23.07.2020 | 14:58

Айылҕа “антибиотига”

Айылҕа “антибиотига”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин дойду үрдүнэн пандемия биллэриллибитэ. Күн тура-тура, хайа сиргэ төһө киһи ыалдьыбыта, онтон төһөтө күн сириттэн күрэммитэ күннээҕи олох сүрүн кэпсэтиитэ буолла. Бу дьаҥтан ордук Азия норуота күүстээх охсууну ылан эрэр.

Коронавирус гирииптэн уратыта диэн, киһиттэн сыыҥы-сырааны таһаарбакка, температуралатан, кураанаҕынан сөтөлүннэрэн, сыыйа-баайа тыҥаҕын көрбүтүнэн киирэр дииллэр. Дьэ, манна айылҕа “антибиотига” көмөлөһүөн сөп. Сыстыганнаах ыарыы тарҕамматын туһугар дьиэҕитигэр, хас хос аайы эриэппэ луугу хаҕын ыраастаан баран ууруҥ диэн илиҥҥи дойду мындыр киһитэ сүбэлиир.

                                    Луук уонна чеснок

  Гириипкэ хаптардахха, тымныйыыны сэрэтэргэ, бастатан туран, эриэппэ луук, чеснок үчүгэй. Кинилэри норуокка “натуральнай антибиотик” диэн ааттыыллар. Төбө, күөмэй ыарыйдаҕына итии мүөттээх чэйи эбэтэр оргуйбут итии үүтү суодалаан иһэллэр, “С” битэмиини сииллэр.

  Сарсыарда, киэһэ муруну оргуйбут сылаас уунан сайҕана сылдьыллыахтаах, оксолиновай мааһынан мурун иһин сотуллуохтаах. Сибиэһэй чесноктан эбэтэр лууктан ыган ылбыт сүмэһини үүтү кытта булкуйан, муруҥҥа хааппыланан таммалатыллар. Ыалдьар киһиэхэ элбэх ууну иһэрдиллиэхтээх. Ханнык баҕарар отон уута үчүгэй. Аһыы, биэрэстээх аһы аһыыр куһаҕан.

  Итиэннэ киһи үөрэ-көтө эмтэнэр ньымата – баанньыкка суунуу. Саас, сайын хаһааммыт хатыҥ хойуу сэбирдэхтээх лабааларынан эти күүскэ паардана-паардана охсуннахха, гириип да, тымныйыы да киһиэхэ чугаһыа суохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...