Арыгы, наркотик кыһалҕата өрүү баар
Бэнидиэнньиккэ Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансерга бара сылдьан, эмтиир үлэҕэ кылаабынай быраас солбуйааччыта, психиатр-нарколог быраас Валерий Валерьевич Алексеевы кытта көрсөн, бүгүҥҥү тирээн турар арыгы уонна наркотик кыһалҕатын тула кэпсэттибит.
– Үтүө күнүнэн, Валерий Валерьевич! Кэпсэтиибитин бэйэҕин билиһиннэрииттэн саҕалыах.
- Бу диспансерга 2014 сылтан үлэлиибин. Психиатр-нарколог идэлээхпин. Мединституту 2012 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитим. Ол кэнниттэн интернатураҕа үөрэхпин салҕаабытым. Быыһыгар Москваҕа баран идэбин үрдэтинэн кэлбитим. Манна үлэбин дьуһуурунай быраастан саҕалаан, отделение сэбиэдиссэйигэр тиийэ үлэлээбитим. Билигин эмтиир үлэҕэ кылаабынай бырааһынан үлэлии сылдьабын. Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөнүттэн төрүттээхпин.
– Диспансер үлэтин-хамнаһын сырдатыаҥ дуо?
– Биһиэхэ диспансербытыгар поликлиникалаахпыт, икки отделениелаахпыт. Стационарнай уонна 3-с отделениебыт реабилитационнай. Биһиги үлэбит түһүмэҕинэн барар. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан ыарыһахтар эмтэнэ киирэллэр. Бастаан поликлиникаҕа ыҥыран ылан көрөбүт, консультациялыыбыт. Ыарыытын сибикитин билэн баран, стационарга эмтэтэ ыытабыт. Онно анал эмтэнии кууруһун ааһаллар. Кинилэри кытта психологтар уонна социальнай үлэһиттэр күүскэ үлэлэһэллэр. Реабилитацияҕа бэлэмнээн бараммыт, Кангалаастааҕы реабилитационнай отделениеҕа эмкэ ыытабыт.
– Кангалаастааҕы реабилитационнай отделение үлэтин сэгэтиэх эрэ.
– Үс психологтаахпыт, үс социальнай үлэһиттээхпит, психиатр быраастаахпыт. Сэбиэдиссэйинэн Раиса Ивановна Жульмина үлэлиир, уопуттаах быраас. Арассыыйа үрдүнэн бу реабилитационнай отделение саамай үчүгэй үлэлээҕинэн биллэр.
– Манна хас ый реабилитацияны ааһалларый?
– Үс ыйтан алта ыйга диэри буолуон сөп. 65 куойкалаахпыт. Билигин пандемиянан, эпидемиологическай балаһыанньа уустугурбутунан сибээстээн, хааччахтааһын баар. Онон 65 куойкаттан аҥаарыгар эрэ ыарыһахтары ылабыт. Бүгүҥҥү туругунан 30-ча киһи эмтэниини барар.
–Хантан кэлэллэрий? Төһөтө эр киһиний, төһөтө дьахтарый?
– Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан кэлэн реабилитацияны ааһаллар. Аҥаар аҥаарыгар буолар.
– Улуустарыттан анал направлениенан кэлэр буоллахтара.
– Оннук.
– Бэйэтэ ис сүрэҕиттэн арыгыттан аккастанабын, эмтэнэбин диир киһи эһиэхэ кэлэр дуо?
– Оннуктар кэлэллэр. Аан бастаан стационарга сытыаран, доруобуйатын уопсай туругун бэрэбиэркэлээн, чинчийэн көрөн баран, Кангалааска салгыы эмтэнэллэригэр ыытабыт.
– Реабилитационнай отделениеҕа арыгыттан чөлүгэр түһэриини бара сылдьар ыарыһахтар туох көмөнү ылалларый?
– Манна киирэллэригэр сорохтор адаптацияны ыараханнык, ол эбэтэр туруктарыттан көрөн биир ыйы ааһаллар. Медикаментознай эми ылаллар. Психологтар кинилэргэ анаан социальнай-психологическай көмөнү оҥороллор. Үлэ терапиятын ааһаллар. Ол күҥҥэ 2-3 чаас салҕанар. Сайыҥҥы кэмҥэ тэпилииссэҕэ помидор, оҕурсу олордоллор. Куурусса, коза көрөллөр. Тэлгэһэҕэ сибэкки үүннэрэллэр. Көрбүт-истибит оҕуруоттарын аһа күннээҕи менюларыгар киирэр. Кинилэри кытта үксүн психологтар, социальнай үлэһиттэр дьарыктаналлар. Трениннэр буолаллар. Отделениеҕа спортивнай саалалаахтар, тренажердар бааллар.
–Манна эмтэммиттэр түмүктэрэ хайдах буоларый?
– Статистика даннайынан ылан көрөр эбит буоллахха, 70 %-на үчүгэй түмүктэри көрдөрөр. Биһиэхэ урут манна эмтэммиттэр социальнай консультант курдук үлэлииллэр. Бэйэлэрин нөҥүө билбит буоланнар, тустаах дьоҥҥо сүбэ-ама биэрэллэрэ быдан табыгастаах. Кинилэри Москватааҕы В.П. Сербскэй аатынан национальнай наркологическай научнай институкка ыытаммыт, анаан үөрэттэрбиппит. Онно биир ыйтан үс ыйга диэри үөрэнэллэр. Үһүөн эр дьон.
–Иккистээн төттөрү киирэр түгэннэрэ баар дуу?
