Айака, бэйэҕит ааттааҥ!
Бүгүн Тиэхээн уонна Даарыйа Хонооһойопторго үөрүүлээх күн үүннэ. Баар-суох кыыстара, сүрэхтэрин чопчута, күннэрэ-ыйдара Любушкалара игирэ оҕолонно. Буолаары буолан, уоллаах кыыс. Соҕуруу үөрэнэ сылдьан хат буолан кэлбитэ, айбыт аҕалара хайа аакка сылдьара биллибэт. Ыйыталастахтарына, кыыстарын хараҕа уу-хаар баһыллан сыҥсыйан эрэ кэбиһээхтиир. Хайыахтарай, утумнарын салгыыр сиэн оҕолор кэлбиттэригэр оҕонньордоох эмээхсин хайдах үөрүөхтэрин билбэккэ, иккиэн да бэтэкэй бэйэлэрэ эбии буккулуннулар, олоруох-туруох сирдэрин билбэтилэр.
Даарыйалаах Тиэхээн отуттарын быдан ааһан баран, суорумньунан ыал буолбуттара. Оччолорго Тиэхээн, хас да кыыстан сириллэн, сорохторун бэйэтэ да сирэн, аһыы ууну кытары доҕордоһо сыспыттаах. Хата, ону Даарыйа барахсан сөбүлэһэн (Тиэхээнтэн үс сыл аҕа этэ), кыыһынан кырдьаары гынным диэн ыксаан эргэ тахсыбыта.
Тиэхээн ийэтин кытары олорор быыкаа дьиэтигэр кыыһын сүгүннэрэн аҕалбыта, эмээхсин кийииттэнэн, аһара үөрэн, кыракый уруу кэнниттэн “сынньалаҥҥа” бараахтаабыта. Онон эдэрдэр бэйэлэрэ-бэйэлэригэр ыал буолан, минньигэс ааттаах мүөттээх ыйы ааһан, таптал таарымтатыгар ылларан, дьоллоохтук олорбуттара.
Икки сылы быһа кэтэспиттэрэ да, оҕо сыта да мэлигир этэ. Даарыйа ыксаабыта, сааһым ааһаары гынна диэн оҕо иитэ ылар санааламмыта. Онуоха Тиэхээн кыккыраччы аккаастанан, хайаан да бэйэбит оҕолонуохтаахпыт диэн, бары күүһүн-кыаҕын онно уурбута. Сэрэбиэйдьиккэ да сылдьыбыта, хаартыга да таайтарбыта. Кэмниэ-кэнэҕэс оҕо кутун иҥэрэр, көрбүөччүбүн дэнэр, икки хараҕа суох Балай Балаайаҕа тиийэн маннык сүбэни ылан кэлбитэ: “Дьэ, нохоо, кэргэҥҥэр болҕомтоҕун ситэ уурбат эбиккин, хоонньоһуохха эрэ диэн хоонньоһоҕун. Кыыстаныаххын баҕарар буоллаххына, Даарыйаҥ утуйуоҥ иннинэ былааты чөмчөөрүччү баайан кэбис, сыттыккыт анныгар кыптыыйда уктуҥ, бэйэҥ буоллар моонньугар хоруоҥката кэт уонна харса суох, харса суох... Оттон уолланыаххын баҕарар буоллаххына, курдаах быһахта иилинэн сыт, быһаҕыҥ кыыннаах буолуохтаах, аны эмээхсиҥҥин дэҥнии сылдьыаҥ, Даарыйаҕар эр киһи үтүлүгүнэ кэтэрт уонна эмиэ харса суох, харса суох...”, – диэн баран үөннээх баҕайытык күлэн мүчүҥнээн кэбиспитэ.
Тиэхээн, иһиттим-истибэтим диэбиттии, ол күн уолланаары өрө мөхсө сатаабыта. Даарыйа, кини быһахтаах сытарыттан куттанан дуу, хайдах дуу, сүгүн хоонньоспотохторо даҕаны, мэһэйдэрэ-таһайдара бөҕөтө. Онон сөбүлэһэн баран, нөҥүө күнүттэн былаат, хоруоҥка иилиниитэ буолбута. Маннык сыталларын быдан ордорбуттара. Сотору буолан баран Балай Балаайа сүбэтэ эбитэ дуу, Дьылҕа Хаан бэлэҕэ эбитэ дуу, Даарыйа хат буолбутун туһунан иһитиннэрбитэ. Тиэхээн, үөрүүтүттэн, ханна да сырыттын – хоруоҥкатын иилинэн баран сылдьар, Даарыйатын былаатын уһултарбат да этэ. Кыптыыйдара сыттык анныттан ылыллыбатаҕа даҕаны. Ити курдук, лоп курдук тоҕус ый буолан баран, кыыстара, Любушкалара күн сирин көрбүтэ.
