Айсен Николаев Саха сирин байыастарыгар байыаннай тиэхиньикэни тириэртэ
«Ити – байыастар көрдөһүүлэринэн тупсарыллыбыт бырысыаптаах түөрт «Сокол» квадроцикл, итиэннэ дроннары утары саалар, тепловизордар, дроннар, прицеллар, коллиматордар, рациялар, эбии экипировка уонна «Хоту Тент» хампаанньа бородууксуйата. Барыта байыастарбытыгар көмөлөһүөҕэ уонна кинилэри кыайыыга чугаһатыаҕа диэн эрэнэбин. Уолаттарбыт Ийэ дойдуларын хорсуннук көмүскүүллэр, кинилэр иннилэригэр турбут бойобуой соруктары чиэстээхтик толороллор», - диир телеграм-ханаалыгар өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана.
Айсен Николаев «БАРС-2» этэрээт байыаннай сулууспалаахтарын уонна өрөспүүбүлүкэ территориальнай тирэх пууннарын бэрэстэбиитэллэрин кытта анал эпэрээссийэҕэ Саха сириттэн кыттааччылары материальнай-техническэй сириэстибэлэринэн хааччыйыы боппуруостарын дьүүллэстэ.
Санатар буоллахха, бу анал байыаннай эпэрээссийэ территориятыгар өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын бастакы сырыыта буолбатах. Айсен Николаев хас да төгүл шефтэһэр Кировскайга чөлүгэр түһэрии үлэтин бэрэбиэркэлээбитэ, ДНР баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Денис Пушилинныын көрсүбүтэ, «Боотур» этэрээт байыастарыгар көмөнү тиксэрбитэ.