01.07.2022 | 12:00

Аспытын сөпкө туһанабыт, хаһаанабыт

Аспытын сөпкө туһанабыт, хаһаанабыт
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Куйаас да куйаас күннэр тураллар. Бу кэмнэргэ сыыһа-халты аһааһынтан куртах, ис ыарыытыгар бырааһы кэмэ суох ыҥыраллар. Маннык ыарыы, астан сүһүрүү ордук сайыҥҥы өттүгэр бэлиэтэнэр. Элбэхтэн биири холобурдаатахха, Олоҥхо ыһыаҕар астан сүһүрүү тахса сырытта. Тоҕо диэтэххэ итии күннэргэ ас түргэнник буорту буолар, ону таһынан хараллыыта сыыһа буолуон эмиэ сөп.
Маны сэргэ Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас оройуоннарын эргин, атын да улуустарга сотору-сотору электричество уотун араараннар, дьон-сэргэ аһы-үөлү харайыыга элбэх кыһалҕаны көрсөр, холодильник, ларь да алдьанара үгүс. Онон бүгүн ас-үөл буортуйуутун, холодильник алдьанан хааллаҕына, аһы хайдах, ханна хаһаанар туһунан иһитиннэриилэри бэчээттиэхпит.

Киһи иһэ ыарыйдаҕына, тута “Тугу сиэбиккиний? диэн ыйытыы үөскүүр. Ис ыарыыта барыта, сүһүрүү да буолбатар, өскөтүн, хотуолатар о.д.а. буоллаҕына, тута суһал көмөнү ыҥырары ирдиир. Быраастар даҕаны “острый живот” диэн ыҥырыыга түргэнник кэлэллэр. Бу ордук оҕоҕо кутталлаах. Кыра киһи ыарыйда, тахсан киирэрэ элбээтэ да, бырааһы уталыппакка ыҥыра охсуҥ.

Быйылгы сылга СанПиН аһы хаһаанарга болдьоҕо

СанПиН тутуһуннарар, көҥүллүүр, бобор, хаайар диэни элбэхтэ истэбит. СанПиН – санитарнай-эпидемиологическай быраабыла уонна нуорма – быраап аакталара, сокуон аннынан статустаахтар, дьоҥҥо куттала суох эйгэни ирдэбил быһыытынан суруйаллар. Нуормалара  маассабай ыалдьыыны суох оҥорууга уонна бобууга туһуланар.

Онон СанПиНынан сыл аайы аһы хаһааныы болдьоҕо уларыйа туруон сөп. Бу, биллэн турар, халлаантан ылыллыбат, ирдэбиллэр ас-үөл састаабыттан, дьиэ-уот, ыскылаат, хаһаанар сир усулуобуйатыттан тутулуктаахтар. Холобура, былырыын ханнык эрэ аска атын амтан туттуллубут, быйыл онтуҥ уларыйбыт, атынынан солбуллубут буоллаҕына, болдьох, биллэн турар, уһаан эбэтэр кылгаан биэрэр.

СанПиНынан ирдэнэр аһы хаһааныы болдьоҕо булгуччу тутуһуллуохтаах. Оттон болдьоҕу кэстэххэ, аска-үөлгэ кутталлаах эттиктэр үөскээннэр, сүһүрүү тахсыан сөп. Онон, атыылаһыах иннинэ, чуолаан сайыҥҥы кэмҥэ, болдьоҕо хаһан бүтэрин хайаан да көрөргүт наада.

 

Болҕойун

Аһылык сүрүн категорията – түргэнник буорту буолар астар. Кинилэр болдьохторо кылгаһын ааһан, СанПиН ирдэбилинэн анал хараллар сирдээх буолуохтаахтар. Хаачыстыбатын тутуһар инниттэн, холодильникка сөптөөх режимҥэ хаһааныллыахтаах. Өскөтүн сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллубатаҕына, аһылык буорту буолар.

Түргэнник буорту буолар астар анал температурнай эрэсиимҥэ тымныы сиргэ, о.э. холодильникка хараллыахтаахтар. СанПиН юридическай сирэйдэргэ уонна урбаанньыттарга анал нуорма оҥорбута – 2022 сылга аһылык бородууктатын куттала суох хаһааныы туһунан. Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, сорох табаар саҥа технологиянан оҥоһуллар буоллаҕына, болдьоҕо эмиэ уһаан биэрэр кыахтаах.

 

Хаһааныы уустуктара

Билигин холодильнига суох ыал суоҕун кэриэтэ. Үгүс киһи аһы-үөлү хаһаана ыла сатыыр, онтун холодильникка уонна морозильникка толору хаалыыр. Ол эрээри тимир аата тимир, уоту араар да, холбоо да буоллахтарына, этиҥнээх ардахха даҕаны алдьаныан сөп. Саамай наадалаах кэмҥэ холодильнига суох хаалар куттал элбэх. Онон сайыҥҥы кэмҥэ аһы хайдах хаһааныахха сөбүн туһунан аҕыйах сүбэни тускутугар туһанаргытыгар анаан билиһиннэриэхпит.

