Айсен Николаев куораты тупсарыы үлэтин кытта билистэ
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бу күннэргэ куорат баһылыга Евгений Григорьевы кытта киин куоракка ыытылла турар тутуулары көрдө.
Айсен Николаев «Звезднай» дьоҕус оройуон, ДСК оройуонугар 990 миэстэлээх оскуола тутуутун, Можайскай уулуссатын кэрчигин уларыта тутууну көрдө итиэннэ Кузьмин уул., 26/3, 28/3, 30/3, 34, 34/1 дьиэлэрин олохтоохторун кытта көрүстэ, «Саталга» сырытта.
Айсен Николаев «Звездный» дьоҕус оройуоҥҥа 1980 миэстэлээх икки оскуола, 690 миэстэлээх икки оҕо саада, симиэнэҕэ 600 киһини көрөр поликлиника, сабыылаах каток, маҕаһыыннар баар буолалларын бэлиэтээтэ.
Тутууну ыытар Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствотын (РИА) генеральнай дириэктэрэ Владимир Трегубов «Звезднайга» Летчик Вера Захарова аатынан уулусса дьиэлэригэр 573 кыбартыыра хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ анаммытын, маны сэргэ 32 кыбартыыраҕа тулаайахтары олорор дьиэнэн хааччыйыы муниципальнай бырагырааматынан бэриллэрэн бэлиэтээтэ.
«Звезднайга» Марха Яков Петерс уулуссатыттан көһөн кэлбит Валентина Чой саҥа кыбартыыратын планировката уруккутугар майгынныырын, ол эрээри иэнэ арыый улаханын үөрэ кэпсээтэ.
«Звезднай» дьоҕус оройуону көрүү түмүгүнэн Айсен Николаев тутааччыларга тупсарыыга уонна көҕөрдүүгэ ураты болҕомтону уурарга уонна тутуу тэтимин бытаардыбаттарыгар сорудахтаата.
ДСК оройуонугар 153-с кыбаарталга 990 миэстэлээх оскуоланы тутуу «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан бу сааскыттан саҕаламмыта уонна 2024 сыл төрдүс кыбаарталыгар үлэҕэ киириэхтээх. Үс этээстээх Н-быһыылаах дьиэ пандустаах, киэҥ кирилиэстэрдээх, онон доруобуйаларыгар хаарчахтаах кэлээскэлээх оҕолорго бары өттүнэн табыгастаах.
Кузьмин уул., 26/3, 28/3, 30/3, 34, 34/1 дьиэлэрин тиэргэннэригэр тупсарыы үлэтэ Ил Дархан «Мин тэлгэһэм» бырагырааматынан ыытыллар. Олохтоохтор дьоҕус архитектурнай формалары уонна бөх тоҕор иһиттэри элбэтэргэ көрдөһөллөр.
Мархаҕа Можайскай уулусса Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри 2,19 км усталаах кэрчигэ «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» бырайыагынан Үс Хатыҥҥа тиийэр суолу түөрт балаһаҕа диэри кэҥэтии чэрчитинэн саҥардыллар. Тутааччылар бэлиэтииллэринэн, үлэ болдьоҕун иннинэ ыытылла турар. График быһыытынан, суол 2024 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.
«Сатал» дьоҕус оройуоҥҥа электричество уотун ситимин «Якутскэнерго» биэрии боппуруоһа көрүлүннэ.