Айар куттаах доҕоттордуун көрсүһүүлэр буола турдуннар
Алтынньы 23 күнүгэр "Өлүөнэ очуостара" банкеттыыр саалатыгар Константин Харлампьев "Көҥүл көппүт иэйиилэрим" диэн иккис кинигэтин сүрэхтэниитэ олус истиҥ-иһирэх эйгэҕэ буолан ааста.
Ааптар "Күн кыырпаҕын ыспахтаан" диэн бастакы кинигэтин 2018 с. "Офсет" РИК бэчээттээн таһаарбыта. Костя Харлампьев бу кинигэтин сүрэхтэниитэ "Тээйэ" банкеттыыр саалатыгар ааспыта. "Бүлүү сарыала" литературнай түмсүү салайааччыта Анна Дмитриевна Чиркова-Вилюйчанна бэйэтин дьүөгэлэринээн олус үрдүк таһымҥа ыыппыттара.
Номнуо үс сыл ааһа охсубут. Иккис кинигэтин сүрэхтэниитигэр ыҥырыылаах ыалдьыттара, айар куттаах доҕотторо тоҕуоруһа муһуннулар. Минньигэс астаах сандалы тула олорон Константин Романович Харлампьев дьоро күнэ саҕаланна. Нам улууһун "Отуу уота" литературнай түмсүү чилиэнэ, тамада Аскалон Лукич Егоров уонна Дьокуускайдааҕы хомунаалынай техникум психолога, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна Христина Петровна Павлова тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыттылар. Парасковья Никифоровна Павлова "Көҥүл көппүт иэйиилэрим" диэн Костя Харлампьев иккис кинигэтин ырытыытын олус сэргээн иһиттибит. Ол кэннэ Анна Дмитриевна Чиркова – Вилюйчанна Бүлүү улууһуттан төрүттээх саҥа кинигэ ааптарын туһунан кылгастык билиһиннэрэн кэпсээтэ. "Офсет" РИК салалтата Дария Николаевна, Алексей Максимович Скобелевтар Москваттан бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэрдэллэригэр бу кинигэ кыһатын менеджера буоларбынан тэрилтэ салалтатын аатыттан "Эҕэрдэ сурук" уонна үһүс кинигэтин бэчээттэтэн таһаарарыгар 5000 суумалаах сертификаты үөрүүлээх түгэҥҥэ туттардым. Ону таһынан харчынан, "Маанылаа тапталынан", "КЫРСААДАЛАР" диэн кинигэлэрбин бэлэхтээтим. Эдьиийэ Людмила Александровна Новикова – филологическай билим дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ быраатын оҕо сааһын кэпсээтэ, айар дьоҕурун хайҕаата.
Бүлүүттэн Костя Харлампьев эдьиийдэрэ Анастасия Никифоровна Николаева, Екатерина Петровна Прокопьева кэлэннэр, бырааттарын эҕэрдэлээтилэр, хоһооннорун аахтылар, бэлэхтэрин туттардылар. Костя кинигэтигэр "Киирии тыл" суруйбут СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Мария Петровна Мохначевская - Марта-Мария эҕэрдэ истиҥин эттэ, бэйэтин кинигэлэрин бэлэхтээтэ. СӨ Телевидениетин туйгуна, "Якутия 24" телеханаал сонуннарын эрэдээктэрэ Борис Трофимович Гоголев эҕэрдэ бастыҥын этэн-тыынан туран, Костя Харлампьев хоһоонун аахта. СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Виктор Павлович Стручков - Дуулаҕа Дьуһаал Костя хоһоонноругар олус бэрт ырытыы оҥордо, табыллыбыт хоһооннорун бэлиэтээн туран, ааҕааччыны соһутар, бэрт интэриэһинэй уобарастар баалларын ааҕан иһитиннэрдэ. "Саха уола сахабын дэнэ тур!" диэн наһаа үрдүк күүрүүлээх ырыатын ыллаата. Сахабынан олус киэн тутуннум! "Айар Кут" НКО салалтата, чилиэннэрэ эҕэрдэлээтилэр. Валерий Иванович Никифоров – Суор Уола бэртээхэй "Дьөһөгөй" сувенир туттарда. "Эҕэрдэ суруктарын" Егор Гаврильевич Федоров – Долун доргуччу аахта, бу бөлөх кыргыттарын аатыттан уонна уолаттарын аатыттан диэн тус-туспа харчынан бэлэхтэрин кэмбиэрдээн биэрдилэр. Салгыы доҕоро Василий Егорович Пестряков – Курбуһах Уола, дьүөгэлэрэ Анна Дмитриевна Чиркова – Вилюйчанна, Анна Петровна Григорьева, Валентина Владимировна Пинигина – Арылы түөрт буолан кыттыһан, «Тылдьыт” бары томун бэлэхтээн, Костя үөрүүтүттэн атаҕа сири билбэт буолла. "Шофёр" диэн ырыанан доҕуһуоллатан, айар куттаах доҕотторбут инсценировка көрдөрдүлэр. Прасковья Алексеевна Тумусова – Туску уонна Зоя Никандровна Данилова – Кэкэрдэ түмүүлэринэн "Таптал, таптал эн эрэ!" диэн литературнай монтаж олус табылынна, кыргыттар кыһыл сүрэххэ суруллубут ааптар саҥа хоһооннорун аахтылар. Ол кэннэ элбэх ырыа ылланна. Сэргээн тураммыт Евдокия Уварова – Чуохаана уонна Аскалон Егоров "Там где клён шумит" диэн ырыаны дуэттаабыттарын иһиттибит. Мария Протопопова – Намыына, Зоя Данилова – Кэкэрдэ кэрэ куоластарынан ыллаан, биэчэри олус киэргэттилэр. Костя Харлампьев хоһоонугар саҥа айыллыбыт ырыатын Сергей Семенов – Сэгэй ыллаата. Элбэх көрдөөх-нардаах оонньуулары Анна Петровна Григорьева ыытта.
Эдьиийдэрэ бэлиэтии көрбүттэрин курдук, айар-суруйар дьон салгына, үөрэ-көтө сылдьаллара, өр дьиэ хааччаҕар олорон бу киэһэҕэ үҥкүүлээн тэйбиттэрэ үчүгэйиэн! Оһуохайдаан да ыллыбыт.
Сирэй көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэтэрбитин суохтаабыт эбиппит. Бары этэҥҥэ сылдьыаххайыҥ! Дьаҥ-дьаһах халбарыйдын! Өрүү буоларын курдук маннык көрсөн, астына-дуоһуйа сынньанар буолуоххайыҥ!
Түмүкпэр Константин Романович Харлампьевка айар аартыгыҥ аһыллан иһэригэр, сытыы бөрүөҥ сыппаабатыгар баҕарабын. Саҥа кинигэлэриҥ күн сирин көрөн истиннэр.
Чэгиэн туруктаах буол!