21.06.2020 | 16:10

Арт-эбийиэк көҥүл буолуохтаах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өлүөхүмэҕэ, Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах Аанньаах хочото диэн сиргэ бэрт соторутааҕыта таһаҕастаах аты арт-эбийиэк быһыытынан оҥорбут хаартыскалара бассаабы  толордо.  Онно өрөспүүбүлүкэбит талааннаах дьоно Николай уонна Егор Огонеровтар үлэлээтилэр. Бүгүн тарбахха баттанар биир талааннаах  скульпторбыт Николай Огонеровтыын кэпсэтэбит.

ТӨРҮЧЧҮ

Төрүччүм Өлөөһөлөр диэннэр. Бары Таатта Кыйытыгар төрөөн-үөскээн ааспыт дьоннор. Халыҥ аймахпыт. Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, хаан аймаҕа буолабын. Оҕо сааһым Кыйыга ааспыта. Ийэм Чөркөөх, аҕам –  Тыараһа.

Бэйэм Таатта улууһун Чычымаҕар төрөөбүтүм, бастакы кылааска Харбалаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Онтон Кыйы дэриэбинэтигэр көһөн кэлбиппит. Үрдүкү кылаастарга Харбалаахха үөрэммитим. Онно художественнай оскуолатын бүтэрбитим, уһуйааччым Еремей Наумович Малышев буолар. Учууталым, талааммын таба көрөн, дьаныардаахпын билэн, Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа туттарыс диэн сүбэлээбитэ. Онно түөрт төгүрүк сыл үөрэммитим, икки сыл сулууспалаан, Ийэ дойдубар ытык иэспин төлөөн кэлбитим. Үөрэҕим таһымын үрдэтээри, Красноярскайга алта сыл үөрэнэн, үрдүк үөрэхтээх специалист буолбутум. Ол саҕана Красноярскайга талааннаах ыччаты Академияҕа үөрэххэ ылбыттара. Ол иһигэр киирэммин эбии үс сыл Уһук Илин  уонна Сибиир уокуруктарын художественнай Академияларыгар үөрэммитим. Инньэ гынан Красноярскайга  тоҕус сыл үөрэммитим. 1996 сылтан Нам педагогическай коллеһыгар преподаватель быһыытынан үлэлиибин. Ыстааһым сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар оройуонугар үлэлии тиийдэхпинэ, үөрэппит оҕолорбун куруук көрсөбүн.

ТААТТАБАР ЭЛБЭХ ЭБИЙИЭК

Төрөөбүт дойдубар Тааттабар баһаам элбэх тутууну оҥорбуппут. Ол курдук, Илларион Федосеев, Алампа, Өксөкүлээх пааматынньыктарын чочуйан туруорбутум. Киирэр аартыкка Ойуунускай «Ньургун Боотур» монуменын оҥорбутум. Киһи бачча диэн аахпат эбит. Кыра кээмэйдээх эбийиэктэр, тутуулар баһаам элбэх буоллахтара.

ДЬИЭ КЭРГЭН

Красноярскайга үөрэнэ сылдьаммын, медицинскэйгэ үөрэнэ сылдьар кыыһы кытта билсэн, кэргэн ылбытым. Билигин үс оҕолоохпут. Оҕолорбут улахан дьон, икки сиэннээхпит. Улахан уолум чааһынай тэрилтэҕэ үлэлиир. Икки кырам устудьуоннар. Кыыһым медицинскэй институкка, уолум математика уонна информатика институтугар программист идэтигэр үөрэнэр.

ИДИЭЙЭЛЭР ТУРУКТАНЫЫЛАРА

Үлэбин бастаан саҕалыырбар араас хабааннаах идиэйэлэр, толкуйдар киирэллэр. Киһи мээнэ, сынньана да олордоҕуна араас санаалар көтөн түһэллэр. Ол идиэйэлэрбин бастаан эскиискэ түһэрэбин, онтон быласталыынынан тутан-хабан оҥоһуктарбын оҥоробун, дьэ, онтон матырыйаалга кутаммын тилиннэрэбин. Мин үксүн боруонсаны кытта үлэлиибин. Ону Улан-Удэҕэ куттарабын.

САХАЛЫЫ КУТ

Саха киһитэ буоларым быһыытынан сахалыы үгэскэ ураты, истиҥ сыһыаннаахпын. Оҕо эрдэхпинэ куруук кинигэ аргыстаах, тутуурдаах сылдьарым. Саха суруйааччылара суруйан хаалларбыт айымньыларын барытын аахпытым. Элбэх кинигэни, литератураны ааҕаммын сахалыы куттаахпын дии саныыбын. Үксүн сахалыы тиэмэлэри ылса сатыыбын. Былыргы да буоллун, аныгы да буоллун тилиннэрэ сатыыбын. Былыргыны оҥорор буоллахпына, миэхэ саха литературатын айымньыларыгар кэпсэммит оҥоһуктар күүс-көмө буолаллар. Ханнык баҕарар скульптор чопчу тиэмэ диэҥҥэ ылсыбата буолуо. Миэхэ, холобур, харахпар туох көстөн кэлбитин, тугу оҥоруохха сөбүн көрөммүн оҥоробун. Харахпар ойуулаабыппын салгынтан ыламмын, өйбөр сааһылаан  олоххо киллэрэр соруктаахпын.

