21.07.2022 | 13:20

Арай биирдэ ойуурга

Фельетон
Арай биирдэ ойуурга
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

🌳Биирдэ ойуурга улахан иэдээн буолла. Таһынааҕы дэриэбинэттэн Сүрэҕэ суох Хаппытыан киирэн 9 тиити кэрдэн кэбистэ.

🪵Ити Хаппытыан сүрэҕэлдьээн дэлээнэҕэ барбатах буолуохтаах, оттор маһа бүтэн күрүөтүн баҕанатын эрбээн эрэр сурахтааҕа. Аны бу уоран кэрдибит тииттэрин халлаан суһуктуйуута салаасканан тиэнэн барар идэлэннэ. Дьэ, дьаабы буолбаат.

🐿🐰🐭🦊🦉🦆🐺

Ойуур кыыллара айманнылар, суһаллык мунньахха муһуннулар. Бастаан тииҥчээннэр ытаатылар - Хаппытыан кэрдибит тоҕус тиититтэн үһүгэр кинилэр уйаланан олорбуттар эбит. Туох баар астарын саппаастара, сылаас ньээкэ уйалара биирдэ Сүрэҕэ суох эрбиитин анныгар күр гынна. 

🐇Тииттэр сууллан түһэллэригэр Куобахтар уйалара кытта эмсэҕэлээбит, мутугун Хаппытыан онно тамнааттаабыт.

🐞Онтон тоҥон бабыгыраспыт хомурдуостар трибунаҕа таҕыстылар. Кинилэр кыһыҥҥы ууларыттан уһукталлара өссө балтараа ый баара. Бу алдьархай ааҥнаабытыгар утуйа сыппыт, хорҕойбут сидэриттэн таах таммаластылар, нэһиилэ быыһаннылар. Аны хайдах күөх окко диэри тиийэллэр?

🦌Кыыллар  бу эргин ойуурга кылаабынайынан талыллыбыт Тайаҕы ыҥыран аҕаллылар. Тайах бастаан "ээ, чэ, аҕыйах мас охтубутун аайы ыҥырдаххытый" диэн көрдө. Онтон мунньахха кыттыһан, уйата суох хаалбыт тииҥнэри аймахтаргытыгар дьукаахтаһыҥ диэн дьаһайда. Ону тэҥэ кыыллар ким туох кыахтааҕынан эриэхэ, хаппыт тэллэй хомуйан Саһылга туттарыҥ, кини туга да суох хаалбыттарга түҥэтиэҕэ диэн дьаһайда. Оттон хомурдуостар дьылҕалара салгыҥҥа ыйанна. Кинилэр кыыллар буолбатахтарынан сибээстээн, көмөнү эрэннэрбэтилэр, ол эрэн аһынан атын уйаларынан үллэһиннилэр. Баҕайылар саатар бытарыһан элбэхтэрэ да бэрт эбит.

🐻Оннук дьаһанан букунаһа сырыттахтарына, халыҥ тайҕаттан муҥур тойонноро Эһэ иһэрин туһунан сонуну аҕаллылар. Кини киһи мээнэҕэ ыарахан эмэһэтин хоҥнорон арҕаҕыттан тахсыбатах буолуохтаах. Арааһа нэһилиэк таһынааҕы сыбаалкаттан тугу эмэ тиҥсиринээри, эбинээри, таарыччы норуотун көрсөөрү гыннаҕа. 

🍃Бачча иэдээҥҥэ аны онно бэлэмнэнии буолла. Син онтуларын-мантыларын өрө тардыннылар, кыттыһан ас бэлэмнээтилэр, хонор ороҕун тэрийдилэр. Халыҥ тайҕаттан хааман кэлбит Эһэ үссэниэ, сыта түһэн сынньаныа буоллаҕа.

👊🏻Тойон Эһэ икки атахтаах дьалаҕайыттан эмсэҕэлээбиттэргэ биэстии бэс туорааҕын, дьиэлэрэ алдьаммыт куобахтарга уоннуу улахан тэллэйи, туга да суох хаалбыт тииҥнэргэ сүүрбэлии кедр эриэхэтин кэһии гынан аҕалбыт. Хаһан да босхо эриэхэҕэ тиксибэтэх тииҥнэр үөрээхтээтилэр. Куобахтар аатыгар эрэ махтаннылар, кинилэр тэллэйи улаханнык аччыктаатахтарына сиэччилэр. Бэс туорааҕар тиксибиттэр олох да тылларыттан маттылар, таах сибиэ Эһэни көрсөр тэрээһиҥҥэ аһынан кыттыспыттарын өйдөөн кэмсиннилэр.

👊🏻Эһэ кэлэн: 

 ⁃ Хоромньуну түргэнник туоратарга!

 ⁃ Туга да суох хаалбыттары өйүүргэ!

 ⁃ Хаһааҥҥытааҕар да күүстээх буоларга!

 ⁃ Ойуурга араас быһылаан тахсара элбээбитинэн, маннык түгэннэргэ туттуллар Пуонданы тэрийэбит, бука бары аһынан-таҥаһынан кыттыһан сыл аайы Саһылга туттараҕыт! 

- Сүрэҕэ суох Хаппытыаннартан сэрэтии үлэтин ыытарга - тииттэргэ сиртэн киһи үрдүгүн саҕа гына үрдүктээх тимир курбуулары оҥорорго!

 ⁃ Хомурдуостары, кинилэр кыыллар буолбатахтарынан сибээстээн, вообще суоҕунан ааҕарга! - диэн уураахтары таһаарда уонна сып-сап хомунан барда.

🍄Кыыллар саҥата суох кэҕиҥнээтилэр. Кэбис, утарыластахтарына Эһэ кинилэри киһилээбэт, таах тырыта-хайыта тыытар. Онон бардын эрэ диэн барытыгар сөбүлэһэн истилэр. 

✊🏻Этэҥҥэ өрүттэн, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, куобахтар орохторун сөргүттүлэр, тииҥнэри саҥа тииттэргэ көһөрдүлэр, хомурдуостары сайыҥҥыга дылы тоҥон өлбөтүнэр диэн бэйэлэрэ үллэһиннилэр.

✊🏻Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ! Түмсүүлээх буоллахха ханнык да алдьархайтан самныбаккын.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...