Ардах уутун аһардар ситим – сүрүн сорук
«Водоканал» АУо үлэһиттэрин иннигэр 2023 сыл түмүктэринэн отчуотугар баһылык Евгений Григорьев чугастааҕы кэмҥэ ардах уутун аһардар ситими тутуу куорат биир сүрүн соруга буоларын бэлиэтээтэ.
Евгений Григорьев маны сэргэ куорат маастар-былаанын, национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ тохтоото.
«Дойду баһылыга Владимир Путин Дьокуускай куорат 2030 сылга диэри сайдыытын маастар-былаанын өйөөбүтэ – дьоһун суолталаах историческай түгэн. Ол түмүгэр биһиэхэ уопсайа 450 млрд солкуобай кэриҥэ суумалаах бөдөҥ социальнай, инженернэй уонна тырааныспар инфраструктуратын эбийиэктэрэ тутулллуохтара»,– диэтэ Евгений Григорьев.
Дьокуускай куорат маастар-былааныгар Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста, ардах уутун сүүрдэр ситим тутуута, халаан уутуттан харыстыыр тутуулар, бөх ыстаансыйата киирбиттэрин тоһоҕолоото. Маны сэргэ социальнай эбийиэктэри тутуу, уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин уларытыы, уулуссаны сырдатыы салҕанарын бэлиэтээтэ.
«2024-2026 сыллар Дьокуускай куоракка Инфраструктураны сайыннарыы үс сылынан биллэрилиннилэр. Ол аата инники үс сылга биһиги уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин тупсарыыга, газификацияҕа, ардах уутун сүүрдэр ситими оҥорууга, куорат ханаалын инфраструктаратын сайыннарыыга, уулуссалары сырдатыыга сүрүн болҕомтобутун ууруохтаахпыт»,– диэтэ Евгений Григорьев.
Отчуот кэнниттэн «Водоканал» үлэһиттэрэ тиэргэн өрөмүөнүгэр, хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ, саахалланар туруктаах хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ, оптуобустар маршруттарыгар сыһыаннаах ыйытыылары биэрдилэр.