20.10.2024 | 14:00

Айна Куртц: «Искусствоҕа уонна тулалыыр эйгэҕэ тапталы тиэрдии — биһиги сүрүн сорукпут»

Айна Куртц: «Искусствоҕа уонна тулалыыр эйгэҕэ тапталы тиэрдии — биһиги сүрүн сорукпут»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Араас эйгэҕэ дьоҕурдаах, ситиһиилээх дьоҥҥо туһаайан “талааннаах киһи барытыгар талааннаах” диэн этии баар. 
Эдэр дизайнер, худуоһунньук, “АйАрт” уруһуй устуудьуйатын уонна “Soulmate” (“Соулмейт”) таҥас брендин төрүттээччитэ Айна Куртц бэйэтин үлэтин туһунан сырдатта.

— Айар үлэҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуо?

— Мин кэргэммин кытта “АйАрт” диэн профессиональнай уруһуй устуудьуйатын арыйбыппыт. Ону таһынан “Soulmate” (“Соулмейт”—аймахтыы дууһалар) — пааралаах таҥас-сап концепциятын ааптарабын. Айар үлэнэн оҕо эрдэхпиттэн дьарыктанабын. Хас да хайысханы дьүөрэлээн үлэлиибин: муусука, уруһуй, дизайн.

— Маннык идея хайдах киирбитэй? Устуудьуйа арыйар барыстаах дуо?

— Өссө устудьуоннуу сылдьан устуудьуйа куортамнаан, сайын оҕолорго уруһуй куурустарын ыытар этим. Ол сылдьан бэйэм устуудьуйабын арыйар туһунан санаа киирбитэ. Оннук саҕалаан билигин барыспыт куһаҕана суох, чэпчэки эбэтэр табыгастаах сыаналаах оҥорбоппут да үрдүнэн. Искусство төлөбүрэ ыарахан буолуохтаах, тоҕо диэтэххэ, бу сыана туһунан буолбакка, сыаннас туһунан. Холустаҕа бэчээттээтэххэ эрэ чэпчэки.Холобура, биһигини үтүктэн, ол эрээри биһигиттэн үс бүк чэпчэки сыанаҕа атыылыыр устуудьуйалар бааллар. Үөрүөхпүт иһин, килийиэннэр уонна партнердар ол үрдүнэн биһиэхэ төннөллөр. Хаачыстыбабытынан киэн туттуохпутун сөп, тоҕо диэтэххэ хас биирдии сакааһы 110% толоро сатыыбыт.

“Soulmate” идея түбэспиччэ кэлбитэ — маллар сиэркилэҕэ көстөр күлүктэрин туһунан толкуйдаабыппар. Бастакы эскииспин пандемия кэмигэр уруһуйдаабытым, бу дойдуга дьиҥнээх уонна эрэллээх таптал баар диэн тиэмэҕэ. Оҕолор төрөппүттэрэ бэйэ-бэйэлэригэр тапталлара, сыһыаннара хайдаҕын, оттон доҕоттор-атастар төһө да ыраах сырыттыннар, бэйэ-бэйэлэрин умнубакка өйдүү сылдьалларыгар анаан. Ол курдук бастаан икки киһи кэтэр футболката биир таҥастан тигиллэн холбоно сылдьаллар, онтон икки чугас дьон — соулмейтар/аймахтыы дууһалар, баҕа санааларын этэн, таҥаһы кырыйан, икки тэҥ футболкаҕа арааран, биирдии футболканы ылан кэтэллэр.

Маннык концепция ырыынакка сонун, онон бастаан ааптар быраабын регистрациятыгар болҕомтобутун уурбуппут. Билигин докумуоннар бэлэмнэр, онон бренди кытта билиһиннэрэр үлэни саҕалаатыбыт. “Soulmate” аан дойду үрдүнэн элбэх сүрэҕи холбуоҕа диэн итэҕэйэбит.

Дьокуускайга уруһуй устуудьуйата төһө элбэҕий? Инник дьыаланы саҥаттан тэрийэр уустук дуо?

—Саха сирэ, төһө да нэһилиэнньэбит аҕыйах буоллар, киһи үөрүөх  талааннаах дьоно үгүс, Ол курдук маастар-кылаастар ыытыллаллар, иис-уус маастардара, худуоһунньуктар элбэхтэр. Онно сөп түбэһиннэрэн, айар өҥөнү оҥорор устуудьуйалар эмиэ бааллар. Ол эрээри биһиги күүстээх өрүппүтүн тута өйдөөбүппүт. Биһиги эпоксиднай сымаланан эбэтэр прикладной искусствонан соруйан дьарыктаммаппыт, ордук бэйэбит кыахпытыгар, сатабылбытыгар болҕомтобутун уурабыт — дьон биһиэхэ хаачыстыбалаах уруһуй иһин кэлэр.

