04.09.2021 | 11:30

Артыыстар сайыннарын хайдах атаардылар?

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Эмиэ биир сайын элэс гынан ааһа оҕуста. Артыыстарбыт, ырыаһыттарбыт сайыннарын хайдах атаардылар? Ханна сынньаннылар, тугу ситистилэр? Бу ыйытыктарга хаһыаппыт артыыс доҕотторун санааларын билиэҕиҥ.

Уля Сергучева – Күннэй, ырыаһыт:

- Сайыммын уордарбыт курдук туруктаахпын, арааһа, мин эрэ буолбатаҕым буолуо. Быйыл күүскэ турбут баһаардартан сылтаан сайын үтүөтүн билбэтибит. Ол эрэн буруо өрө туруон иннинэ үс күн Аммаҕа баран эбэнэн уһуннум, сынньанным, күүс-уох иҥэринним. Сайыным үлэ үөһүгэр ааста.

 

Анастасия Петрова, Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа:

- Сыл ахсын оттоон, сир астаан, айылҕаны кытта чугастык алтыһан атаарар буоларым. Быйыл оҕо күүтэр дьолго тиксэммин сайыммын олох уратытык атаардым. Ол да буоллар, Сахабыт сирин баар-суох биир кэрэ кэмин мүччү туппакка, өрүскэ балыктаан, сөтүөлээн, айылҕаҕа тахсан сынньанным. Сайыҥҥы уоппускам кэмигэр куруук бэйэбэр тугу эрэ саҥаны арыйа, билэ-көрө, оҥоро сатыыбын. Онон быйыл биир сиргэ олорорбунан туһанан, урут-уруккуттан баҕарар баҕа санаабын толордум. Шарнирнай куукула оҥорорго үөрэнним, хаһан да таҥас тигиитинэн дьарыгырбат киһи куукулаларбын таҥыннарыам этэ диэн иистэнэргэ үөрэнэн саҕалаатым. Быыччык, ыарахан, элбэх бириэмэни сиир да буоллар, түмүгүн көрөн киһи олус дуоһуйар, астынар. Бэйэҥ хайдах баҕараргынан оҥорон таһаарар олус интэриэһинэй.  Бу курдук быйылгы сайыным олус сынньалаҥнык ааста.

 

Александр Бурнашев, артыыс:

- Быйыл сайыммыт олус интэриэһинэйдик ааста. Маҥнай дойдубутугар – Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар тахсан сайылыкка сылдьыбыппыт, онтон сайыммыт аҥаарын Египеккэ, Кыһыл муораҕа атаардыбыт.  Арассыыйа киин куораттарын өссө биирдэ көрдүбүт. Ол курдук, Санкт-Петербург уонна Москва араас музейдарыгар, театрдарыгар сырыттыбыт. Сайын үчүгэйин, кэрэтин оҕолорбутугар көрдөрө сатаатыбыт диэн астынныбыт.

 

Юрислав Гольдеров, эдэр ырыаһыт:

- Сайыным миэхэ сүрдээх туһалаахтык, үчүгэйдик ааста. Уоппускаҕа бэс ыйыттан барбыппыт. Дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн үлэлээн, түбүгүрэн үлэбэр тахсарым номнуо кыра хаалла. Уоппускам саҕаланыаҕыттан улуус киинигэр, убайбытыгар саҥа гараж тутан саҕалаабыппыт. Этэҥҥэ үлэлээн, түмүктээн тутан таһаарбыппыт. Ол кэннэ үгэс быһыытынан оттоотум. Оҕо эрдэхпиттэн сайыным ходуһаҕа ааһар. Соҕуруу сынньана барар толкуй да, өй да суох курдук. От бөҕөтө туруордубут, сир аһын хомуйдум, балыктаатым. Быйыл кураан дьыл туран биэрэн, от үүнүүтэ быстар мөлтөх. Ол да буоллар, уон оту туруордубут. Кыһынын сылгыбыт, ынахпыт сыл тахсар ини диэн эрэллээхпит.

Дойдубар сайылаабычча, төрөппүттэрим дьиэлэрин таһыгар баар хаһаайыстыбаны барытын көрдүм-харайдым. Дьиэбитигэр саҥа ититии систиэмэтин оҥордубут. Хас иккис тыа сирин ыалыгар тэлгэһэ үлэтэ бүппэт буоллаҕа. Ийэбин кыстыгар бэлэмнээн, уутун-хаарын, сылааһын барытын хааччыйан баран биирдэ куоракка барабын. Уонна сайыны быһа массыына өрөмүөннээтим, аҕам бокуонньук массыыната уһун баҕайытык көрүллүбэккэ турбута. Ону чөлүгэр түһэрэн, хаһаайыстыбаҕа атах гынныбыт.

