20.03.2024 | 11:52

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайыннарыыны хааччыйар ыстаап мунньаҕын ыытта

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайыннарыыны хааччыйар ыстаап мунньаҕын ыытта
Ааптар: Мария Васильева, СИА, хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир

Кулун тутар 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайыннарыыны хааччыйар ыстаап президиумун  мунньуҕан ыытта.

Ил Дархан бастатан туран «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии боппуруостарын, Оонньууларга аналлаах социальнай эбийиэктэри болдьоҕор уонна хаачыстыбалаахтык үлэҕэ киллэриини быһаарар тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.
Ол курдук, Дьокуускай куоракка Оонньуулар сүрүн түһүлгэлэрэ буолуохтаах Тарскай аатынан «Туймаада» стадион хапытаалынай өрөмүөнэ, саҥа тутуллар «Спортивнай» түөлбэҕэ оҕо саадын тутуу, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарга «2019-2025 сылларга нэһилиэнньэни саахалланар туруктаах хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраама туолуута дьүүллэһилиннилэр.
«Буолаары турар Норуоттар икки ардыларынааҕы спортинай оонньууларга бэлэмнэнии тэтимин улаатыннарыы уонна социальнай эбийиэктэри тутуу – бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн сорукпут», – диэн тоһоҕолоото Айсен Николаев.
Санатар буоллахха, дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан уонна национальнай бырайыактарынан Саха сиригэр оскуола, оҕо саада, спорт саалата, балыыһа о.д.а. 124 социальнай эбийиэк тутуллара былааннанар. 
Ол иһигэр быйыл, 2024 сылга, уопсайа 5015 миэстэлээх 18 оскуола, 555 миэстэлээх биэс оҕо саада уонна 644 миэстэлээх икки эбии үөрэхтээһин кыһата үлэҕэ киириэхтэрэ. Маны сэргэ 705 тыһ. кв.м итэҕэһэ суох иэннээх олорор дьиэни тутар былаан баар. 
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – федеральнай киинтэн үбүлээһини ылыыга уонна нацбарыйыактары олоххо киллэриигэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ көрдөрүүлээх регион. 2019 сылтан нацбырайыактары олоххо киллэриигэ үбүлээһин кээмэйэ түөрт төгүл үрдээн, былырыын 187
млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Бу суумаҕа 900 км суол тутулунна уонна өрөмүөннэннэ, 50 муоста, 60-тан тахса доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ, 50-ча оскуола, 32 оҕо саада о.д.а. тутулуннулар. Биэс сыл иһигэр уопсайа холбоон 274 социальнай эбийиэк эбилиннэ, 28 тыһыынча киһи хаарбах дьиэттэн саҥа кыбартыыраҕа көстө.
Бу хапытаалынай тутуулар бары дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр «Демография», «Доруобуйа харыстабыла», «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», «Үөрэхтээһин», «Туризм»,
«Дьоҕус уонна орто урбаан», «Култуура», «Цифровой экономика» нацбырайыактар көмөлөрүнэн ыытыллаллар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...