26.06.2023 | 21:19

«Айар Кэрэ» талааннаах дизайнердары быһаарда 

«Айар Кэрэ» талааннаах дизайнердары быһаарда 
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 24 күнүгэр Туймаада ыһыаҕар Култуура көҕүлээһиннэрин пуондатын, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга, Урбааҥҥа уонна эргиэҥҥэ, туризҥа, Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэлэрин өйөбүллэринэн, Августина Филиппова айар пуондатын, Горнай улууһун дьаһалтатын көмөлөрүнэн уонна Дьокуускай куораттааҕы Юрий Гагарин аатынан Култуура киинин бырайыагынан биллиилээх модельер, худуоһунньук-дизайнер Августина Филиппова үбүлүөйүнэн ыытыллыбыт 450 тыһыынча солкуобай бириис пуондалаах «Айар Кэрэ» дизайнердар күрэхтэрэ дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылла.
Сэрэйиллэрин курдук, күрэх Августина Николаевна кэллиэксийэтин көрдөрүүттэн саҕаланна. Маны сэргэ күрэҕи А.Н. Филиппова тикпит таҥастарын кэтэн, кыттан, киэргэттилэр: Е.В. Потапов аатынан «Кылыhах» төрүт инструменнар норуодунай ансаамбыллара (Горнай), «Далбар» ырыа ансаамбыла (Дьокуускай), «Сир симэхтэрэ» оҕо ансаамбыла (Горнай), «Кыталык» үҥкүү бөлөҕө (Дьокуускай) уонна Юлиан Семенов (Дьокуускай). Оттон «Камелек» хампаанньа «Алтан-Арт» диэн саҥа ювелирнай брендин уонна дизайнердар Арылы Сандаар, Андрей Зыков этно кэллиэксийэлэрин көрдөрдүлэр.
Тыҥааһыннаах күрэх түмүгүнэн А.Н. Филиппова бэрэссэдээтэллээх, РФ уонна СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ, профессор З.И. Иванова-Унарова, норуот маастара З.Д. Понохова, «Киэргэ» ювелирнай тэрилтэ дириэктэрэ Г.П. Павлова, Ил Түмэн дьокутаата М.Н. Христофорова састааптаах дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Гран-при үрдүк аатын Дьокуускайтан Анна Атасыкова, Наталья Андреева, Дария Ноговицына, Ольга Яковлева «Мааныга кэтиллэр таҥас» номинацияҕа «Ситим» кэллиэксийэлэрэ ылла уонна 100 000 солк. кээмэйдээх кылаан бирииһинэн наҕараадаланнылар. 
Маны сэргэ «Күннээҕигэ кэтиллэр таҥас» номинацияҕа 1 истиэпэннээх лауреатынан Намтан «Күрүлгэн» кэллиэксийэ ааптара Карина Барашкова ааттанна, «Дьиэ кэргэнинэн таҥас» номинация 1 истиэпэннээх лауреатынан Дьокуускайтан «Удьуор утума» кэллиэксийэ ааптара Надежда Софронова буолла, «Бырааһынньыкка кэтиллэр таҥас» номинация 1 истиэпэннээх лауреатын аатын Дьокуускайтан «Хотугу номохтор» кэллиэксийэ ааптара Алина Новгородова ылла.
Кыайыылаахтарга сүрүн бириистэри Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата, «DNS» маҕаһыын, «Золотник» ювелирнай салон туруордулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...