Өскөтүн учаастаккытыгар холуодьас эбэтэр оҥкучах баар буоллаҕына, ону туһаныҥ. Аскытын хаппахтаах биэдэрэҕэ угуҥ уонна биэдэрэни аҥаарыгар диэри ууга тимирдиҥ. Элбэх уу биэдэрэҕэ киириэн сөп. Маннык гыннаххытына, аскыт сибиэһэй туруо, бытыылкалаах утаххыт да тымныйыа.

Оттон оҥкучах суох буоллаҕына, аҕыйах чаас иһигэр кыракый оҥкучах оҥосто охсуоххутун сөп. Биһиги Сахабыт сиригэр сирбит бэс ыйыгар тоҥ сытар буолар. Онон кыракый дьаамата хаһыҥ, онно буочуката туруоруҥ уонна хаппахтаан кэбиһиҥ. Дьаамаҕытын күлүк сиргэ, сарайтан, туалеттан тэйиччи оҥоруҥ.

Буочука пластиковай буолара ордук, кини сир тымныытын өр тутар. Дьаамаҕыт буочукаттан дириҥ буолуохтаах. Түгэҕэр кумахтан “сыттык” оҥороҕут. Ол кэннэ буочукаҕытын түһэрэҕит уонна, ойоҕосторугар хайаҕас баар буоллаҕына, эмиэ кумаҕынан толороҕут.

Маннык дьаамаҕа аһы-үөлү туһунан мөһөөччүктэргэ үөһэттэн быалаан баран түһэриҥ. Ханнык мөһөөччүгү таһаараргытын билэр наадаттан, суруйан бэлиэтээн кэбиһиҥ.

Бу албас биир куһаҕан өрүттээх. Кутуйах, дьабарааскы буулуохтарын сөп. Ол иһин буочукаҕытын ыарахан хаппаҕынан хаппахтааҥ, куруук бэрэбиэркэлии сылдьыҥ.

15 мүнүүтэ иһигэр оҥоһуллар боростуой ньыма. Тааска уу кутуллар уонна астаах биэдэрэлэри ол иһигэр туруоруллар. Биэдэрэни ыга хаппахтаныллар. Үөһэ ууну үчүгэйдик оборор таҥаһынан сабыллар. Манна куухуна сотторо барсар. Таҥас кытыыта ууга киириэхтээх.

Соттор ууну оборон паар таһаарар. Маннык гынан, кини салгынтан уонна биэдэрэттэн сылааһы тардар. Ол туһуттан уу температурата кини паарданар температуратыттан үөһэ тахсыбат.

Маҕаһыыҥҥа холодильник-сумка уонна термосумка диэн атыыланар. Бу даачаҕа, дьиэҕэ эбэтэр пикниккэ олус наадалаах мал. Манна ас наһаа өр барбат, кини биир кэм температураны тутар. Термосумкаҕа мууһурбут уулаах биир икки бытыылканы уктахха, аскыт өр барыа. Бу аскыт болдьоҕун 5-6 чаас уһатыа.

Бу суумка тас уонна ис араҥатыгар сырдыгы уонна инчэҕэйи киллэрбэт анал матырыйаалы угаллар. Кинилэр икки ардыларыгар термоизоляциялыыр матырыйаал баар.

Сыыры, ынах арыытын туустаах ууга илитиллибит кумааҕыга суулууллар. Арыыны өссө туустаах уулаах контейнерга хаһааныахха сөп. Маннык ньыманан сыыр уонна арыы 2-3 күн сибиэһэй туруон сөп.

Үүтү былыргы ньыманан оргутуохха сөп, кымаах курдук суода эбиллэр уонна керамическай эбэтэр таас бааҥкаҕа кутуллар. Бааҥканы уулаах биэдэрэҕэ угаҕыт уонна тирээпкэнэн сабан кэбиһэҕит.

Балыгы ыраастаан баран тууһунан сотоҕут уонна пергамент кумааҕыга суулаан кэбиһэҕит. Маннык гыннаххытына, сөрүүн сиргэ икки хас күн хаһааныахха сөп.

Эти хатарыахха сөп. Маныаха хоһуоччугу ылан сыанан (жир) сотоҕут, кумааҕыга суулаан баран салгыҥҥа ыйыыгыт. Өссө маннык гыныахха сөп: эти аҕыйах сөкүүндэ оргуйбут ууга уган ылаҕыт эбэтэр эргитэ сылдьан арыыга үрдүн эрэ ыһаарылаан ылаҕыт.

Өскөтүн холодильнига суох хас да күн олорорго күһэлиннэххитинэ, аскытын-үөлгүтүн көрөн атыылаһыаххытын наада. Түргэнник буорту буолар астары 1-2 эрэ күҥҥэ сиири ылыҥ. Оттон сайыҥҥы кэмҥэ, элбэх оҕуруот аһа, фрукта атыыланар кэмигэр, чэпчэкитик аһааҥҥыт, диета оҥостон, доруобуйаҕытыгар туһаны эрэ аҕалыаххытын сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...