ХАС БИИРДИИ ОҤОҺУККА ТУСПА ЭНИЭРГИЙЭ

Оҥоһуктарбар атын-атын эниэргийэ бэриллэр. Скульптор манна бэйэтин ис санаатын, тугу толкуйдуу сылдьарын, тугу баҕарбытын ойуулаан таһаарар кыахтаах. Оннооҕор бу оҥоһук ааптара хайдах киһитин билиэххэ сөп. Арыт-ардыгар оҥоһук бэйэтэ да арыйан, кэпсээн биэрэр үгэстээх. Хас биирдии айымньылаах үлэбэр саха норуотун духуобунай уонна материальнай нэһилиэстибэлэрин киллэрэ сатыыбын. Мин оҥоһуктарбар бэйэм эниэргийэбин, ис санаабын, турукпун  уурабын.

Үлэ араас кэмтэн, бириэмэттэн тутулуктанар. Сороҕор түргэнник, ардыгар бытааннык. Эбийиэк хамсаныытын, характерын табарга элбэх бириэмэ барар. Иэйииҥ хайдах киирэриттэн тутулуктаах. Оҥоһугуҥ төбөҕөр баар, ону олоххо киллэрэр арыый уһун кэми ирдиир. Тупсуон да сөп, мөлтүөн да сөп. Санаабытыҥ курдук буолбат.

«БААҺЫНАЛААХ ӨЛҮӨХҮМЭ» ТУҺУНАН...

Бу эбийэккэ быраатым Егор Гаврильевич Огонеровтыын үлэлээтибит. Быраатым эмиэ скульптор идэлээх, мин кэннибиттэн Красноярскайга үөрэнэн кэлбитэ. Туох-баар үлэбитин барытын иккиэн бииргэ ылсабыт. Бу сырыыга Өлүөхүмэҕэ эбийиэкпитин кэмигэр туттардыбыт. Билиҥҥитэ «Пашенный Олекмы» диэн ааттыыллар. Былыр, дьиҥэ, Өлүөхүмэҕэ итинник аттар бааллар үһү. Улахан, бөдөҥ аттар сири хорутарга, уу таһыытыгар үлэлээбиттэр. Билиҥҥи ыһыах буолуохтаах сирэ барыта бааһына эбит. Уопсайынан, Өлүөхүмэ сүрдээх сайдыылаах дойду эбит. Кинилэргэ уруккуттан эргиэн баара, элбэх дьон  олорон ааспыт сирдэрэ. Оннооҕор тэбиэннээх омуктар кэлэннэр, атыы-тутуу буолан, эргинэн барар сирдэрэ. Өлүөхүмэ историятын, тэриллиитин барытын олохтоох музейга сылдьан үөрэппиппит, аттарын эмиэ көрбүппүт. Бу арт-эбийиэк буолар. Ол аата худоһунньук уонна скульптор бэйэлэрин баҕаларынан тиһиилэрэ буолар.

Ыһыах сирин  барытын Яроевтар оҥоруохтаахтар этэ. Быйыл саас миэхэ эрийэн, ити скульптураны оҥор диэбиттэрэ. Бастакы эскииһэ чыҥха атына, бүтэһигин Юрий Яроев оҥорбута. Ону биһиги көрөн баран, кыратык уларытан оҥордубут. Аныгы үйэҕэ саҥалыы тыыннаах арт-эбийиэк хайаан да баар буолуохтаах дии саныыбын. Бу ат кыра-кыра буруус мастан турар, бэйэ-бэйэтигэр саморезтарынан туттарылла сылдьар. Пиксельтэн таҥан оҥордубут. Барытын биир-биир килиэйдээн, холбоон, кээмэйдээн, үйэлээх буоллар ханнык диэн оҥордубут. Аан бастаан каркаһын уонна ис барылын таһаарбыппыт. Үс күн оҥордубут. Бэлиэтээн этэр буоллахпына, маннык эбийиэги өрөспүүбүлүкэҕэ ким даҕаны оҥоро илик.

МАЙГЫННЫЫР ДИИР КЫАХ СУОХ

Владимировка таһыгар “Священный табун мифических лошадей” диэн арт-эбийиэккэ сүүстэн тахса ат баар. Манна худуоһунньук хараҕынан сүрүннээн оҥоһуллубут диэн көрөбүн. Маннык эбийиэги туохтан барытыттан оҥоруохха сөп. Талахтан да, тимиртэн да, кумааҕыттан да... Ол эрэн киһи туох да диэбэт, ааптар ис туруга, санаата ханна сытарынан оҥоһуллуннаҕа дии. Арт-эбийиэк көҥүл буолуохтаах. Бу аттар талахтан буоллахтарына, биһиги матырыйаалбыт олох атын. Онон майгыннаһар диир кыахпыт суох.

БИИРИ ДА ЧОРБОППОППУН

Бэйэм оҥорбут үлэлэрбин биири даҕаны улаханнык чорбоппоппун. Табылыннар ханнык диэн санаалаах үлэлиибин. Барыта табыллар курдук. Чопчу бу үлэ үчүгэй, атыттардааҕар быдан тупсаҕай оҥоһуулаах диэн биири да этэр кыаҕым суох.

БАҔА САНАА

Баҕа санаам олус элбэх. Аны түөрт сылынан бу кэмҥэ диэри үлэлээбит оҥоһуктарбынан бэйэм быыстапкабын тэрийиэхтээхпин. Бастакы быыстапкабын 50 сааспар оҥорбутум. Биир баҕа санаам  диэн Туймаада хочотугар, Дьокуускай куорат ортотугар кэнники өйдөбүнньүк курдук хаалар гына, биир улахан сакаас ылан, пааматынньык туруоруохпун баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...