– Оннук түгэннэр бааллар. Тоҕо диэтэххэ, арыгылааһын “хоруонньук” ыарыы буолар.
–Реабилитационнай отделениеҕытыгар наркоманнар эмиэ сыталлар дуо?
– 30 % - ра наркоманнар сыталлар. Эр дьон, дьахталлар да бааллар.
– Икки стационаргыт Богдан Чижик уулуссатыгар баар. Ол туһунан кылгастык сэгэтиэҥ дуу...
– Онно икки отделениелаахпыт. Биирэ төлөбүрдээх, 30 куойкалаах. Иккиһэ наркологическай отделение диэн. Ол 80 куойкалаах. Уопсайа 110 куойкалаахпыт. Манна уһаабыта 21 хонук сытан эмтэнэллэр.
–Арыгыттан сэрэтэр-өйдөтөр үлэни хайдах быһыылаахтык ыытаҕытый?
– Оскуолалартан саҕалыыбыт. Үөрэнээччилэргэ анаан психиатр-наркологтар миэстэтигэр тиийэн арыгы, наркомания тиэмэтигэр лекция ааҕаллар. Оскуолалар эрдэ сайаапка түһэрэллэр.
– Анал идэлээх быраастарынан хааччыллыыгыт хайдаҕый?
– Үөрэхтэрин бүтэрбит психиатр-наркологтар үлэлии кэлэллэр. Ол эрэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ылан көрөр эбит буоллахха, психиатр-нарколог быраастар улуустарга тиийбэттэр.
– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн наркотик балаһыанньата хайдаҕый?
– Кэлиҥҥи кэмҥэ ыччат ортотугар наркотигы туттуу элбээн эрэр. Ол курдук, 1995-1997 сыллардааҕы төрүөх ыччаттар ортолоругар наркотигы туттуу элбээбитин аһаҕастык билиниэххэ наада. Синтетическэй наркотик көрүҥэ аһара дэлэйдэ. Ыччат интэриниэт нөҥүө наркотигы атыылаһар буолла. Биир түүн иһигэр биһиги диспансербытыгар 3- 4-5 наркотикка сутуллубут ыччаты тутан аҕалаллар. Аны үгүстэрэ кыанар ыал оҕолоро буолаллар. Кэпсэтэн биллэххэ, төрөппүттэрэ наар үлэҕэ сылдьаллар. Оҕолоругар болҕомтолорун уурбаттар. Төрөппүттэргэ анаан этиэм этэ, оҕолоргутугар бириэмэҕитин анааҥ. Наркотикка ылларыы омугуттан, итэҕэлиттэн, социальнай статуһуттан тутулуга суох.
Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер биэрбит даннайыгар олоҕуран, Саха сирин үрдүнэн арыгыга, наркотикка ылларбыт дьон ахсаана:
2018 сыл – 21 43 киһи
2019 сыл – 20 406 киһи
2020 сыл – 16 444 киһи.
Дьокуускай куорат үрдүнэн арыгыга ылларыы:
2017 сыл – 6 621 киһи
2018 сыл – 6 122 киһи
2019 сыл – 6 405 киһи
2020 сыл – 6 441 киһи.
Киин куорат үрдүнэн наркотикка ылларбыт дьон ахсаана:
2017 сыл – 390 киһи
2018 сыл – 377 киһи
2019 сыл – 391 киһи
2020 сыл – 395 киһи.
Арыгыттан сылтаан буруйу оҥоруу аҕыйаабыта бэлиэтэнэр
Олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарын департаменын информациятынан (2021 сыл, кулун тутар 25 күнэ):
Сахабыт сиригэр кэлиҥҥи сылларга дьахталлар уонна ыччат арыгыга ылларыыта элбээбитэ дьиксиниини үөскэтэр. Ол курдук, арыгыттан сылтаан буруйу оҥоруу аҕыйаабытын, өлүү-сүтүү аҕыйаабатын туһунан кырдьыктаах информациялар ону туоһулууллар. Улуустарга, нэһилиэктэргэ арыгыны бобуу үлэтэ күүскэ ыытыллар. Бу ордук Чурапчы, Таатта, Хаҥалас, Абый, Муома улуустарыгар бэлиэтэнэр. 13 улууска чөл олох пууннара тэриллэн, нэһилиэнньэ ортотугар арыгыны иһии, буруйу оҥоруу суоҕун кэриэтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ис дьыала министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, 2020 сылга буруйу оҥоруу намтаабыта бэлиэтэнэр. Статистика көрдөрөрүнэн, буруйу оҥоруу барыта арыгыны иһииттэн саҕаланар.
Ааспыт сылга 6248 суоппар арыгыны иһэн баран, ГАИ үлэһиттэринэн тутуллубуттар. Онтон 951 суоппар иккистээн арыгы иһэн баран тутуллубут. 671 суоппарга административнай кэһии булуллубут.
2020 сылга арыгыны сокуоннайа суох эргинии түмүгүнэн, 265 киһи тус эппиэтинэһи сүкпүт.
Арыгылааһын түмүгүнэн суут көрүүтүгэр 23 холуобунай дьыала бэриллибит. Ааспыт сылга сокуону кэспит 42541 киһи административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт. Полиция үлэһиттэринэн, саастарын ситэ илик оҕолор ортолоругар арыгыны боруобалааһын 414 түбэлтэтэ тахсыбыт. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 490 рейдэ ыытыллыбыт. Ол иһигэр Дьокуускай куоракка 125 рейдэ оҥоһуллубут. Манна арыгыны атыылыыр 226 предприятие бэрэбиэркэҕэ хабыллыбыт.