— Хаачыстыбалаах уруһуй эйиэхэ туох суолталааҕый? Уонна тоҕо прикладной искусствоттан аккаастанаҕытый?

—Уруһуйга сүрүнэ — өҥ. Куурустарга эрэ буолбакка, маастар-кылаастарга, уруһуйга болҕомтолоохтук сыһыаннаһабыт. Биһиги, бастатан туран, тапталы, уопуппутун искусствоҕа уонна тулалыыр эйгэҕэ тиэрдиигэ, уонна кэлбит дьон уһуйааччыта суох туспа бэйэлэрэ үлэлииллэригэр анаан сатабылбытын үллэстэрбит улахан суолталаах. Биһиэхэ худуоһунньуктар үлэлииллэр, кинилэр тутуһар хайысхаларын убаастыыбыт. Идэтийбит худуоһунньуктары баайарга, сыбыырга үөрэтэллэригэр көрдөһөр — сыыһа быһыы. Тоҕо диэтэххэ прикладной искусствоҕа ютубка видео көрөн үөрэниэххэ сөп, оттон уруһуйга уһуйааччыта суох табыллыбат.

—Төһө элбэх киһи үлэлиирий? Үлэһиттэргин хайдах булаҕын?

— Биһиэхэ идэтийбит уонна уһулуччу портфолиолаах худуоһунньуктар үлэлииллэр. Кинилэргэ анаан бэйэлэрин хайысхаларыгар сөп түбэһэр дьарыктары ыытабыт. Биһиги худуоһунньуктарбытынан уонна ыалдьыттарбытынан киэн туттабыт — кырдьык сөҕүмэр ураты хартыыналары айаллар. Холобур, Алексеева Дарья-Виктория арыы кыраасканан уруһуйдуурга бастыҥ худуоһунньук, хартыыналарын кимнээҕэр даҕаны кырдьыкка майгыннатан суруйар. Кини уруоктарыгар элбэх академическай практика киирэрин да үрдүнэн, оҕолор киниэхэ сылдьан баран отой барыахтарын баҕарбаттар. Улахан дьон биир ый иһигэр үчүгэй түмүктэри ситиһэллэр. Күннэй Иванова (Йэн Сур) диэн уһулуччу талааннаах кыыс — тус айар дьоҕурун көмөтүнэн эко-бэбиэскэни тарҕатар уонна аан дойду үрдүнэн быыстапкаларга кыттыыны ылар. Кини абстракцияҕа уонна ис суолталаах айымньыга бастыҥнартан бастыҥ. Уонна атын худуоһунньуктар эмиэ бааллар — Евгений Тойтонов, хас да абитуриеннар көлүөнэлэрин художественнай университеттарга туттарсалларыгар көмөлөспүтэ, кинилэр киирии эксээмэннэргэ үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ. Мин кинилэр үлэлэрин муҥура суох сөҕөбүн. Биһиги, Саха сирин олохтоохторо, бэйэ дьыалатын маастардарыгар үөрэнэр кыахтаахпытынан дьоллоохпут диэн саныыбыт.

— Үөрэнээччилэргиттэн тоҕо уруһуйга харчы угарга быһаарынныгыт диэн ыйыппытыҥ дуо? Элбэх киһи санаатыгар харандааһы уонна кумааҕыны ыл да уруһуйдуохха сөп буолуо.

— Билигин төрөппүттэр уруһуй диэн мээнэ сатабыл эрэ буолбакка, бэйэни дириҥник билии, айар дьоҕур суола буоларын уонна ону боростуой тэриллэринэн солбуйбаттарын өйдүүллэр. Ол гынан баран бу уопсай санаа буолбатах, бэйэҥ бэйэҕэр хайдах баҕарар уруһуйдуоххун сөп. Киһи төһө ыраах барыан баҕарарыттан тутулуктаах — быстах түбэлтэнэн эрэ хааччахтаныан сөп эбэтэр идэтийбит уһуйааччыны кытта сайдыы суолун талыан сөп.

—Үлэҕэр туох стандартар баалларый?

—Биһиги, бастатан туран, дьоҥҥо ураты уопуту биэрэ сатыыбыт — уруһуйдуурга да, “Соулмейты” атыылаһарга даҕаны. Устуудьуйабытыгар арт-көрсүһүүлэр (свидание) уонна девичниктар ыытыллаллар, тоҕо диэтэххэ ыалдьыттар ордук сир эйгэтин бэлиэтииллэр. Биһиги эстетическэй дуоһуйуу суолтатын өйдүүбүт уонна хаачыстыбалаах олох таһымын ситиһэргэ көҕүлүү сатыыбыт. Ыалдьыттарбыт уратылар уонна ураты өҥөнү ылыахтаахтар. Таҥас брендэ буоларбыт быһыытынан, хас биирдии сакааһы анал хоруопкаҕа, шоперга суулуубут, туох баар ымпыгар-чымпыгар диэри болҕомтобутун уурабыт. “Soulmate” таптал бэлиэтэ буоларынан, бородууксуйабыт нөҥүө атыылаһааччыларбытыгар ис сүрэхтэн сыһыаннаһабыт. Туохха барытыгар хаачыстыбалаах эрэ матырыйаалы туттабыт. Дьоллоох клиеннэр — биһиги сүрүн сорукпут.

