04.02.2023 | 10:00

«Арыгы сокуона» түмсүүлээхпитин көрдөрдө

«Арыгы сокуона» түмсүүлээхпитин көрдөрдө
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Статистика чахчылара кэпсииллэринэн, Саха сиригэр хас иккис буруй, сокуону кэһии итирик туруктаах сылдьан оҥоһуллар. Аһыы утахтан ыал арахсыыта, олоҕо огдолуйуута, харах уулаах оҕо саас, суолга суорума суолланыы, үлүйүү, дэҥнэнии, өлүү-сүтүү тахсар... Арыгы алдьархайын, суостаах содулун барытын ааҕан сиппэккин, төһө баҕарар холобурдуу туруохха сөп.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр 100 тыһыынча нэһилиэнньэҕэ 1 330 киһи “алкоголизм” диэн ыарахан диагнозтааҕа биллэр. Хомойуох иһин, диспансернай кэтээн көрүүгэ сылдьыбат, ханна да учуокка турбат дьон төһөтө биллибэт.

Киин куорат дьаһалтата «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын биирдиилээн атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуоҥҥа эбии уларытыылары киллэрэргэ нэһилиэнньэ, уопсастыбаннас өйөбүлүнэн үгүс үлэни ыытар. Ол курдук, ааспыт ый түмүгүнэн Дьокуускай олохтоохторо 10 тыһыынчаттан тахса илии баттааһыны хомуйдулар.

Олохтоох дьаһалта туох үлэни ыытта?

Бу сыллар тухары күннээн-күөнэхтээн олорбут аһыы утаҕынан эргинэр тэрилтэлэри бэрээдэктиир уолдьаспытын олох бэйэтэ көрдөрдө. Дьокуускай куоракка арыгы бородууксуйатын атыылыыр уопсайа 249 уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ баар. Ити кэккэҕэ киирэр кафе аатын былдьаан олорор “наливайкалар” нэһилиэнньэ нус-бараан олоҕун аймыыллара кистэл буолбатах. Үгүс социальнай эбийиэктэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр арыгынан эргинэр саарбах тэрилтэлэри кытта ыаллаһарга күһэллэллэр. Оттон кырачааннарбыт оонньуохтаах балаһааккаларыгар итириктэр мусталлар, кыһыҥҥы тыйыс тымныыттан быыһаныахтаах сылаас тохтобулларбытыгар иһэн-аһаан, улаханнык “хотторбут” дьон хорҕойоллор.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын ыам ыйыгар Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын «Об определении границ прилегающих территорий, на которых не допускается розничная продажа алкогольной продукции и розничная продажа алкогольной продукции при оказании услуг общественного питания на территории городского округа «город Якутск» 118п№-дээх уурааҕа тахсыбыта. Онно олоҕуран, итирдэр утаҕынан эргинэр эбийиэктэр оскуолалартан, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыттан аччаабыта 300 миэтэрэ тэйиччи туруохтаахтар. Оҕо уһуйааннарыттан, спорт, тырааныспар уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэриттэн, аэропортартан, вокзаллартан, байыаннай эбийиэктэртэн – 200 миэтэрэ. Манна икки ардылара радиуһунан кээмэйдэнэр буолбута диэн эбэн этэр тоҕоостоох.

Куорат дьаһалтата Ил Түмэн дьокутааттарыгар, СӨ Урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтигэр арыгы бородууксуйатын атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр өҥө оҥоһуллар саалатын иэнин 75 кв. миэтэрэҕэ диэри кэҥэтэр (Федеральнай сокуоҥҥа ити ирдэбил кыччаабыта 20 кв. миэтэрэ диэн – Аапт.) туһунан этиини киллэрбитэ. СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕа ону бастакы ааҕыыга ылыммыта. Иккис ааҕыы олунньу 28 күнүгэр буолуохтаах, онуоха диэри тустаах хамыыһыйа киирбит этиилэри көрөр. 

 

Өскөтүн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сокуоҥҥа көннөрүү ылыллар, уларыйыы киирэр түгэнигэр, барыллаан ааҕыынан киин куорат үрдүнэн 60-ча эбийиэк хааччахтааһыҥҥа түбэһэр (ити сыыппара халбаҥныыр, испииһэк чопчуланар – Аапт). 

Тиһэҕэр тиэрдиэхтээхпит

“Арыгы сокуонун” тула араас таһымҥа дьүүллэһии күн бүгүҥҥэ диэри тохтообот. Куорат баһылыга Евгений Григорьев нэһилиэнньэ иннигэр отчуотугар олохтоохтор туруорсар сүрүн боппуруостара – арыгы “туочукаларын”, сымыйа кафелары сабыы. Уопсастыбанньыктар ылсыбыт дьыалаларын ыһыктыбакка, тиһэҕэр тиэрдэргэ туруулаһар санаалаахтар.