 

Екатерина Хоютанова, киинэ уонна театр артыыһа:

- Сайыммытын олус туһалаахтык атаардыбыт. Уоппуска кэмигэр кэргэним дойдутугар – Чурапчы улууһун Үрэх Күөрэҕэр тиийэн оттоспуппут. Биһиги манна сайын аайы тахсан хаптаҕастыыбыт, дьэдьэнниибит, моонньоҕоннуубут. Оттоон бүтэн, сир астаан баран, мин дойдубар Мэҥэ Хаҥаласка тахсабыт. Эбээбит оҕуруот бөҕөтө олордор, ону көрөбүт-истэбит. Бу сайын Алексей Михайлов киинэтигэр уһулуннум, режиссер – Роман Дорофеев. Онно кыыс оруолун оонньоотум. Атырдьах ыйыгар Аммаҕа тиийэн Степан Бурнашев «Айта” диэн саҥа киинэтигэр уһуллан кэллим. Инньэ гынан, сайыммыт сэргэхтик ааста. Кэргэним Дима номнуо үлэтигэр тахсан, Владивосток куоракка театрынан бэстибээлгэ кытта сылдьар. Саамай үөрүүлээх түгэммит, ситиһиибит – кэргэним “култуура туйгуна” буолла. Кини ситиһиитигэр мин эмиэ үөрэбин. Мантан күһүн кыратык отоннуом, дьиэ өрөмүөннүөм уонна үлэбэр тахсабын.

 

Наталья Слепцова-Корякина, киинэ уонна театр артыыһа:

- Урут сайыны олох сөбүлээбэт этим. Олус куйааһыттан уонна үөрэх, үлэ дьыла тохтууруттан. Күһүнү ордук сөбүлүүр этим. Салгынын уонна үлэ саҕаланарын кэтэһэрим. Оттон бу сайын төһө да Саха сиригэр ыараханнык аастар (ыарыы, баһаар, буруо быыһыгар, ыраас халлаана суох) миэхэ хаһан да буолбатах, дьикти, үчүгэй сайын ааста. Тоҕо диэтэххэ быйыл сайын кэтэһиилээх түгэммит үүннэ – саҥа, чааһынай дьиэбит күлүүһүн ыллыбыт. Ол – сүрүн үөрүүм. Маны сэргэ, умнуллубат түгэн элбэх. Кэргэмминиин бииргэ олорбуппут уон сылын бэлиэтээбиппит, доҕоттор төрөөбүт күннэрэ, сайыҥҥы сынньалаҥ, өрөмүөн үлэтэ. Өссө биир сонунум – киинэҕэ уһуллуу. Манна даҕатан эттэххэ, киинэҕэ уһуллубатаҕым номнуо биэс сыла буолбут эбит. Ахтыбыппын аҕай. Чэ, кылгастык кэпсээтэххэ, сайыным ити курдук ааста.

 

Татьяна Легантьева, Саха театрын артыыһа:

- Мин кэлэр кэскили кэтэһэ сылдьар буоламмын, ханна да барбатым-кэлбэтим. Хайдах эрэ хааччахтаах соҕус буолан уонна сэрэхэчийэн даҕаны, ыалдьымаары даачаҕа, дьиэбэр олордум. Ол оннугар ийэм уонна аҕам кэлэн балыыһаҕа доруобуйаларын көрдөрүннүлэр. Бииргэ төрөөбүт быраатым дьиэ кэргэнэ ыалдьыттаан барда.

Иккис сылбытын даача куортамнаан сайылаатыбыт. Манна оҕуруот аһын арааһыттан олортубут. Малина, дөлүһүөн кыратык хомуйдум уонна сэмээр күһүҥҥү дьаарбаҥканы кэтэһэбин. Өссө маны таһынан дьиэ кэргэммитин кытта хаартыскаҕа  түстүбүт.

 

Кылаан Кындыл, урбаанньыт, меценат, ырыаһыт:

Улахан интэриэһинэйэ суохтук ааста. Дойдум умайа турарын иһин сайын устата баһаардарга сырыттым. Ол быыһыгар тутуунан дьарыгырдым уонна кыра бириэмэ көстүбүтүгэр, истиҥ истээччилэрбэр саҥа ырыалары бэлэмнээтим.

 

Ольга Егорова–Ника, Эстрада театрын ырыаһыта:

Сайыммын дойдубар – Бэрдьигэстээххэ атаардым. “Манчаары оонньууларыгар” сырыттым, күрэхтэһиилэри көрдүм, ыллаатым. Хаһан даҕаны Күрүлүүргэ сылдьыбатах киһи быйыл сайын, дьэ, көрдүм. Аммаҕа биир күн сынньанан кэллим. Сайын үлэ үгэнэ буолан, үлэҕэ эриллэн атаардым.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...