24.04.2023 | 20:27

Автодорожнай уокурук управатын салайааччытынан Петр Попов ананна

Автодорожнай уокурук управатын салайааччытынан Петр Попов ананна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Автодорожнай уокурук управата» МХУ салайааччытынан Петр Попов ананна.
Петр Васильевич Попов 1983 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ.
2006 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын «филолог» идэлээх бүтэрбитэ, «Кэриэй тылын уонна литературатын преподавателэ» квалификация иҥэриллибитэ.
Үлэтэ:
2004 – 2005 сс. – эргиэн эйгэтигэр үлэлиир;
2006 – 2007 сс. – аармыйаҕа сулууспалыыр;
2007 – 2010 сс. – эргиэн эйгэтигэр үлэлиир;
2010 – 2011 сс. - «Саханефтегаз» ААУо отдел начаалынньыга;
2012 с. – «ЯТЭК» ААУо исписэлииһэ;
2013-2018 сс. – эргиэн эйгэтигэр үлэлиир;
2019-2023 сс. – Сайсары уокуругун управатын салайааччытын солбуйааччы;
2023 сыл – Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна энергетикэ департаменын начаалынньыгын солбуйааччы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...