Айсен Николаев Платон Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Судаарыстыбаннас күнүнэн чулуу судаарыстыбаннай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.
«Төрөөбүт Сахатын сирин сайдыыта Платон Ойуунускай олоҕун сүрүн дьыалата этэ. Кини нэһилиэстибэтэ бүгүн биһигини үөрэтэр – история будулҕан сүүрүгэр кэскилгэ бырааптанар курдук хас биирдии олохтоох бэйэтин бастыҥ хаачыстыбатын көрдөрүөхтээх: күүстээх санаатын, халбаҥнаабат буолуутун, инникигэ эрэлин», - диэн суруйда кини Telegram ханаалыгар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



