18.03.2020 | 19:04

Айсен ДОЙДУ: “Өссө да оҥоруом элбэх!”

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Кини - поэт, прозаик, драматург, сценарист, суруйааччы, суруналыыс-публицист, историк. Кини – Суорун Омоллоон кынат курдук илдьэ сылдьан үйэлээх үлэтигэр барытыгар кыттыһыннарбыт, көмөлөһүннэрбит төрөппүт уола. Айсен Дмитриевич Сивцев – Айсен Дойду курдук эргиччи талааннаах, бөлүһүөктүү өйдөөх киһи сахаҕа аҕыйах.

Айсен Дмитриевичтыын, дорооболоһоот да: “Хайдах маннык барытыгар талааннаах уонна ситиһиилээх буолуохха сөбүй?” – диэн сөҕөбүн. Кини саныыр санаатыттан, өйүн таһымыттан салла-салла кэлбитим, хата, кэпсэтиигэ олус судургу киһи буолан биэрдэ.

– Миэнэ арааһынай буоларым чахчы элбэх. Бастатан туран, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэбин. Иккиһинэн, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһугар баарбын. Үсүһүнэн, кинематографистар сойуустарын чилиэнэбин уонна худуоһунньуктар уопсастыбаларыгар баарбын. Историческай пааматынньыктары харыстыыр уопсастыба актыбыыһабын. Чэ, уопсайынан, үлэлэһэр хайысхам итинник.

Бэйэм поэт курдук саҕалаабытым. Хоһоон суруйар этим. Этим буолуо да, кэллэ да, ойон туран сурунабын буоллаҕа дии. Бу бөөлүүн туран биир хоһоону суруйдум. Уопсайа 3 хоһоон хормуурунньугун таһаартарбытым.

4 кинигэлээхпин.

Айымньыларбын ордук француз тылыгар тылбаастаабыттара элбэх. Жак Каро диэн француз кэлэн барар. Маҥнай 90-ус сылларга хоһооннорбун тылбаастаабыта. “Авель и Каин” диэн драмабын эмиэ сурунаалларыгар тылбаастаан таһаарбыттара. Икки сыллааҕыта кэпсээннэрбин тылбаастаан, “Заснеженные ели” диэн хомуурунньук оҥорон таһаардылар.

Киинэлэрбин бүтэрбит киһи

– 1967 сыллаахха Кинематография институтун (ВГИК) сценарно-киноведческай факультетын бүтэрбитим. Бэйэм эрдэттэн суруйар, элбэхтик бэчээттэнэр этим, ол иһин сценарий суруйарга үөрэнээри киирбитим. Ол кэннэ 26 документальнай уонна игровой киинэ сценарийын суруйбутум. Ол киинэлэрим барыта экраҥҥа тахсыбыттара.

Саамай биллэр-көстөр киинэм – “Снайпер саха”. Режиссера Никита Аржаков. Монреальга киинэ фестивалыгар Гран-При ылбыта. “Таптал арыыта”, “Бэйэ дьоно” о.д.а. киинэм элбэх. Көрөөччү сөбүлээбит айымньылара да диэххэ сөп буолуохтаах. 

– Киинэ сценарийын сакаастыылар дуу, бэйэҥ баҕаҕынан суруйаҕын дуу?

Сакаас да буолааччы. Үксүгэр бэйэм суруйабын. Холобур, “Снайпер саха” сценарийын Саха сирин бырабыыталыстыбата биллэрбит куонкурсугар суруйбутум. Онно кыайан, Никита Арожаков туруордаҕа ди.

Быйыл сэрии оҕолорун туһунан куонкурус биллэрбиттэр. Онно эмиэ сценарий суруйдум, куонкуруска хайаан да биэриэм. “Хара күн сырдыгар” (“В цвете черного солнца”) диэн полнометражнай киинэ сценарийын оҥордум...

Кэнники икки сыл бэйэм киинэ түһэрэр буоллум...

– Ол аата?

Ол аата бэйэм сценарийдаан, бэйэм режиссердаан, бэйэм артыыстаан устабын. “Жить” (“Хара дьай хонноҕор”) диэни түһэрдим. Улахан экраҥҥа тахса илик. Өссө биир киинэм – “Киллер”, саҥа оҥоһуллан эрэр.

Документальнай киинэ эмиэ оҥоробун. “Древняя вера якутов. Айыы таҥара” диэн тенгрианство туһунан киинэни ситэрэ сылдьабын.

Барытын бэйэм устабын. “Алмазфильм” Александр Джурович Данилов, Семен Ермолаев көмөлөспүттэрэ. Онон бүтэрбит киһи.

Тенгрианство итэҕэлин бырааһынньыга буолар

– Билигин тугу үлэлээтиҥ?

