24.05.2024 | 10:59

Арыылаахтар Сайылык күнүн, Пионерия 100 сылын бэлиэтээтилэр

Арыылаахтар Сайылык күнүн, Пионерия 100 сылын бэлиэтээтилэр
Ааптар: А.Д. Чиркова-Вилюйчанна
Бөлөххө киир

Самаан сайыҥҥа үктэнии бастакы күнэ. Чаҕылыйан күн да күн. Унаардаах алааспыт салгына сайа охсон, ахтыбыттыы кууста. От-мас, ходуһа, саҥа тыллан эрэр дыргыл сыта тарҕана, муннубутун саба биэрэр.

Хас лабаа эҕэрдэлэһэрдии суугунуу хамсыыр. Алааска киирэн иһэн көрдөххө, дьон-сэргэ үмүөрүһэ мустубут. Сыспай сиэллээхтэр тоҕуоруһа мустубуттара, хороҕор муостаахтар толоон устун мэччийэ сылдьаллара көрүөхтэн үчүгэйэ сүрдээх.
Кулууппут кыргыттара оллоону тула тураллара ыраахтан ураты көстүү буолан харахха быраҕыллар. Күлэн-үөрэн, мичээрдээн, саастаах дьоннорун утары кэлэн Сайылык күнүнэн, Саха сирин пионериятын 100-сылынан эҕэрдэлээтилэр. Бу манна үөрүүлээх күммүтүгэр дьоһун-мааны ыалдьыппыт Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, учууталлар учууталлара, 34 сыл пионерскай үлэни көҕүлээбит киһибит Наталья Дмитриевна Алексеева тахсан, биһиги үөрүүбүтүн үрдэттэ.
Аҕа баһылыкпыт Афанасий Афанасьевич Тимофеев тыл этэн эҕэрдэлээтэ, аал уотун аһатан алҕаата. Онтон тылы Наталья Дмитриевнаҕа биэрдэ.


Наталья Дмитриевна бэйэтин билиһиннэрдэ уонна Саха сирин пионерията 100 сылыгар аналлаах значоктары туттарда. Дьэ онтон толору астаах остуолга ыҥырыллан, бары сааһыланан олордубут. Хампабыт эр дьоно, аҕам саастаах дьоммут амсайарыгар анаан, сааскы эмис кустарынан күндүлээтилэр. Олору киллэрэн буһаран, итиилии миин кутуталаан аҕалан биэрдилэр. Кыргыттар олус минньигэс гына буһарбыттар.
Түгэнинэн туһанан Хампабыт эр дьонугар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Өссө да сылын ахсын кус миинин иһэ, аҕам саастаах дьоммут Унаардаах эбэ хотуҥҥа тоҕуоруһа мустуо турдаҕа. Инньэ диэн туран бүгүҥҥү күммүтүн тэрийбит олохтоох дьаһалта үлэһиттэригэр, аҕа баһылыкпыт Афанасий Афанасьевич Тимофеевка уонна "Эрэл" сынньалаҥ киинин бары үлэһиттэригэр ис сүрэхтэн тахсар уйан махталбытын тиэрдэбит.
Бары дьоллоохтук олоруҥ, доруобай буолуҥ диэн алҕыыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...