18.09.2023 | 13:00 | Просмотров: 460

Айсен Николаев кампус тутуутун көрдө

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Цифровой технологиялары үөрэтэр «Школы 21» кампуска өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн эрэр, алтынньыга үлэҕэ киирэр диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Ил Дархан Айсен Николаев кампус тутуутун көрдө-иһиттэ.

«Ойуунускай уулуссатыгар үс этээстээх дьиэҕэ өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Тутуу үлэтин суһаллык түмүктүүллэригэр сорудахтаатым», – диэтэ Айсен Николаев.

«Школы 21» кампуска араас хайысхалаах цифровой технологиялары үөрэтиэхтэрэ – алгоритмнары, графиканы, Unix, Web, мобильнай үлэлээһини, сетевой технологиялары, Big Data уо.д.а. Кампус үөрэнээччилэрэ ИТ-хампаанньаларга үс ыйдаах стажировканы ааһыахтара. Ол кэнниттэн бэйэлэрин хайысхаларынан үлэҕэ киириэхтэрэ.

Быйыл икки сүүмэрдиир түһүмэх ыытыллара былааннанар. Ол түмүгүнэн кыттааччылар сүрүн үөрэххэ киирэллэр уонна ИТ эйгэтин идэтин босхо баһылыыр кыахтаналлар. Үөрэххэ киириэн баҕалаахтартан сайт нөҥүө 3 000 сайаапка бэрилиннэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.