Айдааннаах «ковид дьаарбаҥката»: абыраммыт аҕыйаҕа суох
Ааспыт нэдиэлэҕэ “Өрөгөй” спортивнай бэлэмнэнии киинигэр Доруобуйа дьаарбаҥката буолан ааспыта. Дьэ, “дьаарбаҥка” диэх курдук, ыһыах ыһар киһи тоҕуоруспут, үтүрүһүү, ойоҕос тостор уочарата этэ. Биир бэйэм аан айаҕыттан куоппутум. Сөпкө гыммыппын дуу, сыыһа дуу? Билэр дьонум “оччо тиийэн баран тиһэҕэр диэри туруоххун, анньыһан да киириэхтээх этиҥ” диэн сэмэлээбиттэрэ.
Кэбис, хас даҕаны интервьюлаахпын, аны хойутуом диэн сылтанан, хата, эрдэ тэскилээбитим да үчүгэй. Кэлэн иһэн өҥөйөн ааһарым дуу дии санаабытым. Күн устата уочарат өссө хойдубут, букатын сарын сарыҥҥа сыстыһыы, тоҕонохтоһуу, өттүгүнэн үтүөлэһии буолбут этэ. Сэттэ хос мааска да харыстаабат курдук. Социальнай тэйиччи туттуу быраабылата төрдүттэн суоҕа. Температураны кээмэйдээһин баара эрээри, ол ыарыы тарҕанарын бохсубат. Били хоруоналаах вируспут эрэ, пандемия эрэ, хааччах эрэ – отой да умнуллубут быһыылааҕа. Дэлэҕэ даҕаны, норуот бу тэрээһини социальнай ситимҥэ “ковид дьаарбаҥката” диэн ааттыа дуо?
СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, тэрээһиҥҥэ 1,4 тыһыынча киһи сылдьыбыт.
«Дьолго» тиксии
Кырдьык, билиҥҥи үйэ дьоно үлэҕэ умса түһэрбит, бэл диэтэр, ыалдьарбытын да умнарбыт баар суол. Ол эрээри маннык эрэ “дьаарбаҥкаларга” доруобуйабытын саныырбыт хайдаҕый? Уопсайынан, “чэпчэтии!”, “босхо” диэн тыллар нэһилиэнньэҕэ куһаҕаннык дьайаллар диэтэхпинэ, омнуолаабат инигит. Босхоҕо, ыччат тылынан эттэххэ, “халяваҕа” баҕас мэлдьи бэрпит, харчы төлүөхпүт оннугар көрдөрүммэккэ сылдьыахпыт.
Сорох исписэлиистэргэ эбэтэр эбии чинчийиилэргэ (холобур, УЗИ-га) уочараккын ыйы-ыйдаан күүтэҕин. Кыһалҕа диэтэҕиҥ! Биир бэйэм ис уорганы көрөр УЗИ босхо толуонугар бүтэһигин хаһан тиксибиппин өйдөөбөппүн. МРТ туһунан этэ да барбаппын. Аны сорох анаалыстар эмиэ төлөбүрдээхтэр. Чахчы даҕаны, босхо дьаарбаҥка үгүс киһиэхэ тоҕоостоох түгэн буоллаҕа. Дьон ону мүччү туппат туһугар уочаракка күнү-күннээн турбуттара өйдөнөр.
Тустаах министиэристибэ пресс-сулууспата отчуоттаабытынан, дьаарбаҥкаҕа 278 УЗИ чинчийии уонна ЭКГ, ону таһынан 700 онкомаркер анаалыһа, ВИЧ инфекцияны, вируснай гепатиты, сифилиһи быһаарар 179 экспресс-тестирование, 600-тэн тахса ИФА тест оҥоһуллубут.
Ону сэргэ, киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара онкологка, терапевка, педиатрга, оҕо стоматологар, эндокринологка, сурдологка, реабилитологка, гинекологка, дерматологка, ревматологка, офтальмологка, отоларингологка, психотерапевка уонна да атын исписэлиистэргэ көрдөрүммүттэр. Манна даҕатан эттэххэ, ити ааттаммыт сорох исписэлиистэргэ нэһилиэнньэ баһыйар өттө үйэтигэр көрдөрбүтэ саарбах. Онон сорохтор дьолго тиксибит саҕа сананнахтара.