Тиэхээн аан бастаан Балай Балаайаҕа кэһиилээх тиийэн кыыһын бэлиэтээбитэ. Оҕотугар хоруоҥкатын ылан кэтэрдэн кэбиспитэ. Даарыйатын былаатын куруук сиэбигэр укта сылдьар буолбута.
Кыыстарын наһаа атаахтык, тараҥнатан улаатыннарбыттара. Тугу баҕарарын барытын биэрэн, халлаантан сулуһу да ылыах курдук, куруук сыллыы-ууруу, хадаҕалыы сылдьаллара. Любушкалара төһө да атаахтык иитилиннэр, аһара барбатаҕа, үөрэҕэр үчүгэй буолан, тута соҕуруу үөрэххэ туттарсан киирбитэ уонна ити хат буолан төрдүс куурустан төннөн кэллэҕэ. Докумуоммун Дьокуускайга көһөртөрөн үөрэхпин салҕыам диэн дьонун үөрдэр.
Кыыстара төрүүр дьиэттэн тахсар күнүгэр эмээхсиннээх оҕонньор букунаһыы бөҕө буоллулар. Саатар таһаараа ыалларын ийэтэ Өкүлүүн киирэн билээҕимсийии, ыйыы-кэрдии бөҕө. Бэйэтэ да ыксыы сылдьар дьону хабарҕалаан түһэн, бэлэһэ кытаран олорор. “Дьиэҕитин хлордаах уунан сууйуохтааххыт, сээкэйгитин барытын салгылатыахтааххыт, мааскалаах эрэ сылдьаҕыт, оҕолор үрдүлэригэр мээнэ өҥөҥнөөбөккүт, сибигинэһэн кэпсэтэҕит, тэлэбиисэри холбообоккут, ас үчүгэйин астыыгыт. Уопсайынан, балаҕаҥҥытыгар да тахсан олоруо этигит”, – эҥин диэн этэр-тыынар. Онуоха дьоммут дьиэлэрин малын барытын таһырдьа көһөрөн таһааран сууйдулар-тараатылар, көмөҕө диэн тырахтарыыс уолаттарын бытыылкаҕа кэпсэттилэр, мааска оҥостоору маарыла көрдөөн ыаллары бараатылар, хлордарын балыыһаттан нэһиилэ буллулар. Дьэ, уонна кэмниэ-кэнэҕэс эбиэт кэнниттэн уу таһар массыынаны кэпсэтэн сиэннэрин таһаара бардылар.
Хата, сайын буолан, Тиэхээн алаастан сибэкки бөҕөтүн үргээн, балыыһаны толорон кэбистэ, сиэннэрин биир-биир ылан массыынаҕа олордулар, хантан батыахтарай, водовозтара, хата, кураанах буолан, оҕонньор систиэринэ иһигэр киирэн, айан былаһын тухары түөрэ-лаҥкы баран, хата, өттүгүн, сиһин дэлби “имэрийтэрдэ”.
Ити курдук айаннаан, таҥкынаан син дьиэлэрин буллулар. Сиэннэрэ барахсаттар утуйан буккуруу сыталлар. Быраас хотун тута кэлэн, оҕолору, ийэни көрдө-иһиттэ. Биэлсэр куруук сылдьыа диэн, оҕонньордоох эмээхсини эҕэрдэлээн, дьиэлэрин сууйбуттарын-тараабыттарын хайҕаан барда.
Ити курдук хас да күн ааста. Арай оҕолор аата суох сыттылар. Дьэ, аат толкуйдуур баар эбит, хайа да оскуолатааҕы садаачаны, холобуру суоттуурдааҕар ыарахан үлэ. “Хайдах ааттыыбыт? Ким диибит?” диэн бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһаллар. Тиэхээн эбэлээх эһэтин аатын биэриэххэ диэн тыл киллэрбитигэр, таһаараа Өкүлүүн, (кэм да кини дьаһайса сылдьар): “Ол эһиги курдук аах-маах, бэтэкэй, бэйэҕитин батан хойут ыал буолуохтара”, – диэн саҥарда да барбата.
“Уолу Киэсэ, кыыһы Кээтии диэххэ”, – диэбитигэр, эмиэ Өкүлүүн умайыктана түстэ: “Аҥаар атахтаах арыгыһыт Киэсэ аатын биэрээри гынаҕыт дуо?! Кээтиибит да баар, уоһа уокка түһэн, киһини хабахха тыыннарар кыыс оҕото”, – диэн буолла.