Билиҥҥи олоҕум улахан ситиһиитэ – 2019 сыллаахха биһиги, сахалар, итэҕэлбит – Айыы таҥара итэҕэлэ официальнайдык билинилиннэ. Путиҥҥа сурук суруйан баран өр кэтэспиппит. Сокуонунан маннык итэҕэл баарын бигэргэттибит. Аны олоххо киирэрэ хаалла...

– Хайдах олоххо киириэхтээҕий?

Үлэлээн барыахтаахпыт. Айыы дьиэтэ тутуллуохтаах. Саха норуота итэҕэллээҕин дакаастыыр, Таҥараҕа чахчы былыргыттан сүгүрүйэрин туоһулуур итэҕэл дьиэтэ баар буолуохтаах. Мусульамннар мечеттаахтар, нууччалра церковьтаахтар...

Бу кулун тутар 22 чыыһылатыгар Сайсары күөлгэ улахан религиознай бырааһынньык тэрийэбит. 22 чыыһылаҕа Күн тэҥнэһиитэ диэн буолар. Күн уһуур –  Саҥа Күн Дьыла үөскүүр. Күн – түҥ былыргыттан биһиги таҥарабыт.

Кулун тутар ый 22 күнэ – Саха омук төрөөбүт күнэ диибит. Биһиги Дьөһөгөй Айыы оҕолоробут. Үрүҥ биэ үөһэттэн түһэн сахалары үөскэппитэ. Онон биһиги арҕаһыттан тэһииннээх, көхсүттэн көнтөстөөх айыы аймахтарабыт дэнэбит.

Тенгрианство билигин өрөгөйдөөн, бары билинэннэр, биһиги улахан бырааһынньыкпыт буолуохтаах.

Бэлиэтээн эттэххэ, былыр Азия түүр омуктара бары бу күнү бэлиэтииллэр эбит. Казахтар, киргизтэр, узбектар, туркменнар, татардар кэлин бары мусульманствоны ылыммыттара. Ол эрэн бу күнү син биир умунабатахтар, Навруз диэн ааттаан бэлиэтииллэр.

Сайсары күөлүгэр онон улахан бырааһынньык буолуохтаах. Ипподромҥа ат сүүрдүүтэ буолар. Спортивнай күрэхтэһиилэр буолуохтара. Сахалар көхтөөхтүк кэлиэхтэрин баҕарабын.

Бу кэннэ Айыы ураһатын Сайсары кытылыгар тутары туруорсуохпут. Биһиги бэйэбит “Тенгрини чинчийэр норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда” диэн уопсастыбаннай тэрилтэлээхпит. Салайааччыбыт Елена Валерьевна Федорова диэн баар. Итэҕэл, тенгрианство боппуруоһугар аан дойдуга буолар конференцияларга кыттабыт. Казахстаҥҥа, Болгарияҕа, Киргизияҕа, Монголияҕа, Тываҕа уо. д.а.  буолбуттара. Бастаан Саха сириттэн саҕаламмыта. Онон омуктар билинэн эрэллэр.

Аппа уҥуор – историческай сир сөргүтүллүөхтээх

– Дьокуускай историческай пааматынньыктарын харыстааһыны туруорсан кэллиҥ. Тугу ситистиҥ?

70-ус сыллардаахтан история пааматынньыктарын уонна култуура объектарын харыстыыр уопсастыбаҕа баарбын. Соторутааҕыта мунньахтаабыппыт. “Охранная зона №1” диэн Кырдьаҕас куораты киллэрбиппит. Дьокуускай биир кэрэ көстүүлээх сирэ буолан турар.

“Охранная зона №2” диэн аппа уҥуор сирин киллэрбиппит. Залогы харыстыахха диэн 90-ус сыллартан туруорсабыт. Дьэ, саҥа үлэ барыахтаах. Эмиэ туристическай киин буолар кыахтаах сир. Олох сэдэх көстүүлээх мас тутуулар бааллар. Дьыл-хонук буортулуу илигинэ, сөргүтүөхпүтүн наада.

Дьокуускай былыргы куорат, Санкт Петербургтааҕар быдан аҕа. Бүтүннүү мас куорат этэ. Ону ытыктаан, мас дьиэлэрбитин сөргүтэн, пааматынньык оҥорон хаалларыахтаахпыт. Онон үлэ элбэх.

Аҕам Суорун Омоллоон олорбут дьиэтэ Чернышевскай уулуссатын 26-гар баар. Чөлүгэр түһэрэн, норуодунай суруйааччы, Социалистическай Үлэ Геройа Суорун Омоллоон музей-дьиэтэ буолуоҕа.

