Автодорожнай уокурук элбэх кыбартыыралаах таас дьиэлэрэ киин канализацияҕа көһөллөр
Бу күннэргэ киин куорат Автодорожнай уокуругар элбэх кыбартыыралаах таас дьиэлэри биир кэлим канализацияҕа көһөрөр үлэ саҕаланна. Бу дьаһал куорат 3№-дээх канализационнай коллекторын тутуу түмүктэммитинэн олоххо киирэн эрэр.
Воинская, 10/1, 10/2, Герман Титов, 8, 10 аадырыстарга турар түөрт дьиэни кииннэммит канализацияҕа көһөрүү технологическай ымпыктарын баһылык Евгений Григорьев билистэ. Билигин бу дьиэлэр септиктэргэ холбонон туралларынан, фекалиялар кэмиттэн кэмигэр таһынан бараллара, турбалар бүөлэнэллэрэ олохтоохторго кэккэ уустуктары үөскэтэрэ олоххо баар суол.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу иннинэ Олохтоох дьаһалта Куорат хаһаайыстыбатын дьаһайар сулууспа (СЭГХ) аатыттан «Водоканал» АУо кытта дуогабар түһэрсэн турар. Дьаһалы олоххо киллэрэргэ ирдэнэр 3 мөл. 479 тыһ. солк. иэннээх үп куорат бүддьүөтүгэр көрүллэн турар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ саҥа турбалар атыылаһыллыбыттар, уопсайа 200 м тахса турба ууруллуохтаах. Муус устарга «Водоканал» тэрилтэ турбаны тардыыны түмүктээтэҕинэ, бэс ыйыгар диэри Салайар хампаанньа ону уопсай канализацияҕа холбуур үлэни ыытыахтаах.
«2030 сылга диэри оҥоһуллубут маастар-былаан быһыытынан, куораппытыгар балысхан үлэ саҕаланна. Ол иитинэн 3№-дээх канализационнай коллектор тутуллан, куорат соҕуруу эҥэрин кииннэммит уу ситиминэн хааччыйыаҕа. Кэнэҕэһин куораппыт бүттүннүү кииннэммит канализацияҕа көһүөҕэ»,– диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев. Ол туһунан биһиэхэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулуспата иһитиннэрэр.