— Билигин туох бырайыактааххыный?

— Билигин устуудьуйа уонна бренд иһигэр баар бырайыактарынан дьарыктана сатыыбын. Холобур, “Кындыкаан” айар холбоһук “100 хартыына” диэн аахсыйатын иккис сезоммутун ыытабыт, улахан сакааһы бэлэмниибит — бүтүн оскуола истиэнэлэрин уруһуйдаан кырааскалыыбыт. Бренд сотору музыкальнай альбом таһаарыахтаах, онно аймахтыы дууһалар кэпсээннэрин хомуйа сылдьабыт. “АйАрт” уонна “Soulmate” чэрчитинэн хас биирдии сакаас уонна бырайыак биһиэхэ туспа олох курдук. Биһиги кинилэргэ бүтүн дууһабытын биэрэбит.

—Муусуканан дьарыктанабын диэтиҥ, бу туһунан кэпсиэҥ дуо? “Soulmate” музыкальнай альбомнанар дуо?

—Үөрэхпинэн мин муусука учууталабын, инникитин оҕолорбор муусукаҕа, уруһуйга тапталы иҥэрэр баҕа санаалаах үөрэммитим.

 “Soulmate” диэн бүтүн философия. Чугас дьоҥҥор махтал, ис санааҕар сыһыан туһунан. Уонна маны араас ньыманан тарҕатыахпытын баҕарабыт — бастатан туран, таҥас, муусука, искусство нөҥүө. Музыкальнай альбом ырыаларыттан үс сүрүн ырыаны Дарья Лаврова, Катя Черкашина, Сиэль Голден суруйбуттара.

—Аймахтыы дууһалар туһунан биир эмит кэпсээни үллэстиэҥ дуо?

—Хас биирдии “Soulmate” атыылаһааччылара аймахтыы дууһалар баалларын бигэргэтэр дьикти кэпсээннээхтэр. Холобур, Татьяналаах Владимир уһун кэм тухары чугас олорон эрэн, 30 саастарыгар диэри бэйэ-бэйэлэрин билсибэккэ сылдьыбыттар. Ыаллыы турар дьиэлэргэ олоруохтарыттан, биир кэмҥэ биир куораттарга айанныахтарыгар диэри. Ол гынан баран кинилэр бу туһунан билсиһэн эрэ баран билбиттэр. Итинник кэпсээн элбэх, саамай сүрүнэ — бу кэпсээннэр салгыы сайдыахтара диэн эрэнэбин.

—Туох уустуктар баалларый, бааллар этэй? Ону хайдах быһаараҕыный?

— Сөбүлүүр үлэҕэр даҕаны ыарахаттар бааллар. Күн аайы күннээҕи сорукпун толкуйдаабытынан уһуктабын — махтаныы ньэҥирин үөскэтии уонна тарҕатыы. Үлэбит олус махталлаах, онон үчүгэй өрүттэрэ бары куһаҕан өрүттэрин баһыйаллар.

—Үлэҕинэн тугу ситистиҥ?

—Биһиги бырайыактарбыт хас да тыһыынча киһини хабаллар —  барыларыгар болҕомтону, кыһамньыны көрдөрөбүт диэн эрэллээхтик этиэхпитин сөп. Итиччэ элбэх дьон дьиэтигэр биһиги көмөбүтүнэн оҥоһуллубут хартыына баара миигин сөхтөрөр. Оттон “Soulmate” бүтүн континеннар нөҥүө истиҥ санааларга билинэргэ көмөлөстө: Азия, Европа дойдуларыгар уонна, биллэн турар, Арассыыйа үрдүнэн. Наҕараадалары, кыайыылары төһө да ааҕыахпын баҕарбытым иһин, бу түгэннэр, дьон уонна кинилэр санаалара, мин сүрэхпин сылаанньыталлар.

— Салгыы туох былааннааххыный?

—Уруһуйу дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыы, “Soulmate” Арассыыйа ырыынагар таһаарыы. Биһиги сонуннарбытын кэтээн көрүҥ, чугас дьоҥҥутун үөрдүҥ, хорсуннук айыҥ уонна сотору көрсүөххэ диэри!

 

Хаартыскалар: Айна Куртц тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...