Иллэрээ күн Чурапчыга баран кэллим. Былыргы ампаарга руническай сурук көрөн, түһэрэн кэллим. Оннук руна сурук Саха сиригэр элбэх. Саха омуга былыргыттан суруктаах-бичиктээх, ураты култууралаах, улахан итэҕэллээх норуот этибит. Ону руналар туоһулууллар. Историянан, култууранан уруккуттан дьарыктанар буоламмын, өйдүүр уонна кыһанар киһи быһыытынан, руналары үөрэтиини сөргүтээри гынабын.

Аҕам сүрүн көмөлөһөөччүтэ этим

Аҕабын кытта историческай пааматынньыктары норуокка хаалларар үлэни саҕалаабыппыт. Пааматынньыктары тыыннаах хаалларыыга иккиэн үлэлээн, 1977 сыллааха Чөркөөх музейын тэрийбиппит. Онтон кэлин оҕонньор Суоттуга, Ытык Күөлгэ, Хадаайыга Ойуунускай уһаайбатын оҥорууга үлэлээбитэ. Суорун Омоллоон элбэх материальнай пааматынньыгы тутан хаалларбыта. Онно мин көмөлөстөҕүм эрэ дии.

– Билигин ким салҕыыр?

Дьыалабыт салҕанан бара турар диибин. Холобур, атын оройуоннарга былыргы түһүлгэлэри, ыһыахтыыр сирдэри тутан таһаараллар дии. Былырыын Баайаҕаҕа Мандар Ууска бара сылдьыбытым. Кини Омоллоон дьыалатын салҕыыр курдук үлэлээх, бииргэ үлэлээбитэ даҕаны. Мандар Уус туос ураһаны тута сылдьар. Ол ураһаттан биирдэрин Сайсары күөл таһыгар туруораары гынар...

Олоҥхо ыһыахтара сыл аайы буолаллар. Онно тутуулар ыытыллаллар, былыргылыы сэргэлэр тураллар. Маны барытын култуурунай, духуобунай баайбытын үйэтитии курдук ылыныахтаахпыт.

Идеяны барытын олоххо киллэрэргэ харчы наада буоллаҕа. Сахаларга, биһиэхэ, ити өттүгэр үп-харчы наар кыаллыбат. Үксүн норуот бэйэтэ кыһаллан, нэһилиэктэр, улуустар бэйэлэрэ оҥордохторуна кыаллар дьыала.

Суотту, Чөркөөх музейдарын тэрийэрбитигэр дьон бэйэтэ, биир-биэс харчыта суох, буор-босхо көмөлөһөн, тутан, сүүнэ дьиэлэри көһөрөн аҕалан, тутан таһаарбыппыт. Экспонаттары эмиэ норуот хомуйбута, үксүн бэлэхтииллэр этэ.

Сэбиэскэй сойуус баар эрдэҕинэ диэххэ, бүдьүөттэн 10 бырыһыана култуураҕа ананар буолара. Өрөспүүбүлүкэлэргэ эмиэ оннук этэ. Билиҥҥи култуураны өйүүргэ дойду бүддьүөтүттэн 0,5 бырыһыана көрүллэр. Санаан көрүҥ, бырыһыан аҥаара эрэ... Ол иһин тыаларга тутуу барбат, сорох сирдэргэ кулууптара да суохтар.

Аҕыйах олигархтан тутулуктаах олохтоннубут

– Билиҥҥи олоҕу туох дии саныыгын?

Билигин биһиги капитализмҥа киирдибит. Демократияҕа олоробут диэн албыннанарга үөрэнэн хаалбыппыт быһыылаах. Харчылаах буоллаххына, тугу барытын ылыаххын сөп. Демократия уонна суверенитет диэн көрүнньэҥнэрэ эрэ хаалла...

 Мин өссө суверенитет диэммит биһиэхэ, сахаларга, олох олоччу суох буолла дии саныыбын. Барыта үөһэттэн тугу эппиттэринэн олоробут.

Барыта үчүгэй диир кыах суох. Норуот бэйэтин былааһа дьиҥнээхтии төннөрө буоллар, сирин, айылҕатын баайа норуот киэнэ буолара буоллар, бэттэх кэлиэ этибит. Билигин айылҕа баайа барыта олигархтар илиилэригэр киирдэ. Сымыйанан акционернай уопсастыба дэнэллэр, бөдөҥ тэрилтэлэри барытын аҕыйах олигарх тутан олорор. Онон демократияҕа олоробут диир сыыһа. Куһаҕана диэн, ол харчылара арҕаа бааннарга эргийэр, дойдуга хаалбат.

