22.09.2023 | 16:00

«Айар чөмчүүк» өрөспүүбүлүкэ күрэҕэ айар талааннаахтары түмтэ

«Айар чөмчүүк» өрөспүүбүлүкэ күрэҕэ айар талааннаахтары түмтэ
Ааптар: Ньургуйаана Скрябина
Бөлөххө киир

Бүгүн, балаҕан ыйын 22күнүгэр, өрөспүбүлүкэтээҕи «Айар чөмчүүк» диэн доруобуйаларынан хааччахтаах айар талааннаах дьоҥҥо аналлаах Дьокуускайга Смарт библиотекаҕа күрэх буолан ааста.

Айар дьоҕурдаахтар уон икки улуустан мустаннар ырыаҕа, хоһоон ааҕыыга,  тургутук аастылар. Айар талааннаахтары дьүүллүүр сүбэ сыаналаатылар.

Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар бааллар:

Горохова Любовь-Сүүмэх;

Иванова Мария Николаевна – Смарт библиотека исписэлииһэ;

Алексеева Марфа Васильевна – уопсастыба чилиэнэ.

Айар күрэх түмүгэ маннык буолла:

Ырыаҕа:

Павлов Василий Семенович – 1 миэстэ;

Пинигина Светлана Иннокентьевна – 2 миэстэ;

Адамова Ирина Михайловна – 3 миэстэ;

Хоһооҥҥо:

Соловьева Александра Афанасьевна – 1 миэстэ;

Павлов Василий Семенович – 2 миэстэ;

Адамова Ирина Михайлова – 3 миэстэ.

 Кыайыылаахтар сыаналаах бэлэхтэри тутан үөрүүлэрэ үксээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...