Айаал Егинов нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата
Соторутааҕыта “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччыта Айаал Егинов нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Кини быһа эфири тэрилтэ киэҥ хабааннаах үлэтин билиһиннэрииттэн саҕалаата. Куорат олохтоохторо кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэр сорох дьиэлэргэ ититии киирэ илик диэн суруйдулар.
“Кыбартыыраҕыт тымныы буоллаҕына, Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа эрийэн биллэрэргитигэр көрдөһөбүт. Сайаапка барыта салайар хампаанньаларга тиэрдиллэр уонна толоруулара хонтуруолланар. Биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскэй төөпүөнүн нүөмэрэ: 444-229”, – диэтэ Айаал Егинов.
Үгүс киһини олбуор таһын тупсарыы долгутар. Ол курдук, олохтоохтор кыбаартал иһинээҕи суоллары аспааллааһын, көрүүтэ-истиитэ суох эбийиэктэр тустарынан ыйыталастылар. Ону таһынан кэккэ аадырыстарга уулуссалары сырдатыы үлэтин туһунан элбэх ыйытыы киирдэ.
“Быйыл сырдатыы үлэтэ 13 эбийиэккэ ыытыллыахтаах. “Сырдык киин куорат” диэн бырагыраама чэрчитинэн реестр баар диэн бэлиэтээн этэбин. Онно 260-тан тахса сайаапка киирбитэ. Бырагыраама үлэтин сыл аайы хамыыһыйа быһаарар, онно Дьокуускай куорат Дууматын депутаттара кытталлар”, – диэн быһаарда Айаал Анатольевич.
Быһа эфир кыттыылаахтара Севернай микрооройуоҥҥа гаас киирэр болдьоҕун сурастылар.
“Севернай микрооройуоҥҥа гааһы киллэриигэ куонкурус кыайыылааҕа биллибитэ, бэнидиэнньиккэ хантараак түһэрсэбит. Ону таһынан тутууну хонтуруоллааһыҥҥа эмиэ хантараак түһэрсиллиэхтээх. Оччоҕуна бэдэрээтчик тутуу, монтаж үлэтин саҕалыахтаах. Үлэ икки түһүмэхтээх буолуоҕа: бастакы түһүмэх алтынньы 1 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх, иккис түһүмэх – сэтинньи 1 күнүгэр диэри”, – диэн хоруйдаата Айаал Егинов.