Үйэ ирдэбилэ, хобдох көстүү
Дьиҥэр, маннык маассабай тэрээһиҥҥэ хайа да бэйэлээх үтүө суобастаах быраас эйигин сыныйан көрөрө биллибэт. Баҕарбытын да иһин... Биир бэйэм үлэ хаачыстыбалаахтык ыытылларыгар саарбахтыыбын. Массыына ыытар дьоллоох буоламмын, суоппар хамыыһыйатын элбэхтэ ааспытым. Сорох быраастар сирэйгин-хараххын да өйдөөн-дьүүллээн көрбөттөр ээ, көмпүүтэргэ “киирэн” олороллор. Хайыаххыный, билиҥҥи үйэ ирдэбилэ. Онон биир-биэс кэпсэтиитэ суох “Здоров” эбэтэр “Практически здоров” диэн халыып буолбут бэлиэтээһиннэри үгүстүк көрбүтүм. Арай биир хамыыһыйаҕа (“хамнастаах” үлэҕэ хандьыдааттан ханайа сырыттахпына) хирургтан сыыйыллыбытым. Судаарыстыбаннай сулууспаҕа доруобуйам “эппиэттээбэт” буолан бу суруксуттуу олордоҕум. Нарколог, психиатр пааспарбыттан атыны ирдээбэтэхтэрэ... Билигин хайдах эбитэ буолла, бырааппын уһатар болдьоҕум ыраах. Итини быраастары сирэй-харах анньыы, түһэрии курдук өйдөөмөҥ. Олоххо баар чахчы, үгүстэр сөбүлэһиэхтэрэ.
Сырыттыгыт дуо?
(дьон санаата)
Валерий Степанович, биэнсийэлээх:
– Бу ыарыы саҕана маннык тэрээһиннэри утарабын. Дьиҥэр, идиэйэтэ туох да куһаҕана суох. Маассабай дьаарбаҥка кыбаартал аайы дуу, хайдах дуу, уопсайынан, сотору-сотору ыытыллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Оччоҕуна итинник тоҕуоруһуу тахсыа суоҕа этэ.
Урут көһө сылдьар биригээдэлэр улуустарынан сылдьаллара. Мин дабылыанньам тахсар, саахарым үрдүк. Ол эрээри коронавирус дьаҥа туруоҕуттан балыыһаҕа сылдьарбын тохтоппутум. Хата, билигин харыга кэтиллэр тонометр, “Акку Чек” баар буолан абыранабын. Этэҥҥэ курдукпун.
С.В. Спиридонова, элбэх оҕолоох ийэ:
– Дьон бэйэлэрэ да хайдахтар эрэ дии, итиччэ элбэх киһи кэлбитин көрөн туран симилиннэхтэрэй. Босхо эрэ диэн сырыттахтара. Сөп ээ, сорох быраастарга киһи кыайан көрдөрүммэт, суруйтарбат даҕаны. Холобур, мин оҕолорбун “Госуслуги” сайт нөҥүө тиис бырааһыгар приемҥа суруйтараары сырыы аайы эрэйдэнэбин. Сотору-сотору “сбой” буолан сордуур. Бэйэм эндокринологка учуокка турабын, кэлин олох көрдөрүммэккэ сылдьабын.
Ити тэрээһиҥҥэ барыахпын баҕарбытым, ол эрээри оҕолорбун ханна соһо сылдьыахпыный дии санаабытым. Онтон инстаграмҥа “ажиотаж” диэн суруйбуттарын көрөн, барбатахпыт даҕаны үчүгэй диэн үөрбүтүм.
Роман Станиславович, 58 саастаах, суоппар:
– Быыбар чугаһаабыта биллэр. “Дьон туһугар” диэн ааттаан ол-бу тэрээһиннэри ыыталлар диэн аһаҕастык этэбин. Халлаан сылаас эрдэҕинэ аһаҕас халлаан анныгар тэрийэр тоҕо сатамматый? Ыарыы күн-түүн элбии турар, ити дьаарбаҥка кэнниттэн төһө элбэх киһи сутуллубута биллибэт. “Дьиэҕитигэр олоруҥ” диэн лозуммут кэнникинэн иһиллибэт да буолла. Мин көрдөхпүнэ, бырааһынньыкпыт да бүппэт курдук.
Туох да диэбит иһин, норуокка “ковид дьаарбаҥкатыттан” атыннык ааттамматах тэрээһиҥҥэ үгүс киһи сырытта. Барбатах да баһаам. Ол эрээри нэһилиэнньэ маннык аахсыйаҕа наадыйарын министиэристибэ отчуота чуолкайдык көрдөрдө. Арай бу ыйытыы барыбытын үүйэ-хаайа тутар: ыарыы түбэлтэтэ күн-түүн элбии турдаҕына, бу курдук дьон тоҕуоруһуулаах “дьаарбаҥка” тоҕоостоох дуо?
Хаартыскалар https://minzdrav.sakha.gov.ru сайтан, куйаар ситимиттэн ылылыннылар