баралларын сөҕөҕүн эрэ. Ол да буоллар, дьон ыспытын-тохпутун тахсан хомуйар үтүө санаалаах дьон суох буолбатахтар, бааллар. Ол курдук волонтердар, көннөрү дьон, устудьуоннар тахсан бэйэлэрин баҕаларынан субуотунньуктаан, хастыы да куулу мунньубуттарын көрөн киһи эрэ астынар, киэн туттар.
Дойдубар оҕолорбут кыра саастарыттан сылдьар “Полянка” диэн сирдээхтэр. Билигин онно кырдьаҕастар, бэтэрээннэр, аҕам саастаах дьон тахсан сынньанар буолбуттар. Кинилэргэ анаан остуол, ыскамыайка оҥорбуттар этэ. Оҕолорбут улаатан да баран, билигин ийэ-аҕа буоллаллар, муста түстүлэр да ол “Полянкаларыгар” сайын хайаан да бараллар. Аҕыйах сыллааҕыта бэйэлэрин санааларыттан баран хомуйан, ыраастаан кэллибит диэбиттэрин олус үөрэ истибитим. Онон билигин ханна да буоллун эдэр ыччат айылҕатын таптыыр, харыстыыр, көмүскүүр.
Маргарита Семеновна, куорат дьахтара:
– Самаан сайыммыт дьэ, чаҕылыйа сандааран тиийэн кэллэ. Сайын диэн тыллыы, арыллыы, ыраастаныы... Дьон барыта бу кэмҥэ, ордук саха куттаах барыта айылҕаҕа талаһар эбээт. Тоҕо? Айылҕаны “дьиэбит” диибит. Олорор дьиэбит хас биирдиибитигэр, тэлгэһэ да тэлгэһэ, күрүө-хаһаа харах халтарыйар, иккилии-үстүү мэндиэмэннээх дьиэлэри туттуу да туттуу. Ити барыта үчүгэй, көрөргө кэрэ. Онтон дьэ, ыал барыта үлэтин бүтэрэн-оһорон маевкалыы, шашлыктыы, сынньана диэн тыа диэки хаамар, айанныыр.
Мин эмиэ биир ылааҥы күн ньургуһун тыллыбытын көрө, мутукча туймаардар сытын иҥэринэ, эмтэнэ диэн, оол турар мырааным диэки хаамтым. Тулабар чыычаах кэрэ ырыата кутуллан, кыһыҥҥы хаатыйаламмыт уйулҕам уһуктан, тулам барыта дьолу, үөрүүнү түстээтэ... Күөх бэстэрдээх сыыры ааһаммын, кырачаан ыллыкпар киирэн, били ньургуһуннаах мырааммар туораатым. Көҕөрөр күндүл мааны халлааммар күөрэгэйим барахсан ыллаан дьүрүһүппүтэ, эчи, үчүгэйиин. Дуоһуйа хааман истим, арай ыллыкпыттан тахсан, кыһыҥҥы суолга киириибэр, кууллаах, мөһөөччүктээх бөхтөр сыталлар. Айабыын, бу тугуй диэн, били дьоллоно испит үөрүүм биирдэ суох буолан, хайдах эрэ былыт сабардаабытыныы, нүһэр санаа саба бүрүйдэ. Оо, дьэ, доҕоттоор, киһи хомойор суола, бөҕү-сыыһы көрдөххө, иллэрээҥҥи да, былырыыҥҥы да буолбатах. Бу саҥардыыта аҕалан быраҕыллыбыт бөх, тимир. Хомойуом иһин, чыычаахтар кытта ыллаабат буолбуттар, халлаан чахчы былытырбыт, сөрүүн тыал билиннэ.
Билигин ыал-ыал аайы харбаныы, ыраастаныы бөҕө, итиннэ түптэ, манна түптэ. Оттон куорат сирбитигэр ыраастаныы хайдаҕый? Анал улахан сыбаалка баар да, онтукайбыт төһө хомуллара буолла, дьэ, бу мин иннибэр сытар бөхтөн да саарбаҕалаан, анааран көрдөххө, араас санаа киирээхтиир. Куорат ыала үгүскүт даачалаах, онно тахсан сынньанар, сайылыыр дьиэҕитин-уоккутун ыраастанаҕыт, оҥостоҕут. Даачаҕыт – иккис дьиэҕит-уоккут, сайылыыр миэстэҕит. Бэйэбит бөхпүтүн маннык хомуммат буоллахпытына, Айылҕабыт барахсан хайдах буоларый? Дьэ, доҕоттоор, сүрдээх ыарахан сорук, бэйэбит таһаарар бөхпүтүн кыайан хомуйбаппыт. Айылҕаттан үөрэниэҕиҥ, айылҕа бэйэтигэр тахсар куһаҕаны барытын туһаҕа таһааран симэлитэрин, кыыл-сүөл, көтөр хайдах ыраастанарын билэбит. Оттон бу сайдыылаах кэмҥэ киһи тоҕо кыайан ыраастамматый, Айылҕаҕа хоромньуну эрэ таһаарарый? Ити онно-манна бөх сытара тугу этэрий, сүрэҕэ суохпутун дуу, толкуйдаабат буолбуппутун дуу. Эмиэ да бары тиэхиньикэ бөҕөлөөхпүт, куорат ыаллара үгүскүт элбэх кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ олороҕут, коммунальнай өҥөнү төлүүгүт. Бөххүтүн анал үлэһиттэр кэлэн тиэйэн бараллар, хаһан тиэйбиттэрин, ким тиэйэрин да сорох-сорохтор билбэттэрэ буолуо. Ол эрээри бултуу, сир астыы, күүлэйдии айылҕаҕа таҕыстыбыт да, икки атахтаах кэнниттэн күөх хонуу саһарар, күөл киртийэр, тыа умайар. Аныгы киһи олус сайдан киэбирбит, өйө-мэйиитэ убаабыт, сүрэҕэ суох буолбута мэлдьэх буолбатах! Эһиги, биһиги кэннибититтэн Айылҕа диэн “дьиэбитин” ким ыраастыахтааҕый, доҕоттоор?! Бу кэннэ Айылҕабыт хомойоро, айманара, ытыыра сөп курдук.
Дьэ, ити курдук куорат олохтооҕо бэйэтин айманыытын, дьон сиэри таһынан быһыыланарын, ис санаатын толору сүөкээтэ.
Саха өйдүүрүнэн, бу орто дойдуга кэлбит хас биирдии киһи дьолго этитиллэн төрүүр эбит. Сирдээҕи дьолу мүччү ыһыктыбат гына олох олоруу, үксүгэр, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах буолар. Ол курдук дьиэ кэргэн олоҕуттан саҕалаан, тулалыыр эйгэҕэ киһи сыһыана сиэрдээх буоллаҕына, киһи орто дойду дьолуттан матар ыйааҕа суох. Өбүгэлэрбит барахсаттар хас эмэ сүүһүнэн сылларга иитиэхтээн кэлбит олоххо көрүүлэрин, көмүс быраабылаларын, бобууларын барытын толору тутуһан, сиэрдээх олоҕу олордохпутуна, сиэннэрбит, хос сиэннэрбит биһиэхэ махтаныахтара, олохторо дьоллонуо, бэйэбит да кинилэр тустарыгар бөҕө санаалаах, инникилэригэр эрэллээх буолуо этибит.