Тиэхээн да хаалсыбат: “Оппуонньа уонна Огдоо диэххэ”. Онуоха Даарыйата түрдэһиннэ: “Огдоостоох Оппуонньалара уоруйах буолан хаайыыга сытар, Огдоо баҕайы мин эдэр эрдэхпинэ биир таптыыр уолбун былдьаан барбыта. Огдоолоох баҕастаах”, – диэн баран, түҥнэри хайыһан кэбистэ.
“Оттон уолбутун Сааба, кыыспытын Мааса диэтэхпитинэ”, – диэн ботугураан эрдэҕинэ, аны Любушкалара буолан хаалан турда. “Сааба диэн ааты ончу биэриэм суоҕа, миигин таҥнарбыт уол аата, Мааса диэн аат ыал аайы баар. Мааны Мааса, Мара Мааса, Марба Мааса. Атын аатта толкуйдааҥ”, – диэн оҕолорун аһата, хоско киирдэ. Тиэхээн саҥарыан да куттанан барда. Биир-биир бөһүөлэгин дьонун чулууларга уонна соххордорго араара олордо. Кэнникинэн булкуллан да хаалла. Бары хос ааттаахтар, бары туох эрэ итэҕэстээх курдуктар. Онтон эмискэ өй ылан: “Оттон улуу сирдьиппит аатын уонна ойоҕун аатын биэриэххэ?”, – диэн таба эппиттии, дьоһуннаах баҕайытык тутунна. “Ол дьон үйэлэрин тухары оҕоломмотохторо, аны улаатан баран өрөбөлүүссүйэни оҥоробут диэн туруохтара, дьон ылан ытыалаан кэбиһиэхтэрэ”, – диэн Өкүлүүн, историяны билбит аҕай киһи, чобуорхайда.
Онуоха Тиэхээн, өһүргэнэн, бэйэтэ да кыраттан иҥнэн олорор киһи: “Айака, оччоҕо бэйэҕит ааттааҥ, киэһэ биирдэ кэлиэҕим. Онуоха диэри өйдөөх дьахталлар, аат биэрбэтэх буоллаххытына, Сэбиэккэ тиийэн сөбүлээбит ааппын суруйтаран кэбиһиэм”, – диэт, таһырдьаны былдьаста.
Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, аны илиҥҥи ыаллара Мэхээлэ аҥнан-бохтон киирэн кэллэ:
– Хайа, оҕолоргут ааттаннылар дуо? Хаһан айыыһыт алаадьытын, саламаатын сиибит? – диэбитинэн аҕылыы-аҕылыы дьонун кэриччи көрдө.
– Аргыый айдаар, оҕолор утуйа сыталлар. Эн итэҕэс эбиккин дии. Бэйэбит да манна аат көрдөөн сири-дойдуну тиҥсирийэ олоробут. Этиһэн арахсарбыт кэллэ, – диэн дьиэлээх хотун буойда.
– Оттон Лоокуут уонна Ньургуһун диэххитин. Билигин сахалыы аат муодата кэллэ дииллэр ээ. Хата, бөһүөлэккэ бастакынан кинилэр буолуохтара. Эбэтэр Ньургун Боотур уонна Туйаарыма Куо диэҥ.
– Хата, бу Мэхээлэбит олоҥхону ааҕара, билэрэ-көрөрө үчүгэйин. Ыл эрэ, Любушка, кэлэ тарт. Бэртээхэй ааттары буллубут, – диэн Даарыйа хоһу өҥөйдө.
Любушка хостон тахсан, дьонун эргиччи көрдө.
– Иһиттим, иһиттим. Мэхээлэ барахсан, ол иһин да уруккуттан мындыр өйдөөх, туохтан да иҥнэн-толлон турбат киһи этиҥ. Бэйэбит да сахалыы ааты тоҕо толкуйдаабатахпыт буолла. Миигин соҕуруу үөрэнэ сырыттахпына, нууччалыы ааппыттан иҥнэн аҕай биэрэллэрэ. Саха эрээригин, Люба буола-буолаҕын диэн. Ол иһин сороҕор Тапталаана диэн ааттанарым. Любовь диэн таптал буоллаҕа. Онон оҕолорбутун Туйаарыма уонна Ньургун диэххэ, – диэт, ытыһын өрө охсунан баран, Мэхээлэни иэдэһиттэн уураан “чоп” гыннарда, анарааҥыта, дьоруой курдук туттан, биир харыс үрдээн, остуол диэки кылап-халап көрө олордо.