Губинскай уокурук олохтоохторо “наливайкалары”, арыгы “туочукаларын” утары “охсуһууну” биир бастакынан саҕалаабыттара. Манна эбэн эттэххэ, куорат сытыы кыһалҕата өрөспүүбүлүкэ салалтатын таһымыгар тахсарыгар кинилэр петициялара төһүү күүс буолбута. Уокурук салайааччыта Гулжан Огонерова иһитиннэрбитинэн, сокуоҥҥа хааччахтар киирдэхтэринэ, Губинскай уокурукка 8 саарбах тэрилтэ сабыллара күүтүллэр.

Октябрьскай уокурук уопсастыбанньыктара Олохтоох дьаһалта арыгыны утары политиканы ыытарын өйүүллэр. Ол курдук,  бэтэрээннэр, дьахталлар сэбиэттэрэ, ыстаарыһалар, элбэх оҕолоох ыаллар  уо.д.а. сомоҕолоһон, Ил Түмэн дьокутааттарыгар, Урбаан министиэристибэтигэр туһаайан сурук суруйдулар. Онно барыта 762 киһи илии баттаата.

Уокурук управатын салайааччыта Валентин Эверстов этэринэн, итинник тэрилтэлэр аттыларыгар оҕо балаһааккалара бааллара дьону ордук долгутар. Онно күннэтэ итириктэр мусталлар, оҕолор оонньуур сирдэрин киртитэллэр, алдьаталлар.

“Дьокутааттар сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэри өйөөтөхтөрүнэ, биһиги уокурукпутугар олорор дьиэлэртэн уонна оскуолалартан, оҕо уһуйааннарыттан чугас турар иһэр-аһыыр үс тэрилтэ сабыллыа этэ”, – диир Валентин Эверстов. 

Куорат баһылыгын отчуотугар Промышленнай уокурук уопсастыбанньыктара Олохтоох дьаһалта бу сытыы боппуруоска болҕомтотун уурарыгар махтаннылар, ону таһынан уокурукка үлэлиир арыгынан эргинэр эбийиэктэри толору испииһэктээн туттардылар. Управа салайааччыта Елизавета Служеникина иһитиннэрбитинэн, уопсастыбанньыктар күүстэринэн уопсайа 650 илии баттааһын хомуллан, тустаах хамыыһыйаҕа ыытылынна. Сокуоҥҥа хааччахтааһын киирэр түгэнигэр, уокурукка 5 саарбах тэрилтэ сабыллар кыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэнньэ туруорсуутунан, үҥсүүтүнэн бу уокурукка Сэбиэскэй Аармыйа, 35В аадырыска күнүстэри-түүннэри итирдэр утаҕы атыылыыр маҕаһыын сабыллыбыта. 

Строительнай уокурук олохтоохторо нэһилиэнньэ этиилэрин Ил Түмэн дьокутааттара өйүүллэригэр бигэ эрэнэллэр. Управа салайааччыта Василий Рязанскай этэринэн, нэһилиэнньэ куттала суох, нус-хас олоҕу туруорсубута ыраатта. Өскөтүн дьокутааттар уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ кыччаабыта 75 кв. миэтэрэ буолуохтаах диэн ирдэбили ылыннахтарына, бу уокурукка элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри уонна социальнай эбийиэктэри кытта кэккэлэһэн турар иһэр-аһыыр тэрилтэлэр сабыллыахтара. Манна сыһыаран эттэххэ, көҕүлүүр бөлөх уонна управа холбоһон үлэлээбиттэрин түмүгэр 2022 сыллаахха Строительнай уокурукка итирдэр утаҕынан эргинэр икки маҕаһыын сабыллыбыт.

***

“Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн өс хоһоонугар этиллэринии, итирдэр утаҕы атыылыыр «туочука», «наливайка» аҕыйыырын туруорсар дьон-сэргэ сомоҕолоһон, улахан хамсааһын тахсан эрэр. Этиллибит тыл иһиллибэт буолбат. Норуот санаата бигэ: “Арыгы сокуонугар” уларыйыы, хааччахтааһын хайаан да киириэхтээх! Дьон туруорсубута таах хаалыа суохтаах!

 

Ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн Дьокуускай куоракка арыгынан эргиниигэ 6 кэһии бэлиэтэннэ, 110 лиитирэ аһыы утах былдьанна. Сыл саҕаланыаҕыттан – 34 түбэлтэ, барыта 1057 лиитирэ арыгы тутулунна.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...