Олохпор барытын оҥордум

Мин аҕабар бастакы уолабын. Бастакы кэргэниттэн төрөппүт оҕотобун. Ийэм олох эдэригэр өлөөхтөөбүтэ. Суорун Омоллоон иккис кэргэнэ – Надежда Семеновна Шепелева диэн ырыаһыт. Киниттэн быраатым Кирилл, балтым Люция бааллар. Бэйэм 2 оҕолоохпун, 4 сиэннээхпин. Нууччалар “киһи уол оҕону төрөтүөхтэх, дьиэ туттуохтаах, мас олордуохтаах” дииллэр дии. Мин ону барытын толордум диибин.

Былааным баһаам. Бастакынан, киинэлэрбин бүтэриэм этэ. Кинигэлэри суруйуохтаахпын – биир роман, биир философскай. “Пятая дверь или ужин прекрасной француженки” ромаммын таһаарыам этэ.

“Белые лебеди Омулуку” диэн романым былырыын “Полярная звезда” сурунаалга тахсыбыта. Саха сиригэр сир аннынан атомы тоҕо тэптэрии туһунан. Ону французтар тылбаастаан таһаарыахпыт диэн ылбыттара.

Французтар бэйэлэрэ кэлэн айымньыларбын көрдөөн ылан бараллар. Жак Кароттан саҕалаан доҕордоһон хаалбыппыт. Ол кинигэм тылбааһа күн сирин көрөрүн кэтэһэбин.

– Аныгы киинэлэргэ рецензия суруйаргын интэриэһиргээн ааҕабыт. Премьераларга ыҥыраллар дуо?

Ээ, саҥа киинэ таҕыста да, ыҥырыыта суох, бэйэм баран көрөбүн. Бу буолаары турар норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар баран айымньылары барытын көрөр санаалаахпын. Рецензия суруйуунан дьарыгырабын, тоҕо диэтэххэ мин киинэҕэ анал идэлээхпин. Анал үөрэхтээх киһи биһиэхэ аҕыйах. 26 олоххо киирбит сценарийдаах да киһи аҕыйах буолуо. Ол иһин профессионал быһыытанан санаабын эттэхпинэ сатанар дии санааччыбын.

Бүтэһик киинэлэртэн Эдуард Новиков “Тойон кыыл” киинэтин сөбүлээбитим. “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” диэн Любовь Борисова киинэтин хайҕаатым. Саха киинэтэ аан дойду таһымыгар таҕыста.

Саха киинэтин феномен дииллэр. Омуктар урут билбэтэх, хаһан да көрбөтөх матырыйааллара уһулларыттан инник дииллэр. Кинилэргэ биһиэнэ барыта саҥа, сонун, экзотика. Ханна эрэ Сибиир түгэҕэр, ап-аҕыйах ахсааннаах норуот олоҕун көрөр, санаатын истэр олус интэриэһинэй буоллаҕа дии. Сайдан иһэрбит олус үчүгэй.

– Кэлин хоһоон төһө кэлэрий?

Хоһоон суруйабын. Строка хайдах кэлэриттэн. Туох баарым барыта бэйэтэ кэллэҕинэ эрэ суруллар. Олорон эрэ “Чэ, дабаай, билигин суруйуом” диэнинэн үлэлээбэппин. Хаһан баҕарар строкалар кутулла түһүөхтэрин сөп.

Арамаан Дмитриев туһунан “Сулус буолан умайдын” диэн пъесам туруоруутун көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан арыаллаата. Эдьигээннэр көрдөһүүлэринэн суруйбутум. Арыыстар үчүгэйдик оонньоотулар, кыһаллан туруорубуттара көстөр. Драматургияҕа биир бүтэһик ситиһиим ити болуон сөп. Бу иннинэ “Ааттаах поэт Арбита”, “Мэҥэ халлаан оҕото Манчаары Баһылай” драмаларым Саха театрыгар турбуттара – саамай кылаабынайа, норуот ылыммыта.

Норуот ылыннаҕына – ол кыайыы, ханнык да наҕараада ону солбуйбат.

– Айар-тутар усулуобуйалаах буолаҥҥын тахса турарыҥ буолуо?

Туох эрэ түгэн тосхойорунан, настырыанньа хайдах салалларынан. Айар, суруйар усулуобуйалаахпын. Бэйэм дьиэлээхпин, сиэммин кытта иккиэйэх  олоробут. Онно суруйар усулуобуйам толору баар.

Сайын даачабар тахсабын. Суорун Омоллоон өрүс уҥуор Дойдуунускай диэн сиргэ туппут дьиэтэ баар, Кангалаас утарыта. Үрүйэ кытыытыгар быыкаайык суруйар дьиэ туттубута. Сайын аайы чуумпуга онно тахсан үлэлиир этэ. Мин эмиэ ол дьиэҕэ сайылыы тахсабын.

Эһиил 80 сааһым. Үлэ-хамнас ньиргиччи барар, доруобуйа да баар курдук, настырыанньа оһуобай!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...